Муома алын сүһүөх оскуолатыгар «Сахалыы сурук — бичик » күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр салгыы ыытыллаллар: кылаас чаастара, олимпиадалар, музейнай уруоктар, хоһоон ааҕыытыгар күрэхтэр, «Аман өс» , уолаттарга саха оонньууларыгар күрэхтэр.
4 А кылааска саха тылыгар аналлаах кылаас чааһын оскуола библиотекатын үлэһитэ Сандаара Семеновна, музей салайааччыта кыттыһан ыыттылар. Оҕолор бу уруокка С.А Новгородов олоҕун , үлэтин кытта билистилэр. Сахалыы ребустары, таабырыннары таайдылар. Сахалыы тыллар суолталарын быһаардылар.
Маны таһынан учууталлара Майя Григорьевна үөрэппит чабырҕаҕын бары кылааһынан эттилэр. Манна даҕатан эттэххэ, Майя Григорьевна үөрэтэр 4 А кылааһа быйылгы үөрэх сылыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи, оройуоннааҕы, оскуола иһинэн ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Кылаас чааһын түмүгэр Сандаара Семеновна оҕолорго барыларыгар » Открывая книгу с первыми» диэн Бүтүн Арассыйатааҕы аахсыйа сэртипикээтин туттарда.
Антонина Слепцова.