САХАЛЫЫ САҤАРАБЫТ

Саха телевидениетыгар «Талбан» диэн биэриигэ быыс-быыс киһи «һык» гынара баар буолааччы. Биир биэриигэ түөрт омук «кыргыттара», национальнай таҥастарын таҥнан киирдилэр. Көрүөххэ сүрдээх үчүгэй. Кэрэспэндьиэн тылын кыбыппакка, аҥардас бэйэлэрин тылларынан тугу кэпсииллэрин сүһэн ыллым.

Маҥнайгынан, Хаҥаластан кэлбит нуучча «кыыһа» Ирина Стрекаловская тылы ылла:

‒ Мин былыргы дьаамсыктартан силис тардабын, ол да буоллар сахалыы саҥарабын, – диэтэ толору нууччалыы хааннаах-сииннээх, таҥастаах-саптаах сааһыран эрэр толуу-мааны нуучча дьахтара. Нууччалыы саҥарыа дии санаабытым, туох да акцена суох, дьиҥ ыраастык сахалыы саҥаран соһутта. Сорох саха дьахталлара сатаан сахалыы саҥарбакка, нууччалыы-сахалыы булкуйан, хайа омук буоларын быһаарбат да буолаҕын. ‒ Биһиги бары сахалыы саҥарабыт, нууччалыы да ыраастык саҥарабыт. Биэс оҕолоохпун. Бары нууччалыы саҥара үөрэммиттэрэ, ол эрэн улахан оҕолорум улаатан иһэн сахалыы саҥарар буолбуттара. Онон кыраларым улааттахтарына, эмиэ сахалыыга көһөллөрө буолуо.

Мин эбэм нууччалыы билбэт этэ, ол иһин оҕолорбун нууччалыы ииппитим. Биирдэ оҕолорбун сахалыы мөҕөрбүн истэн кэргэним: «Саха тыла мөҕүллүү тыла буолбута дуо?» – диэбититтэн ыла нууччалыы мөҕөр буолбутум. Мин икки тылы билиим-сүрүм  баайым дии саныыбын. Саха сирин хайа баҕарар муннугар тиийдэхпинэ, хайа баҕарар тылынан кэпсэтэбин, ол иһин миигин сэргииллэр, убаастыы көрөллөр. Саха тыла биһиги иккис төрөөбүт тылбыт буолар.

Сэрии кэнниттэн биһиги хаан аймахпыт Болгарияҕа үлэлии хаалбыта. Хас да сыл буолан баран, биһигини ыҥырбытыгар бара сылдьыбыппыт. Үчүгэйдик үлэлии сылдьар этэ. Саха тылын умнубатах этэ, балкоҥҥа тахсан ытаабыта: «Сахам тылын ахтан бөҕө, манна ким да сахалыы саҥарбат, радио да саҥарбат, сахалыы хаһыат да суох. Олус чуҥкуйабын», – диэхтээбитэ.

Эмиэ итинник төһө да уһуннук Саха сириттэн тэйэ сырыттар, генерал Притузов сахатын тылын умнубатах этэ. Кинилэргэ ол курдук саха тыла күндү.

Биһиги «Любовь моя ‒ якутская» диэн сылын аайы ыытыллар фестиваллаахпыт. Онно сахалыы ырыаны, үҥкүүнү толоробут. Онон икки тылы өрө тутан эйэлээхтик олоробут. Былыргы дьаамсыктартан хаалбыт, бэйэбит ураты кэтэр таҥастаахпыт, – диэн Ирина Стрекаловская туран көрдөрөр. – Манна биир уратыбыт диэн, түөскэ кэтэр киэргэллээхпит. Маны дьахтар эрэ кэтэр. Кини биһигини харыстыыр аналлаах, – дии-дии түөһүгэр кэппит киэргэлин имэрийэн ылла.

Иккиһинэн, Сунтаарга олорор начаалынай кылаас учуутала, бүрээт кыыһа Нина Петрова тылы ылар. Акценнаах да буоллар үчүгэйдик, киһи өйдүүр гына сахалыы саҥарар:

– Миигин сахалыы саҥарарга үөрэтэр оҕолорум үөрэппиттэрэ, оттон мин кинилэри нуучча тылыгар үөрэтэбин. Онон хардары-таары бэйэ-бэйэбитин үөрэтиһэбит.

Дойдубар хоту-соҕуруу бүрээттэр диэҥҥэ арахсабыт. Тылбыт саҥарарбытыгар да, суолтатыгар да уратылаах буолан тута өйдөһөөччүбүт суох. Итэҕэлбит ‒ буддийскай, онон ханнык баҕарар буддийскай храмҥа киирэн Буддаҕа үҥүөхпүтүн-сүктүөхпүтүн сөп. Ону таһынан, эмиэ маҥнайгы курдук, саҥа дьылы көрсүү, окко киирии курдук бырааһынньыктардаахпыт. Онно уонна да атын бырааһынньыктарга буузы диэн национальнай аспытын буһаран дьоҥҥо амсатааччыбыт. Ону сорохтор поза эҥин диэн сыыһа саҥараллар. Оҕолорбун үс тылынан үөрэтэ сатыыбын да, улахан ситиһии суох. Саха сиригэр хоролор диэннэр баалларын истэн аймаҕыргыы саныыбын. Биһиэхэ хоро бүрээттэр диэннэр бааллар. Баҕар, былыр олор кэлэн олохсуйбут буолуохтарын сөп дии саныыбын, – диэтэ Нина Петровна.

Салгыы Намҥа олорор Ираида Баишева, хакас кыыһа тылы ылар:

– Мин Саха сиригэр аҕыс уонус сылларга сайын кэлбитим. Кыһын буолбутугар наһаа тоҥмуппун умнубаппын. Кыһыҥҥы таҥаһы сатаан кэппэккэ эрэй бөҕөнү көрбүтүм. Икки оҕолоохпун. Кинилэр сахалыы да, нууччалыы да кэпсэтэллэр. Кэпсэтэр киһилэрэ суох буолан хакастыы саҥарбаттар, биир эмит тылы билэллэр, – диэтэ хакас кыыһа.

Бүтэһигинэн Өймөкөөҥҥө олорор Акбермет Эргешова тылы ылла. Омугунан кыргыз:

– Саха сиригэр кэлиэм иннинэ, Саха сирэ баарын, онно сахалар олороллор диэни букатын билбэт этим. Манна 2010 сыллаахха кэлбитим. Кэлээри кэлэн, итии дойдуттан тымныы дойду киинигэр – Өймөкөөҥҥө кэлбитим. Икки оҕолоохпун, дойдубун сүрдээҕин ахтарым. Икки убайым кэлэ сылдьыбыттара, баралларыгар сайыһан ытаабытым. Билигин тымныыга үөрэнним.

Сахалар уонна кыргызтар тылбыт майгыннаһар, онон аймахтыыбыт быһыылаах, ол иһин саха тылын билээри, университекка саха тылын уонна литературатын факультетыгар киирэн үөрэнэ сылдьабын. Көрсүһүүгэ кыргызтыы таҥаспын кэтэн кэллим, – диэтэ уонна туран кэллэ. – Маны кыыс эрэ кэтиэхтээх, дьахтар кэтиэ суохтаах. Ону эһиэхэ эрэ көрдөрөөрү кэттим. Көрүҥ эрэ, бу киэргэллэртэн, бу көстөр киэргэл кыыс бэлиэтэ, – диэн ыйан көрдөрдө. – Ол иһин маннык бэлиэлээҕи дьахтар кэтиэ суохтаах, – диэн быһаарда. – Биирдэ эмит, бараан этэ көһүннэҕинэ, ахтыбычча, национальнай аспын бэлэмнээн дьоммун күндүлээччибин, – диэтэ кыргыз дьахтара.

Биэрии бүтүүтүгэр, көрсүһүүгэ кэлбиттэр бэйэлэрин национальнай ырыаларын ыллаан иһитиннэрдилэр. Истиэххэ сүрдээх сонун, үчүгэй. Ити курдук, тус-туһунан омук кыргыттара уопсай биир саха тылынан бэйэлэрин тустарынан кэпсииллэрэ истэргэ кэрэ, долгутуулаах. Ити буоллаҕа, норуоттар доҕордоһууларынан бэйэ-бэйлэрин ытыктаһыыларын бэлиэтэ.

Григорий ФЕДОТОВ.

Читайте дальше