Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олоҥхо декадата сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 4 күнүгэр дылы киэҥ далааһыннаахтык, өрө көтөҕүүлээхтик ыытылла турар.
Сэтинньи 25 күнүгэр Арчы дьиэтигэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар, Олоҥхо күнүгэр аналлаах олоҥхону толорууга «Олоҥхо эйгэтэ” оройуоннааҕы күрэс буолан ааста. Тэрээһин аһыллыытын алгысчыт Слепцова И.Н. — Аптаах Дукку арыалдьыттарын кытта Байанай ыйын алгыһын, сиэрин-туомун толордо. Кэлбит ыалдьыттары алгыстаах тылларынан арчылаата. Оҕо ускуустубатын оскуолатын үөрэнээччилэрэ эҕэрдэ үҥкүүтүнэн киэргэтэн, ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Быйылгы күрэспитигэр уһуйаан иитиллээччилэрэ, алын, орто, үрдүкү сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрэ, улахан дьон ис сүрэхтэн ылсан кыттыбыттара хайҕаллаах суол. Күрэс үстүһүмэҕинэн ыытылынна: Муома олоҥхоһута Дайыыла Силэпсиэп “Көтөр Мүлгүн”олоҥхотун ыччаттара «Удьуор утума» күргүөмүнэн ааҕан, дьон сэҥээриитин ыллылар. Олоҥхону бөлөҕүнэн толорооччулар күрэстэригэр уһуйаан иитиллээччилэрэ, оскуола оҕолоро, улахан дьон таҥнан-симэнэн, төрөөбүт төрүт тылынан саҥаран-иҥэрэн, устар ууну сомоҕолуур олоҥхобутун өйтөн ааҕан, олус долгутуулаах, үөрүүлээх түгэн буолан истээччилэри үөртэ, астыннарда. Бөлөхтөр биллэр олоҥхоһуттар, Муома олоҥхолорун уобарастарын бэркэ арыйан, бииртэн-биир чаҕылхай толоруулары көрдөрдүлэр. Биирдиилээн толорооччулар уобарастарын таҥнан, тылларын-өстөрүн тиэрдэн бэркэ арыйдылар. Ыраах сытар Төбүлэх, Кулун Өлбүт, Соболоох нэһилиэгиттэн кыттан күрэс таһымын үрдэттилэр. Бу курдук кэтэһиилээх олоҥхобут дьоро күнэ ситиһиилээхтик түмүктэннэ.
«Олоҥхо эйгэтэ» оройуоннааҕы олоҥхо күрэһин түмүгэ маннык таҕыста:
1 бөлөх (уһуйаан иитиллээччилэрэ) — бөлөҕүнэн толоруу:
1 миэстэ — “Кэнчээри” уһуйаан, П.Е. Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Күөнэ Көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» (сал. В.В. Старостина, Д.Д. Слепцова).
2 миэстэ – “Кэскил” уһуйаан, Дайыыла Силэпсиэп “Көтөр Мүлгүн ” (сал. А.В. Ларионова).
3 миэстэ – “Теремок” уһуйаан, Дайыыла Силэпсиэп “Көтөр Мүлгүн ” (сал. И.Е. Слепцова, Е.В. Федорова).
3 миэстэ – “Сказка” уһуйаан, П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» (сал. Р.Д. Жамсуева, А.В. Терехова, Н.Е. Черова).
2 бөлөх (алын сүһүөх, орто уонна улахан кылаас оҕолоро) – бөлөҕүнэн толоруу:
1 миэстэ – Соболоох орто оскуолата, К. Уурастыырап “Нуоҕалдьын кугас аттаах Тойон Дьаҕарыма бухатыыр” (сал. А.Г. Черемкина, А.В. Шкулева).
2 миэстэ – Муома орто оскуолата, Р.П. Уваровскай «Олоҥхотуттан быһа тардыы», (сал. А.К. Николаева).
3 миэстэ – В.Д. Лебедев аатынан Орто-Дойду орто оскуолата Ю.Борисов “Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр” (сал. Н.К. Иванова).
3 бөлөх:
1 миэстэ – «Арчы» бэтэрээннэрэ, П.Ядрихинскай «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр”олоҥхотуттан (сал. И.Н. Слепцова).
2 миэстэ – А.Ф.Старков аатынан Төбүлэх орто оскуолата, В. Каратаев “Модун Эр Соҕотох”, В.Старкова сценарийа, (сал. А.А. Онопрова, А.В. Хабарова, Н.В. Соркомова).
3 миэстэ – «Алгыс” кулууп (Төбүлэх нэһилиэгэ), Дайыыла Силэпсиэп “Көтөр Мүлгүн” олоҥхотуттан аахтылар.
2. Олоҥхо персонажтарын биирдиилээн толорооччулар күрэхтэрэ:
Оҕолорго:
Уһуйаан иитиллээччилэрэ:
1 миэстэ — Слепцов Саян («Кэнчээри» уһуйаан).
2 миэстэ — Нартович Кира («Кэнчээри» уһуйаан).
3 миэстэ — Черемкина Моника («Теремок» уһуйаан).
Оскуола үөрэнээччилэрэ:
1 миэстэ — Атласов Эрчимэн (МОО, 5”а”кыл.) Р.П. Уваровскай олоҥхотуттан Элис Мэргэн уобараһа.
2 миэстэ — Дьяконов Радимир, (Муома алын сүһүөх оскуолатын 2 “а” кыл.).
3 миэстэ — Горохова Юля (МОО, 7”б”)кылааһын үөрэнээччитэ.
Улахан дьон:
1 миэстэ — Слепцова Кылаана Егоровна, Д.Силэпсиэп “Көтөр Мүлгүн” олоҥхотуттан Симэхсин эмээхсин уобараһа, Кулун Өлбүт нэһилиэгэ.
2 миэстэ — Иванова Надежда Константиновна, Ю.Борисов «Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр» олоҥхотуттан абааһы кыыһын Хатан Хаһыырба ырыата, Кулун Өлбүт нэһилиэгэ.
3 миэстэ – Третьяков Марк, «Үс халлаан күүһэ күүстээх Көбүө Дьаҕыл буҕатыыр», Хонуу нэһилиэгэ.
Анал ааттар:
Оҕолорго:
«Кэскиллээх толорооччу» — Атласов Э., Архипов Костя МОО үөрэнээччилэрэ, Слепцов Максим (Муома алын сүһүөх оскуолата), Захаров Артур (В.Д. Лебедев аатынан ОДОО).
«Уран тыллаах толорооччу» — Черова Айыллаана (СОО), Лыткина Санаайа (МОО) уонна Данилов Ньургун (МОО) биһирэбил бириис ыллылар.
«Хомоҕой тыллаах олоҥхоһут» —Слепцова Кылаана Егоровна (Кулун Өлбүт нэһилиэгэ).
«Уран тыллаах олоҥхоһут» — Старкова Александра Иннокентьевна (Хонуу нэһилиэгэ).
Олоҥхо тэрээһинигэр 234, ол иһиттэн күрэххэ 150 –ча киһи кытынна.
Тэрийээччилэр, бэлэмнээччилэр бары күүскэ ылсан үлэлээбиттэрин түмүгэр хас биирдии оҕо, кыттааччы олоҥхо тэтимигэр киирэн, уобараһын арыйан күрэс сыалын ситтэ. Бу курдук биир ситимнээх үлэбит кэнчээри ыччаппыт киһи буолан килбэйэн, саха буолан сандааран, өйүн-санаатын сааһылаан, саҥатын-иҥэтин чочуйан, дьарыктаан тахсарыгар олук ууруллара саарбаҕа суох.
Өбүгэлэрбит барахсаттар устар ууну сомоҕолуур уус-уран хомоҕой тылларынан иэйэ-куойа, айа-тута ыллаан, этэн-тыынан хаалларбыт Олоҥхолорун ыанньыйбыт дорҕоонноругар Сир, Куйаар иэйиитэ силлиһэн, омукпут бии билиитэ, Ийэ өйө уһуктан, омук быһыытынан сирдээҕи аналбытын өйдөөн, Куйаар булгуруйбат тутулунан төрөөбүт норуоппут үйэлээх өйүн-санаатын кылааннаан, Айыы аартыгын батыһа, сайдар саргыбытын тобулан, кэскилбитин кэҥэтиэҕиҥ, сарсыҥҥыбытын салайыаҕыҥ.