Оһуокай – алгыс, итэҕэл үҥкүүтэ

Ыам ыйын 25 күнэ – оһуокай күнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын А. С. Николаев ыйааҕынан балаҕан ыйын 7
күнүгэр 2023 сыллаахха бигэргэммитэ.
Үгэс диэн норуокка бэрт элбэх. Бары тус-туспа уратылаахтар. Оһуокай саха норуотун үйэлэртэн илдьэ кэлбит биир үтүө үгэһэ. Алаадьылыы төгүрүйэн, тоҥолохтон тардыһан, төгүрүччү эргийэн күҥҥэ, айыыларга сүгүрүйэн, сомоҕолоһон, түмсүүлээхпитин көрдөрөр саха норуотун итэҕэл үҥкүүтэ буолар. Оһуокайы ырыа-тойук, бырааһынньык курдук эрэ саныыр тутах өйдөбүл.Оһуокай дьону сомоҕолуур, түмэр күүс, алгыс буолар. Оһуокайга сүүстэн тахса, улахан ыһыахтарга тыһыынчаҕа тиийэ киһи киирэн үҥкүүлүүр. Ону түһүлгэ диэн ааттанар. Үҥкүүлээччилэр тарбах тарбахтарыттан ылсан, хаҥас атахтарын инники ууран, биир кэм хардары-таары ууран, күн хоту эргийэллэр. Үҥкүү түһүлгэтэ сахалар күҥҥэ сүгүрүйээччи буолалларын туоһулуур. Күн сахаларга итиини-сылааһы, кэрэ кэми, уйгуну-быйаҥы аҕалар. Ыһыах уонна оһуокай бэйэ-бэйэлэриттэн арахсыспат өйдөбүллээхтэр.

Саха оһуокайа, атын хайа да омукка суох бэйэтэ туспа уратылардаах. Сорохтор оһуокайы үҥкүү дииллэр. Дьиҥэр, үҥкүү – оһуокай сорҕото, көннөрү толоруллар көрүҥэ, хамсаныыта эрэ буолар.Кини ускуустуба хас да көрүҥүн: үҥкүүнү, тылынан уус-уран поэзияны уонна мелодияны бииргэ түмэн холбуу толоруллар.

Оһуокай олоххо тахсар уларыйыылары, саҥа быһыылары-көстүүлэри тутатына көрдөрөн, олоҕу кытта тэҥҥэ сайдыһар. Итиниэхэ буолар кини хаһан да эргэрбэтин, хата эбии чэчирээн иһэрин дьиҥнээх кистэлэҥэ, киһини абылыыр, киһиэхэ кэрэхсэтэр күүһэ.

Үҥкүү тылын таһаарыы, ону күргүөмүнэн үтүктүү уонна эргиир тула биирдик хамсаныы – оһуокай сүрүн бэлиэлэрэ.Бу үс бэлиэттэн биирэ эмэ тутуһуллубат буоллаҕына, оһуокай сүрүн сиэрин сүтэрэр. Биһиги манна туох эрэ саҥаны эбэтэр ханнык эрэ уларытыыны киллэрэргэ сорунар буолбатахпыт, көннөрү оһуокай уруккуттан баар үгүс көрүҥнэригэр олоҕуран, тупсаран, саҥардан биэрии эрэ туһунан этэбит.

Биллэрин курдук түһүлгэнитөрүттээбит этээччи оһуокайы саҕалыыр уонна көтүүнэн бүтэрэр. Онон оһуокайы саҕалааһын, сайыннарыы уонна көтүү диэн сүһүөхтэргэ араартыахха сөп.

Саҕалааһын сүһүөҕү бытааннык, наҕылыччы хаамыынан, аҕыйах мүнүүтэҕэ ыытар ордук. Бу сүһүөххэ сөп түбэһэр бары мелодиялары, хамсаныылары оһуокай араас варианнарыттан талан толору туһаныллыахтаах. Сайыннарыы сүһүөх саҕалааһынтан арыый түргэн тэтимнээхтик, олбу-солбу дьоруолуу үктэнэн барары эрэйэр. Манна утары хайысханан хаамыыны эмиэ киллэриэххэ наада. Бу сүһүөх киһини салгытар мелодияттан уонна сылатар хамсаныыттан өрүһүйэр, сэргэхситиини киллэрэр, оһуокай баай эгэлгэтин толору туһаннарар уонна үһүс сүһүөххэ – көтүүгэ бэлэмниир.

Көтүү сүһүөҕэ. Бу – мелодия уонна хамсаныы дьүөрэлэһиитин өттүнэн саамай уустук, көрөн да турааччылары,
кыттааччылары да улаханнык астыннарар, түмүктүүр сүһүөх.

Көтүү арааһа элбэх: бүлүүлүү, өлүөхүмэлии, дьокуускайдыы онтон да атыттар. Мелодия, хамсаныы да өттүнэн саха оһуохайа оройуон-оройуон аайы тарҕаммыт олус элбэх варианнааҕа биллэр. Итилэртэн таҥан, бу үс сүһүөххэ үллэрэн, оһуокай тупсарыллыбыт көрүҥнэрин оҥортуохха сөп этэ.

Оһуокай оонньуута кэрэхсэбиллээхтик толоруллуута, үҥкүү тылын этээччиттэн тутулуктааҕын быһыытынан, сүрүн
кыһамньыны этээччини иитиигэ-үөрэтиигэ туһаайыахха баара.

Оһуохайдыыр сири кэрэ көстүүлээх, күөх үүнээйилэрдээх, чэбдик салгыннаах сиргэ талан тэрийэр сөп.

Норуот тылынан айымньыта, чуолаан оһуокай, бэйэтэ дьаалытынан сайдан баччаҕа кэлбит, билигин даҕаны салгыы сайдар, олоҕу кытта кэлэр да өттүгэр сайдан иһиэҕэ.

 

Айталина Николаева