Оҕону үлэнэн иитии

Үлэ, үлэ барахсан буоллаҕа дии олох туллар тутааҕа: дьону дьоллуур, киһини кэскиллиир.

Н.А.Брызгалов аатынан Индигир орто оскуолатыгар самаан сайын устата уопсайа  биэс лааҕыр үлэлээбитэ.

Сүрүн сыалбыт- сорукпут төрүт дьарыкпытын илдьэ сылдьан оҕону үлэнэн иитии, ону сэргэ төрөөбүт тылбытынан иитии.

🥬🥕🥔 Арассааданы олордуу, үүннэрии  уустук дьыала. Төһө ааҕыллан-суоттаныллан, төһө көрүүгэ-истиигэ турарыттан уонна айылҕабыт дьылыттан улахан тутулуктаах.

Быйылгы үүнүүбүт түмүгэ илгэлээх сайын сылааһынан угуттаммыт битэмииннээх оҕуруот аһа айылҕа биэрбитинэн хомулунна.

Ханнык баҕар оҕо   иитиллэн тахсыытын сүрүн оҥкула- түмсүүлээх иллээх  үлэ түмүгэ.

🏘️🐎🐄 Маны сэргэ Индигир кэнчээрилэрэ  дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөрө элбэх, кэтэх хаһаайыстыба үлэтигэр эмиэ туора турбаттар, ньирэй аһаталлар, хотон көрсөллөр, оттууллар, оҕуруоттарын көрөллөр.

Светлана СЭНД

Читайте дальше