Бэс ыйын саҥатыгар Оҕо көмүскэлин күнүгэр оройуоҥҥа олус сэргэх тэрээһиннэр үрдүк таһымҥа ыытыллыбыттара. Биир бэлиэ түгэнинэн оройуон киинигэр «Осикат» ЭКК оҕолорго оонньуур анал хос үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыллыбыта.
Кэнники сылларга бары нэһилиэктэргэ оонньуур былаһааккалар араас быһыылаахтык таҥыллан тахсаллар, оҕо саас үөрүүтэ үгүс. Оттон быйыл Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларыгар кыра саастаах дьоммутугар оонньуур анал хос дьоһун бэлэх буолла. Маннык сонун бырайыагы хайдах олоххо киллэрбитин туһунан элбэх оҕолоох ийэ Лиана Горохованы кытта кэпсэтэбит.
— Ийэ киһи оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн туһалааҕынан дьарыктанан сайда улааталларын толкуйдуур. Өссө оҕолорум кыра саастарыгар оҕо этин-хаанын сайыннарар анал оонньуур хоһу тэрийэр туһунан баҕа санаа үөскээбитэ. Оҕо оонньуу нөҥүө сайдар. Билигин оҕо барыта уһуйаанынан хабыллар, оонньуур эйгэлэрэ тэриллэр, ол эрээри оҕо төрөппүтүн кытта бииргэ сылдьар сирдэрэ аҕыйах.
Муомаҕа көһөн кэлэн баран да, ити санаабын ыһыктыбатаҕым. Манна оҕону дьарыктыыр эйгэҕэ ким даҕаны ылса илик этэ. Онон иитиэхтии сылдьыбыт санаабын олоххо киллэрээри улуустааҕы социальнай харалта управлениетыгар Антонина Щелканованы кытта көрсөн элбэхтэ сүбэлэспитим. Управление чахчы бэйэ дьыалатын арынан үлэлииир баҕалаахтарга көмөтө баһаам. Ааспыт сылтан биисинэс былааммын чопчу оҥорон, ааҕынан-суоттанан, социальнай хантараак түһэрсэргэ ирдэниллэр докумуоннары улуустааҕы хамыыһыйаҕа туттарбытым. Быйыл кыһын хамыыһыйа бырайыакпын өйөөбүтүн туһунан иһитиннэриитэ баҕа санаам туоларыгар биир төһүү күүс буолбута. Хантараагынан көрүллүбүт уонна уурунуу харчыбытын холбоон, анал тэриллэри атыылаһар түбүккэ түспүппүт. Тэриллэрбит атын куораттан анал сакааһынан оҥоһуллан, Дьокуускайга тиэрдиллибиттэрэ. Бу саас ону таһыыга-тиэйиигэ оройуон, олохтоох нэһилиэк дьаһалталара күүскэ көмөлөстүлэр. Курууспут олох суол эрэ сабыллыан иннинэ, бүтэһик рейстэринэн кыл мүччү кэллэ. Онон оройуон баһылыгын э.т. Артур Тарабукиҥҥа, нэһилиэк баһылыгар Иван Дягилевка, уонна түгэнинэн туһанан оройуон баһылыгар Дмитрий Аммосовка (кини бэйэтин кэмигэр бырайыакпын олус сэҥээрбитэ, көмөлөспүтэ), Улуустааҕы социальнай харалта управлениетын салайааччытыгар Антонина Щелкановаҕа истиҥ махталбын тиэрдэбин.
Оҕо көмүскэлин күнүгэр бары тэриллэрбитин кэмигэр таҥаммыт, оҕолорго дьоһун бэлэх буолбутуттан олус үөрэбит. “Осикат” култуура Киинигэр анал хос арендалаан, үлэбитин саҕалаатыбыт. Директор Алексей Варламовка биһигини
өйдөөн, өйөөн үлэлииргэ кыах биэрбитигэр махтанабыт. Билигин хоспутугар кыра мээчиктэртэн кураанах бассейн, ону сэргэ батут уонна кырачааннарга хачыал, турник баар. Хоспут, кырдьыга, кыараҕас буолан баар тэриллэрбит аҥардара эрэ таҥылынна. Сайыҥҥы кэмҥэ тэрилтэҕэ, биһиги хоспутугар улахан өрөмүөн ыытыллыахтаах, онно билигин үҥкүүлүүр киэҥ саалаҕа көһүөхпүт, онно сорох тэриллэрбитин эбии таҥан туруоруохпутун сөп. Улахан оҕолорго анаан компьютер нөҥүө виртуальнай оонньууга диэн араас тэриллэр эмиэ бааллар. Оҕолор чаас аҥара, чаас курдук болдьохтоон оонньууллар. Сыаната удамыр, элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтиилээх.
Былааммыт киэҥ. Кыһыҥҥы өттүгэр остуол оонньууларын тэрийиэхпит. Оҕо өйүн сайыннарар араас тэриллэр, оонньуулар бааллар. Ону сэргэ доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах тэриллэри эмиэ туруоруохпут.
Ити курдук, фельдшер үөрэхтээх түөрт уол оҕо амарах ийэтэ, баҕа санаата олоххо киирэн, бэйэ дьыалатын арынан үлэтин эрчимнээхтик саҕалаата. Киниэхэ быраас кэргэнэ Евгений Иванович саамай көмө киһитэ буолар. Билиҥҥи интэриниэт күүскэ сайда турар үйэтигэр оҕолор виртуальнай эйгэҕэ охтоллоро кистэл буолбатах. Онон оҕону кыра эрдэхтэн онтон аралдьытар, элбэхтик оонньотон сайыннарар суолу тобулар наада. Лиана Егоровна саҥа үлэтигэр ситиһиини баҕарабыт, санаабыта сатаннын, толкуйдаабыта туоллун диибит.
Тэрээһин биир кыһалҕатынан арендалыыр хос суоҕа үлэни атахтыан сөп эбит. Кэскиллээх үлэҕэ дьаһалталар өттүлэриттэн көдьүүстээх көмө оҥоһуллуоҕа диэн эрэнэбит.
М. Старкова