Сайыммыт үтүө күннэрэ олус да түргэнник ааһаллар. Бэлиэр от ыйа бүтэн эрэр. Ону кытта оҕолорбут сынньалаҥнара түмүктэнэрэ чугаһаата. Быйыл оҕо искусствотын оскуолатын үөрэнээччилэригэр умнуллубат сайын буолла. Ол курдук, «Туундара үөрүүтэ» ансаамбыл кыттыылаахтара Кытай курдук сайдыылаах култууралаах дойдуга баран аан дойду таһымнаах куонкуруска ситиһиилээхтик кыттан кэлбиттэрэ. Кинилэри кыраныысса таһыгар салайааччылара А.М.Федорова, С.С.Старкова уонна икки төрөппүт илдьэ сырыттылар. Биһиги төрөппүт Елена Терешкинаны көрсөн үрдүк таһымнаах куонкуруска ансаамбыл хайдах кыттыбытын ыйыталастыбыт:
Өссө сааһын ансаамбылбыт Кытайга куонкуруска ыҥырыллыбытын туһунан истээт, көстүүм бэлэмнээһинигэр туруммуппут. Оскуола дириэктэрэ Анна Митрофановна куораттан атыылаһан аҕалбыт тириитинэн, түүлээҕинэн концертнай буолбакка, дьиҥ өбүгэ саҕаттан кэтиллибит эбээн национальнай көстүүмнэрин тигиитин саҕалаабыппыт. Улахан Чыыстай маастардарын сүбэлэринэн тикпиппит. Манна оскуола иистэнньэҥэ Людмила Новгородова ыйыытынан-кэрдиитинэн төрөппүттэр аймахтарбытын көмөлөһүннэрэн чахчы да эбээннии тыыннаах көстүүмнэри айан таһаарбыппыт. Оҕуруотун, быысабайын барытын бэйэбит илиибитинэн бэлэмнээбиппит. Үлэбит табыллыбытыгар олус үөрбүппүт, оҕолорбут ситиһиилэрин оҥкулун түһэрдибит диэн.
12 оҕону омук сиригэр илдьэ сылдьарга салайааччыларга уустук буолуо диэн биһиги Татьяна Лебедевалыын босхо бырайыастаахпытын туһанан ансаамбылы кытта барсарга быһаарыммыппыт. Бу көннөрү айаны тэрийсии буолбакка, биһигини куонкуруска оҕолору кытта тэҥҥэ кыттар чиэскэ тиксэн, салайааччыларбыт “Живая нить поколений” диэн анал үҥкүү бэлэмнээбиттэрэ. Айаммытын «Наш мир» коммерческайа суох тэрилтэ үрдүк таһымҥа тэрийдэ диэн сыаналаатыбыт. Дьокуускай куораттан тимир суолунан айаннаан кэлбит оҕолору Владивостокка наһаа үчүгэй гостиницаҕа түһэрэн-сынньатан оҕолор олус астыннылар.
Кытайга Яньцзи куоракка аҕыс чаас автобуһунан бэрт кэрэхсэбиллээхтик айаннаан тиийбиппит, оҕолорбут элбэҕи билэн-көрөн астыммыттара. Кытайга сылдьарбытыгар анаан туристическай путевка атыыласпыт буолан олус табыллан сырыттыбыт. Оҕолор ордук аһылык тэрээһинин астыннылар, күнү быһа араас аһы дэлэччи амсайдылар. Иллэҥ кэмнэригэр оҕолорбутун аттракцион пааркатыгар, аквапааркаҕа сырытыннардыбыт. Маны таһынан термальнай источниктар эмтээх ууларыгар доруобуйабытын бөҕөргөттүбүт.
Фестивальга Саха сириттэн биһиги соҕотох буолбатах этибит. Онон бэйэ бэйэбитин өйөһөн ситиһиилээхтик кытынныбыт. Уус алданнар улахан группаҕа Гран при буолан үөрдүлэр. Биһиги ансаамблбыт барыта алта нүөмэри толордо. Нүөмэрдэрбитин олус сэҥээрдилэр, тустаах номинация анаатылар. Бары кыттыбыт “Живая нить поколений” диэн үҥкүүбүтүнэн лауреат буолан улаханнык үөрдүбүт. Оҕолор аан бастаан омук сиригэр тахсыбыт буолан интэриэстэрэ улахан, барыта кинилэргэ сонун. Элбэх кэрэхсэбиллээх сирдэри көрдүлэр, атын омук оҕолорун кытта доҕордостулар. Уопсайынан сылдьарбыт тухары үөрүү-көтүү көтөллөөх сырыттыбыт.
Саха сиригэр кэлэн баран «Туундара үөрүүтэ» ансаамбыл кыттыылаахтара аны VIII аан дойдутааҕы «Дети Азии» спортивнай оонньуулар арыллыыларын култуурунай программатыгар кытыннылар. Дьэ, манна улахан эппиэтинэс сүгэннэр, хас да күнү быһа оҕолор тулуурдаахтык репетицияҕа сырыттылар. Аан дойду таһымнаах тэрээһиҥҥэ кыттан ансаамбылбыт аата дорҕоонноохтук ааттанна. Биир дойдулаахтарбытын Туймаада ыһыаҕынан эҕэрдэлээн сэҥээриилэрин ыллыбыт. «Туундара үөрүүтэ» ансаамбыл урукку уонна билиҥҥи кыттыылаахтара диэн хаартыскаҕа түһэн Муома оройуонун землячествотын ыһыаҕын умнуллубат түгэннээтибит. Оҕолорбут салгыы да тапталлаах ансаамбылбыт аатын ааттата турдуннар диэн урукку көлүөнэ үҥкүүһүттэрэ баҕа санааларын тиэртилэр. Муома оройуонун землячествотын түһүлгэтигэр кэлбит анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар ансаамбыл кэнсиэртэриттэн киирбит үбүгэр атыыласпыт бэлэхпитин туттардыбыт. Наборга имитиллибит таба тириитэ уонна дойдуларын кустара бэрилиннэ. Ордубут бэлэхтэри землячество салалтатыгар хаалларан тустаах дьоҥҥо тириэрдэргэ соруктаатыбыт. Ити курдук, оҕолорбут кэнсиэрдии сылдьан үтүө дьыалаҕа кыттыстылар.
«Туундара үөрүүтэ» ансаамбыл ыраах гастролларга ситиһиилээхтик сылдьыбытыгар саамай истиҥ махталбытын оскуолабыт дириэктэригэр, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитигэр, тапталлаах салайааччыбытыгар Анна Митрофановна Федороваҕа, фольклор уһуйааччытыгар Светлана Старковаҕа, иистэнньэҥмитигэр Людмила Новгородоваҕа, уруһуй учууталыгар Аксиния Жирковаҕа, бары көмөлөспүт аймахтарбытыгар, оҕолор тэрээһин ороскуоттарын уйуммут оройуон дьаһалтатыгар, чуолаан, баһылык Дмитрий Викторович Аммосовка, оройуон култууратын управлениетын салайааччытыгар Юрий Прокопьевич Черовка төрөппүттэр ааттарыттан махталбытын тиэрдэбит. Инникитин да оҕолорбут үөрүүлэрин үксэтэ бииргэ үлэлиэххэ, айыахха- тутуохха диэн ыҥырабыт.
Христина Кривошапкина