Муоматтан кынаттаммыт “Кыраһа”

Муома орто оскуолатын түмэлин пуондатыгар “Оҕо саас бичигэ” диэн “Таатта” хаһыатын эрэдээксийэтигэр 2021 сыллаахха тахсыбыт кинигэни интэриэһиргээн көрдүм. Бу кинигэни оскуола түмэлигэр Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, “Учууталлар учууталлара” бэлиэ хаһаайката Августина Семеновна Хабарова “кынаттанан көппүт, үөрэммит оскуолабар алгыһы кытта” диэн истиҥ тыллардаах бэлэхтээбит эбит. Оттон киниэхэ кинигэ “айар куттаах бастакы үөрэнээччибэр, Муомаҕа үлэлээбит сылларбар оччотооҕу “Кыраһа” пост бастыҥ кэрэспэдьиэнигэр” диэн суруктаах учууталыттан Мария Николаевна Колесоваттан тиксибит. Дьэ, Мария Николаевна кимий диэн ыйытыы бу кэннэ үөскүүр…
Түмэл докумуонуттан Мария Николаевна Акимова (кэлин Колесова) 1971-74 сылларга Муома орто оскуолатыгар саха тылын учууталынан үлэлээбит диэн быһаарылынна. Кини билигин Таатта улууһун убаастанар чулуу учуутала, “Кыраһа” куруһуогу 30-тан тахса сыл устата үлэлэппит айымньылаах салайааччыта. “Оҕо саас бичигэ” диэн кинигэҕэ М.Н.Колесова Муомаҕа үлэлээбит сылларын туһунан ахтыытын кытта билсиэҕиҥ.
«Сурук-бичик киэҥ киэлитигэр бэйэлэрин суолларын хаалларар, суруйарга холонор оҕолорго аналлаах дьарыгы тэрийии бастаан хайдах саҕаламмытын сэһэргиим.
Оччолорго үөрэххин бүтэрдэххинэ, министиэристибэ анаабыт эрэ сири- гэр бараахтыыгын. Миигин тус хоту Муомаҕа анаабыттара, онно-манна үлэ көрдөһөн үҥүөлээбэккэ, судургу хоту барарга санаммытым. Ийэ сайын барахсан көрүөх бэтэрээ өттүгэр элэс гынан хаалан, көмүс күһүн күлбүтүнэн бу тиийэн кэллэ. Тэҥнэһиэм дуо, улаханнык истибэтэх, билбэтэх дойдубар барарга тэринним. Муомаҕа чучуна баар, кыргыттары уорар үһү диэн сураҕы истэн кэлэн, дьүөгэм омуннуу-омуннуу кэпсээн киһини куттаата. Хайдах эрэ дойдубуттан барыахпын баҕарбатарбын да, санаа баттыктаах пуорка киирдим. Аны судургу Муомаҕа көтөр билиэт суох, онон Уус-Ньараҕа көтөр буоллум. Онно көтөөччүлэр бары хороспут нууччалар, биир да саха сирэйдээх баара көстүбэт. Балачча айаннаан, хайалары уҥуордаан пуорка кэлэн түстүбүт. Хаһан да харахтаабатах, халлааҥҥа харбаспыт үрдүк хайалар киһи тыынын-быарын ыгыахха айылаах бу төгүрүктээн тураллар эбит. Аны ол ыккардыгар пуорт сабыллан хаалла. Эмискэ ыас хара былыт саба халыйан кэллэ да, хабыс-хараҥа буолла, аны киһи кута-сүрэ төлө ыстаныах айылаах үрдүк хайалары одуулаһа турдум. Хата, ардах түһүөхчэ буолан баран, аһынна быһыылаах, атын сиргэ курулаттаҕа. Чочумча буолаат, хайа кэтэҕиттэн күн былтас гынна, тула өттүбүт сырдыы түстэ. Дьон киирэллэрэ-тахсаллара үксээтэ, пуорт аһылынна, нэһилиэктэргэ сөмөлүөт көтөр буолла. Сотору сөмөлүөт куоракка көтөрүн туһунан биллэрдилэр. Төннүбүт киһи диэх санаа кылам гынан ааста, ол эрээри хайа сирэйбинэн онно тиийиэхпиний диэн бэйэбин уоскутуннум. Онтон киэһэлик Муома сөмөлүөтэ кэлбитэ, үөрбүт сирэйдээх, сахалыы эҥээркэй саҥалаах дьон тиийэн кэлбиттэрэ. Хаһааҥҥыттан эрэ билэр дьонум курдук чугастык ылыммытым, чэпчии түспүтүм.
Уус-Ньараҕа холуйдахха, Муома дойду сиригэр кэм майгынныыр буоллар, сөмөлүөттэн түһээт, «Ю» хайаны көрдөрбүттэрэ. Кырдьык, айылҕа соруйан бэйэтэ «Ю» буукубаны оһуордаан, оҥо быһан ылбыт курдук ойуулаах дьикти хайа эбит.
Оскуолабыт уһун субурхай былыргы дьиэ, онон икки симиэнэнэн үлэлиибит, күн-күнү солбуйан, бириэмэ биллибэккэ ааһар. Ол да буоллар, син-биир дойдубун, дьоммун наһаа ахтабын, ахтылҕаммын сурукпар тиһэбин, сөмөлүөт кэлэрин кэтэһэбин. Онтон биирдэ дириэктэр ыҥырбытыгар, чугуруҥнуу-чугуруҥнуу кэбиниэтигэр киирдим. Е. Е. Соркомов, сүрдээх үчүгэй майгылаах, аламаҕай киһи, күлүм аллайа түстэ: «Таатта кыыһа, биһиги дойдубутун сөбүлээтиҥ дуо, көр эрэ, бу хаһыаты»,-диэн баран, «Бэлэм буолу» уунна. Онно эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын тэрийэр туһунан сорудах баар эбит. Мин оҕолору сүүмэрдээн, аат толкуйдуу сатаатыбыт, онтон «Кыраһа» диэн ааттаатыбыт. Хоту дойду оҕолоро элэккэйдэрэ сүрдээх, батыһа сылдьаллар. Онон ити оҕолорунан «оонньоон», күнүм үтүөтүн барыыбын. Биирдэ чоҕулуччу көрбүт хап-хара харахтаах, ис киирбэх дьүһүннээх, кулуһун курдук көнө уҥуохтаах кыыс учуутал хоһун таһыгар күүтэн турар эбит. Ол тохсус кылаас үөрэнээччитэ Августа Хабарова, билигин республикаҕа биллэр Россия суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайкалара, «Арылы» диэн эдэр кэрэспэдьиэннэр постарын солбуллубат салайааччыта буолар. Биир үтүө күн кыыһым тэтэрээт муҥунан суруйбут хоһооннорун аҕалла. «Бэлэм буолга», «Индигир уоттара» хаһыаттарга бэчээттэммитэ. Манна даҕатан эттэххэ, Таатта народнай театрын төрүттээбит САССР үтүөлээх артыыһа Роман Никифоров быстах театрга үлэлии сылдьара, эдэр үлэһиттэри уһуйа-үөрэтэ сырыттаҕа. Биирдэ миэхэ дьиэбэр киирэн: «Алампа Софронов «Таптал» драматыттан быһа тардан көрдөрүөхпүн баҕарабын, Кэтириис оруолун оонньуоҥ этэ дуо?» – диэн ыйытта. Онуоха мин соһуйан: «Кэбиис, кыбыстабын, улахан сценаҕа хаһан да оонньуу иликпин уонна оҕолор Кэтириис диэн хос ааттыахтара», — диэн түргэнник аккаастаан, субурутан кэбистим. Киһим хайдах эрэ сүөдүргээбит курдук көрөн баран: «Чэ, суох диэтиҥ дуу?» – диэн баран тахсан барда. Ол кэнниттэн улахан киһини, норуот тапталлаах артыыһын хомоттум диэн улахан санааҕа ыллардым. Хайдах гынан буруйбун боруостуох бэйэбиний? Оруобуна сааскы өрөбүл саҕана, тыйаатырга бэстибээл ыытыллар буолла, миигин спенка туруорарбар сорудахтаатылар. Буруйбун сабынар сыалтан, Роман Никифоровка чугаһаан, сценканы бэлэмнээри, куоракка бараары сылдьар кыргыттарбын сайыстарбын да, хаалаахтаатаҕым дии. Уустаах Избеков «Оотуй уонна Тоотуй» пьесаттан быһа тардыыны ыллым, «Кыраһа» оҕолорун талан, бэлэмнэнэн бардыбыт. Ньөөччө оруолун Августа оонньуур буолла. Кыыһым сытыыта-хотуута, дьаһала сүрдээх, былыргы иһит-хомуос бөҕөтүн булла, уолаттары да дьаһайталыыр. Кыыспын дурда-хахха оҥостон, кыбыста-кыбыста Роман Никифоровтан көрдөһө тиийдим. Киһибит сүбэлээтэ-амалаата. Уолаттар улахан баҕайы сыарҕа курдук салааска аҕалбыттара, малбытын-салбытын тиэйэн, кулууп диэки бардыбыт. Степа: «Мария Николаевна, биһиги тоҕо наһаа элбэх бөҕү ыллыбытый?» –диэтэ. Августа биһикки күл да күл буоллубут.
Учуутал буоларбын өйдөөн, сымыһахпын быһа ытыран, нэһиилэ тохтоотум. Хоту дойду оҕолоро былыргы тэрили билбэт буоллахтара, бөх дии саныыллара. Дьэ, ити Муомаҕа үлэлээбит икки сылбар оҕолору кытта алтыһан, суруйарга, сценаҕа оонньуурга дьарыктаныыбыт кэлин үлэбэр төһүү күүс, олук буолбута.
Төһө да бэркэ табыллан сырыттарбын, үлэлээтэрбин төрөөбүт дойду ахтылҕана күүстээх буолар, тапталлаах Тааттабар курдары тартаран, төннөн кэлэн, Харбалаах орто сокуолатыгар уон төгүрүк сыл үлэлээбитим. Онно «Харбалаах кыымнара» диэн эмиэ куруһуогу салайан үлэлэппитим.
Онтон 1984 с. төрөөбүт оскуолабар үлэлии кэлээт, үгэспинэн суруйар, айар хабааннаах эмиэ «Кыраһа» диэн ааттаан, үһүс бөлөхпүн тэрийбитим».
Дьэ, бу курдук “Кыраһаттан”, Муома орто оскуолатыттан кынаттанан биһиги биир дойдулаахпыт А. С. Хабарова билигин биллиилээх суруналыыс, учуутал буолан айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар. “Киһи кыаҕа, айар дьоҕура муҥура суох. Бу ис кыаҕы оҕо эрдэҕиттэн арыйарга, талаанын, дьоҕурун сайыннарарга төһүү күүһүнэн кылаас таһынааҕы үлэни тэрийии буолар” диэн М. Н. Колесова этиитинэн суруйуубун түмүктүүбүн.

Татьяна Данилова

Читайте дальше