Муомабыт сайдыыта түстэнэр

Оройуон Аҕа баһылыга Дмирий Аммосов куоракка сырыытыттан уонна оройуоҥҥа туох үлэ-
хамнас барарын туһунан кэпсэттэ.
‒ Дьокуускай куоракка СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин Дмитрий Садовниковы кытта
көрүстүбүт. Көрсүһүүгэ биир улахан боппуруоспутун быһаарыстыбыт. Муома оройуона
өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, ол эбэтэр дойду үрдүнэн да буоллаҕа, саамай уустук транспортнай
схемалааҕынан биллэр. Бу оройуон олоҕор, экономикатыгар улахан оруоллаах. Оройуон сылы
туоруур бородууксуйата кыһыҥҥы суолунан эрэ аҕыйах ыйга быысаһан тиэйиллэр. Сайынын
быстар сыана буолабыт, сибиэһэй аһылыгы чааһынай атыыһыттар кыахтарынан тиэйтэрэллэр. Ол
иһин урукку сэбиэскэй саҕанааҕы кэмҥэ оҥоһулла сатаабыт «Кээликис» суолун үөрэтии
боппуруоһа бэбиэскэттэн түспэт. Дмитрий Дмитриевич этиилэрбитин сэҥээрэр. Кэлэр кыһын бу
суолу үөрэтиигэ анал специалистар кэлиэхтэрэ. «Арктика суоллара» тэрилтэ трассировкатын
оҥоруоҕа. Муус оннуттан хамсыах курдук. Суолу оҥоруу сайдыы биир сүрүн төһүүтэ буолар.
Ону сэргэ Сааһыырга хочуолунай тутуутун тула кэпсэттибит. СӨ «ОДьКХ» ГУП иһинэн үлэлиир
филиала «Тутулла турар объектар Дирекциятын» салайааччыта Михаил Соловьев үлэ
матырыйааллара тиийбиттэрин, тутуу саҕаламмытын иһитиннэрбитэ. Онон кэлэр сыл саҥа объект
олоххо киирэригэр эрэнэбит. Сыл саҥатыгар кэлэ сылдьыбыт СӨ Бырабыыталыстыбатын
мунньаҕар нэһилиэнньэттэн киирбит этиилэр тула, үлэлэр ханнык таһымҥа тиийбиттэрин
быһаарсар куйаар нөҥүө мунньах тэриллиэхтээх. Онно бары хайысханан үлэ хаамыытын
чуолкайдаһыахпыт.
СӨ суол хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччытын Анатолий Потаповы кытта
көрүстүбүт. «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суола» национальнай бырайыак чэрчитинэн
оройуон киинигэр суолу тупсарыыга былааннаах үлэ саҕаланна. ААУо «Доринжиринг» тэрилтэтин
иһинэн «Талакан» хампаанньатын үлэһиттэрэ суолу үөрэтэ, чинчийэр үлэни ыыта сылдьаллар. Ол
түмүгүнэн суол бырайыага оҥоһуллуоҕа. Кэнэҕэскитин оройуоммутугар киин сиртэн уратыта суох
аныгы технология ирдэбилинэн бетонунан бүрүллүбүт, тротуардаах, светофордаах, суол
быраабылалара бэлиэлэрдээх уулусса тыргыллыаҕа.
Салгыы СӨ промышленность уонна геология миниистирин Максим Терещенконы көрсөн олохтоох
учаастактарынан үлэлии сылдьар сир баайын туһанааччылар боппуруостарын тула кэпсэттибит.
Көрсүһүү түмүгэр күһүөрү экология министиэристибэтин иһинэн улахан бэрэбиэркэ
ыытыллыахтааҕа этилиннэ.
СӨ инновация, цифровой сайдыы уонна инфокоммуникационнай технология миниистирин
солбуйааччытын Андрей Сусловы көрсөн «Цифровая экономика» федеральнай национальнай
бырайыак чэрчитинэн ыраах сытар Чуумпу Кытыл нэһилиэгэр күүстээх кыамталаах спутниковай
сибээс киирбитигэр нэһилиэнньэ аатыттан махталбытын биллэрдибит. Олохтоохтор үөрүүлэрэ
улахан, этэргэ дылы, сибээстэрэ «көтө сылдьар». Андрей Владимирович бу кыһын отчуот
мунньаҕар кэлэ сылдьан эппит тылыгар турда диэн хайгыыбыт. Салгыы Чыбааҕылаах нэһилиэгэ
уочаракка турар. Тоҕо кыра нэһилиэктэргэ түргэнник холбоноруй диэн ыйытыыга бу аҕыйах
ахсааннаах туочуканы хабар спутниковай сибээс буоларынан быһаарыахха сөп.
Оройуоҥҥа ыытылла турар объектардаах салалталарыгар үксүлэригэр сырыттыбыт. Аҕыйах
кэминэн Арктикаҕа биир бөдөҥ киин балыыһа тутуллан үлэҕэ киириэҕэ, үлэ тэтимнээх. Сааһыырга

саҥа ФАП тутуллар үлэҕэ, былырыыҥҥы үлэҕэ улахан итэҕэстэр бааллара, ону туоратыыга күүстээх
үлэ барда. Манна оройуон кылаабынай бырааһа Яков Бережнев тус бэйэтинэн сүүрэн-көтөн эбии
квадратура тутулларын ситистэ, оҥортордо. Сотору ититэр ситимигэр үлэ түмүктэнэн, ФАП объега
хамыыһыйанан тутуллан киириэҕэ. Яков Романович киин балыыһа тутуутун хамыыһыйанан уонна
тус бэйэтэ күүскэ хонтуруоллаһар.
Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан 14 уонна 16 квартиралардаах мас дьиэлэр тутуллан
бүтэһик түһүмэххэ сылдьаллар. Билигин сантехника үлэтэ хаалла. Дьиэлэргэ уруккулартан
уратылара сылаас,тымныы уу ааһар турбалар тардыллыахтара. Чугастааҕы уопсай дьиэлэргэ
тымныы ууну аһардар турбалары тардарга эмиэ соруктанабыт.
Үөрэҕирии салаатын хайысхатынан Арктикаҕа соҕотох Сааһыырга баар интэринээт дьиэтин
тутуутун боппуруоһугар РФ Госдума норуот депутатын Галина Данчикова приемнайыгар
сырыттыбыт. СӨ Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспатын үлэһитэ Гаврил Черов 50 миэстэлээх
интэринээт дьиэ бырайыагын былааннаан олороллорун эттэ. СӨ экономика министиэристибэтигэр
«Туундара үөрүүтэ» Арктическай эбии үөрэхтээһин оҕо Киинэ» тутуутун боппуруоһун
чуолкайдастыбыт. Тутуу бырайыагар көрүллүөхтээх үп-харчы сөбүлэһиигэ сылдьар. Сотору туора
СӨ Судаарыстыбаннай сакаасчыт сулууспатын сайтыгар тахсыахтаах.
Муома алын сүһүөх оскуолатыгар өтөрүнэн буолбатах хапытаалынай өрөмүөн бара турар. Оскуола
тула аныгылыы технология ирдэбилинэн 3D тимир олбуор тутулунна. Маннык олбуор Төбүлэх
орто оскуолатыгар эмиэ оҥоһулунна. Өрөмүөн үлэтэ кыраапык быһыытынан тэтимнээхтик барар.
Үлэ хаачыстыбатын төрөппүттэр, үөрэҕирии Управлениета хонтуруолга туталлар, нэдиэлэ аайы
хамыыһыйанан сылдьан көрөллөр-истэллэр. Урукку оскуоланы көтүрүүгэ тустаах сиэри-туому
тутуһан ылсыбыттара. Билигин эргэ объект онно ыраастанна. Сирин-уотун докумуоннаһан
кэнэҕэскитин саҥа уһуйаан турар миэстэтэ тахсарыгар былаанныыбыт. Соболооххо оскуола
спортивнай саалатыгар улахан өрөмүөн үлэтэ түмүктэнэн эрэр.
Кылгас сайыммыт үтүө күннэрин туһанан, кэлэр кыстыгы туоруур сүөһү аһылыгын бэлэмнээһиҥҥэ
нэһилиэктэринэн тустаах хаһаайыстыбалар окко былааннарын толорор соруктаах үлэлии-хамсыы
сылдьаллар. Оттуур ходуһалары тупсарыыга нэһилиэктэринэн үлэ былааннаахтык барда. Хороҕор
муостаах, сыспай сиэллээх төбөтүн дэлэтиигэ оройуон үрдүнэн көрдөрүү куһаҕана суох, төрүөх
үчүгэй. Таба ааҕыытын түмүгүнэн ахсаана 16 тыһыынчаҕа чугаһаата.
Оройуоҥҥа ойуур баһаара бөһүөлэктэртэн тэйиччи сытар сэттэ сиргэ бэлиэтэнэр. Ол эрээри,
аҕыйах сыллааҕыта нефтебазаҕа кутталы үөскэппит баһаар курдук быһыы-майгы хатыламматар
диэн, сааскыттан эрдэ нэһилиэктэринэн тустаах дьаһаллар тэриллибиттэрэ, ол иһигэр
минерализованнай балаһалар оҥоһуллубуттара. Билигин куйаас, тыаллаах күннэр сатыылааннар
Соболооххо түөрт туочука, Төбүлэххэ, Сааһыырга иккилии туочука ыраах сирдэринэн
күөдьүйбүттэрэ биллэр. Уопсайынан, айылҕабыт араастаан тургутар. Ыаллыы Өймөкөөҥҥө икки
бөһүөлэк халаан уутуттан эмсэҕэлээтилэр, ыксаллаах быһыы-майгы биллэриллибитэ. Биһиги
улууспутугар Индигир өрүс уутун таһыма улаатара күүтүллэринэн, бары нэһилиэктэр
нэһилиэнньэни биллэрэр, быстах кэмҥэ дьону олохсутар сири, о.д.а. дьаһалларга бэлэмнээхтэр.
Хонуу бөһүөлэгин хааччыйар карьер уута эбиллэр.
Сайын кэмигэр сырыы-айан бары хайысханан элбиир. Олохтоохтор кыра самолету кэтэһэллэр.
Биллэринэн, «Полярные авиалинии» тэрилтэ нөҥүө анал сайаапкалары ыытан турабыт. Биир кыра
самолет үс оройуоҥҥа сыһыарыллан үлэлиир. Бу күннэргэ самолет Орто Халыманан, Абыйынан

улахан ойуур баһаардара тураннар, онно үлэлиир, термоточкаларынан кэтэбили оҥорор. Сотору
кэлиэҕэ, ыраах нэһилиэктэринэн рейстэргэ пассажирдар бааллар.
СӨ Ил Дарахан Айсен Николаев дойдуларыгар сынньалаҥҥа кэлэ сылдьар буойуннары кытта
көрсүһэр, ол иһигэр биһиги биир дойдулаахтарбыт бааллар. Быйылгы Туймаада, Олоҥхо,
оройуоммут ыһыахтара байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбытыгар анаммыттара. Күн
Айыылартан буойуттарбыт кыайыы көтөллөнөн этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэрин
туһугар анал алгыс тыллар анаммыттара.
Өймөкөөҥҥө Томтор нэһилиэгэр Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Муоматтан
38 киһилээх делегациянан кыттан кэллибит, оройуоммутун Төрүт бөһүөлэгин олохтоохторо көрөн-
истэн илдьэ сырыттылар. Улахан Чыыстайтан «Һээку», «Һонҥачаан» үҥкүү-ырыа бөлөхтөрө уонна
«Эгдьэн Мола» дьиэ кэргэн, Төбүлэхтэн хомус ансаамбыллара ситиһиилээхтик кыттыбыттарын
бэлиэтиир тоҕоостоох. Саастаах дьоммут ыраах айаны тулуйан кэлэннэр, сиэдэрэй ойуулаах сарыы
таҥастарынан дьону сөхтөрдүлэр. Айымньылаах үлэһиттэрбит тэрээһин аһыллыытыгар, бары
тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытыннылар, уопсайынан, бырааһынньыгы олус киэргэттилэр. Ону сэргэ
култуура үлэһиттэрэ Юрий Черов, Анна Федорова, Ирина Слепцова олоҥхоҕо холоннулар, онно
ситиһиилэннилэр. Биир дойдулаахтарбытынан киэн туттабыт, оройуон аатын дорҕоонноохтук
ааттаппыттарыгар барҕа махтал тылларын биллэрэбит.

«Муома оройуона» МТ пресс-сулууспата.