Кулун тутар 4 күнүттэн Муома оройуонугар биэс күн устата тэйиччи сытар
учаастактарынан, ыстаадаларынан быыбар тэрээһинэ буола турар. Санаттахха, дойду үрдүнэн
олунньу 25 күнүттэн болдьоҕун иннинэ куоластааһын саҕаламмыта.
Муомаҕа чуолаан ыраах тайаан сытар сирдэринэн үлэлиир табаһыттар быыбардыыллар. Манна учаастакатардааҕы анал быыыбардыыр хамыыһыйа чилиэннэрэ вертолетунан ктөн тиийэн үлэни тэрийэллэр. Кинилэри
кытта сирдьиттэр, баартыйалар бэрэстэбиитэллэрэ, кэтээн көрөөччүлэр бааллар.
Бастакы күн, Дьокуускай Маҕаныттан көтөн кэлбит бөртөлүөт эбиэттэн киэһэ Соболоох
нэһилиэгин территориятыгар баар “Тихон” ыстаадатыгар көттө. Манна 4 табаһыт быыбардыыр
бырааптарын толору туһаннылар. Сарсыныгар, кулун тутар 5 күнүгэр, быыбардыыр хамыыһыйа
Индигир нэһилиэгиттэн “Бэркичэх”, “Чыбааҕылаах”, “Кыҥырайдаах” ыстаадалары хабан үлэлээтэ.
Манна баар табаһыттар хамыыһыйаны үөрэ-көтө көрсөн, куоластаатылар. Икки күн устата барыта
14 табаһыт куоластаата.
“Муома оройуона” МТ- пресс-сулууспата