Атырдьах ыйын 17 күнүттэн Муомаҕа эмчиттэр мобильнай биригээдэлэрэ кэлэн үлэтин саҕалаата. Бу — арктическай оройуоннарга аҕыйах ахсааннаах, ыраах уонна тиийэргэ табыгаһа суох нэһилиэнньэлээх пууннарга бастакы сүһүөх анал медицинскэй көмөнү оҥоруу саҥа бырайыага бу сыл саҕаланыыта Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн төрүттэммитэ.
Эмчиттэр маҥнайгы кэлиилэригэр — кулун тутар ыйга оройуон бары нэһилиэктэрин олохтоохторо миэстэтигэр доруобуйаларын туругун көрдөрүнэр кыахтаммыттара. Ол түмүгүнэн эмчиттэр сорох ыарыһахтары учуокка туруорбуттара, онтон эбии көрдөрүнүүгэ наадыйааччылары анал эмтэниини ааһалларыгар сүбэлээбиттэрэ.
Өссө манна даҕатан эттэххэ, ол сырыыларыгар «плановай көрүүнү» таһынан икки ыарахан туруктаах ыарыһахха экстреннэй суһал көмөнү оҥорон, бу икки киһини күн сиригэр төнүннэрбиттэрэ. Ол дьон — оһолго улаханнык эмсэҕэлээбит элбэх оҕолоох аҕа уонна муҥурдааҕа тэстибит оҕо билигин туруктара этэҥҥэ, кинилэр салгыы эмтэниини ааһаллар.
Бу сырыыга бөлөх састаабыгар 16 эмчит баар: терапевт, кардиолог, хирург, невролог, психиатр, стоматолог, эндокринолог, педиатр, отоларинголог, ортопед-травматолог, гинеколог, уролог, УЗИ диагностика бырааһа, медсестра, медбрат, статист. Улахан бөлөҕү терапевт Татьяна Дьячковская салайар. Кинилэр оройуон бары нэһилиэктэрин хабан атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри үлэлиэхтэрэ. Эмчиттэр өрөбүл күнү аахсыбакка бүтэһик ыарыһахха диэри көрөр соруктаахтар. Биригээдэ кэлэр нэдиэлэттэн нэһилиэктэринэн айанныа. Ол курдук, атырдьах ыйын 22 күнүгэр Соболоох, 23-кэ Сайдыы, 24-кэ Индигир нэһилиэктэригэр уонна көтөр аалынан ыраах нэһилиэктэргэ — 25-кэ Улахан Чыыстайга, 28-ка Төбүлэх нэһилиэгэр көтүөхтэрэ.
Билигин мобильнай биригээдэ оройуон киинигэр — Хонууга үлэлиир. Көрдөрүнүөн баҕалаах элбэх. Бырааска киирии суруйтарыы бэрээдэгинэн буолан чуо-бааччы бириэмэтинэн.
Олохтоохтор төһө да «УЗИ бырааһыгар олус уочараттаах» диэн санааларын үллэһиннэллэр, ханна да ыраах айаннаабакка, бэйэлэринэн кэлбит эмчиттэргэ көрдөрүнэр кыахтаммыттарыттан муомалар үөрэллэр.