Хас биирдии сир-дойду ураты туспа айылҕалаах, киһи кута-сүрэ тохтуур кэрэ миэстэлэрдээх, бэйэтэ абылыыр күүстээх.
Оройуоммут өрөспүүбүлүкэ хотугулуу-илин өттүгэр тайаан сытар. Кини айылҕата бэйэтэ туспа адаар таас хайаларынан, дохсун сүүрүктээх өрүһүнэн, элбэх араас сэдэх эмтээх үүнээйилэринэн, тыа кыылларынан, дьикти кэрэ миэстэлэринэн аатырыан аатырар.
Маннык кэрэ көстүүлээх айылҕабытын харыстыыр сыаллаах 1996 сыллаахха Муоматааҕы «Аан айылгы» айылҕа паарката тэриллибитэ. Ол сылларга паарка салайааччыта Яков Семенович Сивцев толкуйдааһынынан туристическай айан сырыытын суола (маршрут)оҥоһуллубута. Бу айан суолунан араас омук сириттэн, Арассыыйаттан элбэх турист сылдьыбыта, Муома айылҕатын, бэлиэ сирдэрин көрөн, сөҕөн-махтайан бараллара.
Оттон быйыл паарка туристическай суолунан аан бастаан Саха сириттэн туристар айаннаатылар. Саргылаана Неустроева салайааччылаах, уопуттаах үлэһиттэрин уонна туристары кытта 1512 км. уһун айаҥҥа бэс ыйын 19 күнүттэн Дьокуускай куораттан туруннулар. Барыта 16 киһи — Дьокуускай куораттан — биэс, Муоматтан — алта уонна биэс паарка үлэһиттэрэ сырыттылар. Айан суола түөрт сүрүн маршрутунан аттарыллан оҥоһуллубут.
Дьокуускай-Андыкычаан
Аатырбыт «Халыма» федеральнай трассатын уонна Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Томпо, Өймөкөөн биэс оройуону ааһан айанныыллар. Мантан саҕаланар Сахабыт сирин хоту өттүн диэки киэҥ нэлэмэн сиринэн уһун айан.
Андыкычаан-Сааһыыр
Бу суолунан Черскэй сис хайалара, Антон перевала, Динозавр сымыыта, Кыһыл, Мраморнай хайалар кэрэ көстүүлэрэ киһи эрэ астынар, кэрэхсиир миэстэлэринэн сылдьан элбэҕи көрдүлэр. Элбэх умнуллубат түгэннэр тосхойдулар.
Сааһыыр – Улахан Тарыҥ
Манна Индигир эбэ дохсун сүүрүктээх өрүһүнэн катамаранынан, байдарканан устуу бэйэтэ туспа ураты айан саҕаланар. Элбэх киһи сөҕөр кэрэ көстүүлэрэ бииртэн биир арыллан Муома айылҕата абылыыр күүһэ хас биирдии киһиэхэ сэниэ эбэр алыптаах.
Улахан Тарыҥ – Таас Үрэх
Дьикти айылҕалаах Муома сиригэрбалыктааһын, уунан устуу, айылҕаҕа дуоһуйа сынньаныы, чэгиэн салгынынан тыыныы, туох баар кэрэтин, сүмэтин астына иҥэринии.
Туристар иннилэригэр бииртэн биир Муома айылҕатын кэрэ хартыыната арыллан, алгыстаах айаннара киһи тылынан кыайан хоһуйбат, сылдьыбыт эрэ киһи бэйэтэ сүрэҕинэн, дууһатынан ылынар дьикти түгэннэрэ тосхойоллор.
Туристическай айаҥҥа Дьокуускай куораттан сылдьыбыт ыалдьыттарбыт санаалара, иһирэх кэпсээннэрэ:
Ирина Егоровна Федорова идэтинэн медик, Дьокуускай куорат олохтооҕо:
— Туристическай айан туһунан ватсаап нөҥүө истибитим. Нэдиэлэ иннинэ билэн ыйыталаһан, усулуобуйатын
сөбүлээбитим. Маннык улахан туурга саҥа сырыттым. Дьиэ кэргэнинэн элбэхтик айылҕаҕа сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Бу туурга 13 саастаах хаһан да айылҕаҕа сылдьыбатах куорат оҕотун илдьэ кэллим. Оҕону илдьэ сылдьыахха сөп эбит. Аһылыгын сөбүлээтэ. Бастаан кэлэн барытын интэриэһиргээбитэ. Катамаранынан, мотуорунан айаннаан, улахан массыынаҕа саҥа олордо. Муома айылҕата туохха да тэҥнэммэт, кыраһыабай, уларыйа оргуйа, үллэ турар үрэхтэр, өрүстэр, хатыламмат хартыына, аарыма хайалар наһаа кэрэлэр, тула барыта адаар таас. Айаммыт Дьокуускай куораттан саҕаламмыта. Уус Ньараҕа таксинан кэлбиппит, сарсыардааҥҥы парому туораан, «Урал» массыына кэтэһэн турара. Малбытын тиэнэн айаҥҥа туруммуппут.Бастаан Хадаардаахха тиийдибит. Күнэ олус үчүгэй этэ. Сабыс-саҥа дьиэлэр, айылҕа кэрэ көстүүтэ, онно таас үрэххэ суунан, сынньанан утуйан баран салгыы айаннаатыбыт. Табаһыттарга ыстаадаҕа тиийдибит. Онно аһы – үөлү бэлэмнээбиттэр, наһаа истиҥник көрсүбүттэрэ. Таба этэ хайдах хатарылларын көрдүбүт. Биир дьикти көстүү 1700 таба хайа быыһыттан түһэн тиийэн кэлбиттэрэ биир туспа эниэргийэни биэрэллэр эбит. Төгүрүччү сүүрэ-хаама сылдьан, туус көрдөөн бардылар. Ыстаадаҕа баар кыыс 1700 табаны ааттарын барытын билэрэ сөхтөрдө. Биһиги табаларга туус биэрэн, имэрийэн, табаны миинэн да көрдүбүт.Муома айылҕатын, Антон перевалын, Эрикит үрэҕин, Таас үрэх, Мрамор хайаларын олус сэҥээрдим. Киһи кута-сүрэ тохтуур дьикти айылгылаах сири сөҕө көрдүм, туундараны да көрөн аһардым.Муома хатыламмат айылҕата киһини абылыыр күүстээх эбит. Мин бэйэм балыктыырбын олус сөбүлүүбүн.Бастакы баҕа санаабыт балыктааһын этэ. Бастаан Кычымҥа үрүйэлэргэ балыктаатыбыт. Элбэх балыгы хаптардыбыт, куоттардыбыт даҕаны. Балык дэлэй эбит. Быйыты кутуйаҕынан хаптарар ордук эбит. Дьарҕаа балыгы аан бастаан көрдүм. Үрүйэлэргэ балык элбэх эбит. Элбэх балык баар сиригэр элбэҕи оруу тураҕын. Ыстаадаҕа сылдьан Настяттан сөхтүм. Туспа айылгылаах, энэргиэтилээх киһи. Бэйэтэ Магадантан кэлбит, омугунан эвенкийка. Сахалыы үчүгэйдик саҥарар. Туттара – хаптара түргэнэ, барытын сатыыр. Биһиги биир балыгы ыраастыахпытыгар дылы 8 балыгы барытын ыраастаан кэбистэ. Балык иһин ыһаарылаан баран сиир наһаа минньигэс эбит. Маннык туурга сылдьыбыппынан астынным, элбэх сонуну, интэриэһинэйи көрдүм. Биир дьикти түгэни кэпсиэхпин баҕарабын. Соҕотох куба биһигини 50 км. тиийэ арыаллыы сырытта. Кыталыктары, тыа быыһыгар тайаҕы көрдүбүт. Оҕолоох быһыылаах. Куобах оҕотун көрдүбүт. Ити курдук кыыл арааһын көрөн астынныбыт. Хоптолор киһиэхэ түһүөх айылаах буолаллар. Муомаҕа көтөрө, үүнээйитэ элбэҕэ, арааһа, сылдьыбыт эрэ кэрэхсии көрөр.
Түгэнинэн туһанан, маннык тууру тэрийбит дьоҥҥо барҕа махталбын тиэрдэбин. Өссө да кэлбит киһи дии саныыбын. Муомаҕа туристическай айан өссө да сайдан истин. Тыыннаах айылҕаларын харыстаан, федеральнай оҥорбокко, алдьаппакка дьоҥҥо-сэргэҕэ Муома кэрэ сирдэринэн маннык туурдар сайда турдуннар. Үлэлэригэр үрдүк ситиһиини, кытаанах доруобуйаны баҕарабын.
Ульяна Елисеевна Томская, Дьокуускай куорат:
— Муомаҕа барабын диэн эрдэттэн былааннаммытым. Элбэх тууртан «Муома» айылҕатын пааркатын туурун
талбытым.Маршрута киэҥ, уһун, атыттар биир эрэ сиргэ этэ. Бу айан туһунан Нина Слепцоваттан билбитим, киниэхэ подписчикпын. Муома сиригэр бастакыбын сырыттым. Кэлиэхпин наһаа баҕарар этим. Сылдьыбыт туристар хаартыскаларын көрөн ымсыыран, баҕа санаабын толордум. Муома айылҕата ураты туспа,хайаларын көрүҥэ элбэҕэ, эмтээх үүнээйилэрэ эриэккэһэ, Эрикит үрэҕи, Мрамор хайатын ордук кэрэхсээтим. Эрикит хайатыттан түөрт үрэҕи көрдүбүт, оннук көстүү ханна да суоҕа буолуо. Киһи кута-сүрэ тохтуур. От-мас силигилээн турар кэмэ буолан сыта-сымара олус дьикти. Хаһан да көрбөтөх үүнээйилэрбитин, кыһыл кинигэҕэ киирбит үүнээйилэри булан көрдүбүт. Динозавр сымыыта — айылҕа биир дьикти көстүүтэ. Киинэҕэ эрэ көстөрүн курдук үрдүк хайалар бииртэн биир уратылар, үрдүктэр. Айаҥҥа сылдьарбыт тухары эмтээх отторунан чэй оҥостон истибит. Элбэх сиргэ туристыы сылдьыбытым да, Муома айылҕата барыларыттан атын, ураты, ону ордук сөбүлээтим. Улахан Тарыҥ диэни саҥа көрдүм. Оргуйа, будулуйа турар өрүһүнэн айаннаатыбыт, водопад хайалар үрдүлэриттэн түһэр күүһэ киһини чаҕытар.
Кэлин Индигир өрүс уута улаатан, паарка уопуттаах үлэһиттэрэ мунньахтаан баран,сөптөөх быһаарыыны ылынан, Хонууга мотуорунан аҕаллылар. Онон айаммыт этэҥҥэ үчүгэйдик түмүктэннэ. Сылдьыбыт сирбитигэр харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, барытын хомуйдубут, Антон перевалын киириитигэр субботник оҥордубут.
Муомаҕа туристическай айаҥҥа сылдьан элбэх күүс-уох ылынным, элбэҕи көрдүм-биллим. Паарка салайааччытыгар Саргылаана Неустроеваҕа, киэҥ билиилээх үлэһиттэргэ олохпутугар элбэх умнуллубат түгэни бэлэхтээбиттэригэр истиҥник махтанабыт. Төрөөбүт дойдугут кэрэ миэстэлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэ туруҥ, сайдыҥ, бар дьон махталын ыла тураргытыгар баҕарабын.
Марина Степановна Иннокентьева, Дьокуускай куорат:
— Бу айан туһунан туристическай группаттан билбитим. Маннык туристическай айаҥҥа былырыын Төбүлэх өттүнэн 100 км.сатыы хааман сылдьыбытым. 15 киилэ ыйааһыннаах рюкзакпытын сүгэн,16 киһи буолан сылдьыбыппыт.
Быйыл маннык айаҥҥа сылдьан Муома туһунан элбэҕи биллим, астына сынньанным. Бу тууртан ордук тугу сөбүлээтим:
Бастатан туран, паарка инструктордара биһигини кытта бииргэ сылдьан, кэпсээн билиһиннэрбиттэрэ наһаа үчүгэй. Дириҥ ис хоһоонноох толору информация ыллыбыт.
Иккиһинэн, видеограф биһигини кытта бииргэ сылдьыбыта үчүгэй, айаммыт туһунан хаартыскалары, видеолары көрөн, Муома айылҕатын үөһэттэн өссө киэҥник хабан биллибит, көрдүбүт.
Мин үлэлээн бүтээт, пенсияҕа тахсан баран сэттэ сыл устата 50 похуокка, туурга сырыттым. Үксүн сатыы хаамыынан сылдьыбытым. Муомаҕа сылдьыбыт айаным ураты, аспытыттан саҕалаан, кус, балык, хаас, убаһа этэ, аны бурдук аһын арааһа элбэх. Атын туурдарга сырыттахха үксүн хааһы, говядина, бутерброд буолааччы. Аны хонор сирбитин талан сырыттыбыт дьиэ эбэтэр балаакка. Аны тохтообут сирдэрбитигэр баанньык, сынньалаҥы бэркэ тэрийбиттэр. Балык арааһын хаптаран, кыыллары көрөн, эмтээх оттон чэй оҥостон иһэн бары да астынныбыт.
Кэргэннии Альберт уонна Настя Тарковтар дьиэ кэргэнин кытта билсэн, кинилэр олохторун, үлэлэрин туһунан толору биллибит. Настя балык хатаран, туустаан көрдөрдө. Кини түргэн туттуулаах, отууга килиэп, лэппиэскэ буһарар, аһа минньигэһэ.
Салгыы «Таас үрэххэ» инструктор Будимир Николаевич Слепцов көрүстэ. Кини бары өттүнэн дэгиттэр киэҥ билиилээх, айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр. Муома айылҕатын, отун-маһын, кыылларын, үүнээйилэрин туһунан элбэҕи кэпсээтэ. Бэйэтэ эмиэ туспа айылгылаах киһи. Табаһыт дьиэ кэргэн Соловьевтарга сылдьыбыппыт. Наһаа истиҥник көрсүбүттэрэ. Муома дьоно ыалдьытымсах, үөрүнньэҥ үтүө үгэстэрин тута сылдьаллара харахха быраҕыллар.
Кэлин уу улаатан, инструктордар сатабылларынан боппуруоһу быһаара оҕустулар. Саргылаана Ивановна уонна паарка үлэһиттэрин маастарыстыбалара үрдүгүн бэлиэтиэхпин баҕарабын. Сааһыыртан сылдьар Егор Данилов суоппарбытыгар махтанабыт. Ханнык да түгэҥҥэ бэйэтин толору кыаҕын көрдөрдө. Туур наһаа интэриэһинэй, өссө да элбэҕи көрбөтүбүт, Муомаҕа бириэмэбит наһаа түргэнник ааста. Айылҕата дьикти кэрэ, бииртэн биир хатыламмат хартыына, түгэн. Өрүс уута улаатан куттуу сырытта, айылҕабыт бэйэтэ бары кэрэтин, арааһынай көтөрдөрүн, эһэни, тайаҕы, куобаҕы барытын көрдүбүт. Өссө водопад уута биир ураты көстүү.
Түмүккэ, Саргылаана Ивановнаҕа ийэлии истиҥ сыһыаныгар, бары паарка үлэһиттэригэр, биһигини кытта бииргэ
сылдьыбыт дьоҥҥо улаханнык махтанабыт. Маннык кэрэ сиргитин харыстаан, элбэх киһи сылдьан, хоту дойду айылҕатын кэрэтин көрдүннэр.
Слепцова Нина, фотограф, видеограф. Дьокуускай куоракка олорор:
— Видеонан дьарыктаммытым 2-3 сыл буолла, хаартысканан эрдэ дьарыктаммытым. Куйаар ситиминэн Муома кэрэ
айылҕатын бар дьоммор көрдөрөн, дойдум айылҕатын билиһиннэрэр эрэ буолбакка, маннык кэрэни алдьаппакка, харыстаан илдьэ сылдьыахха диэн пропаганда биир көрүҥэ буолар. Бэйэм айылҕаҕа уруккуттан сылдьабын. Социальнай эйгэ сайдан дьоҥҥо интэриэс баар. Кыайан кэлбэт-барбат дьон эмиэ көрөн биллиннэр диэн сыаллаах үлэлиибин. Кэлиҥҥи сылларга Муома сирин, айылҕатын интэриэһиргииллэр. Айылҕата ураты, туспа. Бэйэм Мрамор хайатыгар сылдьыбытым, Улахан Тарыҥҥа саҥа сырыттым. Маннык дьарыктанарбын сөбүлүүбүн. Муома улууһугар туризм өссө күүскэ сайдыан сөп дии саныыбын. Элбэх биллиилээх да дьоннор кэлэн бараллар. Саха сирин айылҕатын интэриэһиргээн эрэллэр. Аан айылҕабытын харыстыахха, хас биирдиибититтэн биһигиттэн тутулуктаах, алдьаппакка хайдах баарынан тыыннаахтыы кэлэр кэнчээри ыччакка тиэрдиэ этибит. Саха киһитэ – айылҕа оҕото, күүһэ, тыына онно сытар.
Ыраахтан кэлбит ыалдьыттарбыт Муома ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо хоһуллубут кэрэ айылҕатын кэрэхсээн, Индигир эбэ күлүмүрдэс ыраас уутун эттэригэр-хааннарыгар иҥэринэн, мүөттээх чэгиэн салгынынан тыынан, адаар таас хайалар эниэргийэлэрин ылынан, дуоһуйа сынньанан барбыттарыгар «Муома» айылҕа пааркатын уопуттаах үлэһиттэригэр махтаналлар. Өссө да Муома кэрэ айылҕата, алыптаах дьиктитэ элбэх ыалдьыттары абылыы, ыҥыра туруохтун. Төрөөбүт дойдубутун, ытык сирдэрбитин харахпыт харатын курдук харыстаан илдьэ сылдьарбыт хас биирдии киһи ытык иэһэ.
Айталина Николаева