Меценат үтүө дьыалата салҕанар

Меценат диэн кимий? Меценат диэн үөрэҕирии, билим, ускуустуба, медицина, култуура салааларыгар дьоҕурдаах, ситиһиилэрдээх ыччаты бэйэ баҕатынан үбүлүүр киһи. Меценат үбүн-харчытын тус бэйэтэ аныан сөп эбэтэр анал истипиэндьийэ, пуонда олохтоон онно биэриэн сөп.
Муома оройуонугар меценатствонан былыр Сэмэн кинээс диэн Арассыыйаҕа Анна уордьанын ылбыт киһи дьарыктаммыт эбит. Ущницкайдар өбүгэлэрэ Өйөнөөн Савва Атласов, Дмитрий Старков диэн меценаттар оройуоммут сайдыытыгар үгүс өҥөнү оҥорбуттарын туһунан кэпсэнэр.
Аныгы кэмҥэ оройуоммутугар үгүс талааннаах ыччаты өйүүр меценат дьон бааллара үөрдэр. Хонуу сэлиэнньэтин бочуоттаах олохтооҕо Акулина Семеновна Ущницкая өр сыллар тухары Суон Тииттэн төрүттээх үөрэхтэригэр ситиһиилээх оҕолору өйүүр уонна улууспут сайдыытыгар түгэнинэн көрөн туһааннаах тэрилтэлэргэ үбүнэн көмөнү оҥорор.
Оройуон үөрэҕириитин управлениета педагогическай кылааска ситиһиилээхтик үөрэммит оҕолорго олох суолугар үктэнэр бастакы хардыыларыгар күүс-көмө буолан, меценат дьыалата сайдарыгар дьон болҕомтотун тардыбыттара.
Оройуоммут оскуолаларын сылын аайы элбэх оҕо бүтэрэр. Үөрэхтэригэр бастыҥ, араас күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ үрдүк ситиһиилээх оҕолорго сүүрбэччэ сыл тухары быыстала суох анал истипиэндьийэлэрин олохтуур учуутал да, убаастанар дьон да үгүс. Хас биирдии оскуолаҕа кинилэр ааттара ааттанар, үтүө дьыалалара үйэтийэр.
Муома орто оскуолатыгар анал истипиэндьийэни биэрии 2000 сыллаахтан саҕаламмыта. Ол сыл РФ орто үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, нуучча тылын учуутала, “Меценат 100-летия” анал аат хаһаайына И.Е. Соркомова кыыһын аатынан истипиэндьийэни олохтообута. Онтон ыла уон биэс сыл тухары Изольда Егоровна выпускник оҕолорго “Памяти сестер Соркомовых” диэн ааттаах дьоһун көмөнү оҥорор буолбута. Үөрүүлээҕэ диэн, кини үтүө дьыалата салгыы бара турар. Ол курдук, 2000 сыллаахха МОО-тын бүтэрбит бастакы стипендиата, билигин учуутал Л.С.Неустроева 2023 сыллаахтан 9 кылааһы бүтэрэр, математика биридимиэтигэр ОГЭ-ҕа үрдүк көрдөрүүлээх оҕоҕо “Вершина успеха” анал истипиэндьийэтин олохтообута. Маннык чиэскэ Валера Слепцов, быйыл Катя Сапожникова тиксибиттэрэ.
2005 сылтан “Педагогическая династия Калугиных-Степановых” анал истипиэндьийэлэрэ бэриллэр буолбута. Бу истипиэндийэни учуутал, саабыс, дириэктэр Герман Михайлович Калугин кыыһа, РФ үтүөлээх учуутала, Учууталлар учууталлара А.Г. Степанова (Калугина) уонна сиэннэрэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуннара Д.А. Мосенков, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ А.Г. Калугина олохтообуттара.
2007 сыллаахтан “Отличники образования – отличникам учебы” истипиэндьийэни үөрэҕирии туйгуннара олохтоон, сылын аайы оскуоланы бүтэрэр туйгун үөрэнээччилэри бэлиэтииллэр.
2008 сылтан РФ бочуоттаах үлэһиттэрэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуннара, убаастанар учууталлар эдьиийдии-балыстыы В.В.Жиркова, А.В.Иванова, Н.В.Иванова “Стипендия сестер Ивановых-Жирковых” анал көмө оҥороллор.
2008 с. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, “Гражданскай килбиэн” анал бэлиэ хаһаайына, МОО учуутала, дириэктэрэ С.А. Сюльскай эһэтин, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх салайааччытын С.С.Сюльскай аатын үйэтитэн “Учительская династия Сюльских” истипиэндьийэни олохтообута. Билигин да Сергей Августович үтүө дьыала ситимин быспакка, тус бэйэтэ үүнэр көлүөнэни өйүү турара махталлаах.
ССРС бэчээтин туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Р.П. Былбанаева оскуола выпускник оҕолоругар үс анал бириэмийэни биэрэр буолбута улахан суолталаах. 2014 сылтан “Педагог, суруналыыс И.А. Неустроев аатынан”, 2019 сылтан «Памяти спортсмена Ю.А.Неустроева”, 2022 сыллаахха“Именная стипендия Р.П.Былбанаевой” истипиэндьийэлэр туттарыллан, үгүс оҕону үрдүк ситиһиилэргэ кынаттаата.
2014 сыллаахха оройуон ытыктанар учуутала И.П. Хабаров МОО-тын бастыҥ уоланыгар тус көмөтүн биэрэн саҕалаабыта. Бу уол оҕоҕо кыах биэрэр кэскиллээх дьыаланы Соболоох оскуолатын учуутала Л.Р.Игнатьева көҕүлээн, билигин да салгыы турара үөрдэр. Бу сылтан саҕалаан Ыччат политикатын туйгуннара А.М.Слепцова, В.В.Аммосов эдэр көлүөнэ оҕолорун өйөөн, тустаах көмө оҥороллор.
2016 сыллаахтан култуура үтүөлээх үлэһиттэрэ ини-бии Александр уонна Артем Николаевич Корякиннар, эдэр исписэлиис Э.А. Корякина култуура эйгэтигэр талааннаах ыччакка анал истипиэндийэни туттараллар.
Быйылгыттан оройуон убаастанар учуутала, дириэктэр, тириэньэр Дмитрий Александрович Мосенков кэриэһигэр дьиэ кэргэнэ саҥа истипиэндьийэни олохтоон, чулуу спортсмен оҕолорго көмө бэриллэр буолла.
Сылын аайы Муома орто оскуолатын бүтэрэр үөрэнээччилэргэ биирдиилээн предметник учууталлар, кылаас салайааччылара, оскуола түмэлэ, саха методическай холбоһугун учууталлара бэйэлэрин тус бириэмийэлэрин туттаран, элбэх ыччаты үөрдүбүттэрэ.
Муома алын сүһүөх оскуолатын ытыктанар учууталларын ааттарынан анал истипиэндьийэлэр 4-c кылааһы бүтэрэр оҕолорго сылын аайы үөрүүлээхтик туттарыллар. Оскуола бастакы дириэктэрэ (1991), РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ С.Г.Дмитриева аан бастаан 2002 сыллаахха үөрэх дьылын түмүгүнэн бастыҥ үөрэнээччигэ анал бириэмийэтин туттарбыта үтүө үгэскэ кубулуйбута. СӨ үөрэхтээһинин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, Учууталлар учууталлара М.Г. Сидорова аатынан истипиэндьийэ үөрэҕэр үрдүк ситиһиилээх кырачаан үөрэнээччилэргэ ситимин быспакка бэриллэр. Убаастанар учууталларбыт ааттарын үйэтитэн ыччаттара үбүнэн өйүүллэр. Өр сылларга оскуола дириэктэринэн үлэлээбит В.А. Никулина “Фонд выпускников Вилюйского педучилища” диэн хамсааһыны тэрийэн, оройуон учууталлара үөрэх тэрилтэлэригэр оҕо сайдыытыгар анаан көмө оҥороллоро. Өр сылларга алын кылаас уонна саха тылын учууталынан, иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччынан, В.Д. Лебедев аатынан ОДОО дириэктэринэн үлэлээбит, Учууталлар учууталлара А.К. Николаева дьиэ кэргэнин аатыттан төрөөбүт тылы өрө тутан 2017 сылтан саҕалаан күн бүгүҥҥэ диэри анал истипиэндьийэтин биэрэр. Муома алын сүһүөх оскуолатыгар билигин үлэлии-хамсыы сылдьар СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэхтээһинин систиэмэтин бочуоттаах бэтэрээнэ А.Я. Слепцова, дириэктэр А.А. Петрова, учууталлар, кылаас салайааччылара төрдүс кылаас үөрэнээччилэригэр сылын аайы тус бэйэлэрин истипиэндьийэлэрин туттараллара оҕолору салгыы сайдарга кынаттыыр.
Индигир орто оскуолатыгар өр сылларга дириэктэринэн үлэлээбит, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ, Арассыыйа оскуолаларын үөрэҕириитин айар Академиятын академига, Учууталлар учууталлара, “Үйэ дириэктэрэ” Н.А. Брызгалов аатынан истипиэндьийэ 11-с кылааһы бүтэрэр бастыҥ үөрэнээччигэ бэриллибитэ. Ону сэргэ биирдиилээн учууталлар анал бириэмийэлэрин тустаах оҕолорго туттараллар.
Соболоох орто оскуолатыгар меценат үтүө дьыалата эмиэ салҕанар. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ ытыктанар дьоммут РФ юстициятын туйгуна, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун үрдүк категориялаах суудьуйата И.Г.Билюкина бастыҥ үөрэнээччигэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ суруйааччыларын союһун чилиэнэ А.С. Владимирова “Айар талаан” анал аат кыайыылааҕар, СӨ авиациятын туйгуна Е.П. Черемкин авиационнай үөрэххэ туттарсар оҕоҕо туһаайан истипиэндьийэ аныыллар. Соболоох оскуолатын бүтэрбит, специальнай байыаннай операция буойуна Э.Р.Соркомов кэриэһигэр ситиһиилээх выпускникка бэриллэр “Үтүө санаа” истипиэндьийэни ийэтэ, аймахтара олохтообуттара. Быйылгыттан уйулҕа билимин хандьыдаата, РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Учууталлар учууталлараИ.П. Хабаров аатынан анал истипиэндьийэни аймахтара биэрэр буолбуттара. Алын кылааһы бүтэрбит оҕолорго СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара З.И.Старкова аатынан истипиэндьийэни үчүгэй үөрэхтээх оҕоҕо кыыһа Т.Г. Степанова сылын аайы биэрэр.
Төбүлэх орто оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэр оҕолорго 2008 сылтан тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, норуот ырыаһыта, оһуохайдьыт А.Е. Слепцов аатынан, 2015 сылтан үлэ бэтэрээнэ, өр сылларга уот систиэмэтигэр салайааччынан үлэлээбит Е.П. Николаев аатынан анал истипиэндьийэлэри дьиэ кэргэннэрэ олохтообуттара, оннук сылын аайы үчүгэй көрдөрүүлээх үөрэнээччилэр көмө харчынан бэлиэтэнэллэр.
Улахан Чыыстай орто оскуолатыгар биллиилээх булчут, чулуу үлэһит Долгунча аатынан истипиэндьийэни биэрэн, бииргэ төрөөбүттэр РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай үлэ бэтэрээнэ С.Г. Дмитриева, СӨ судаарыстыбаннай гражданскай сулууспатын туйгуна ЮГ. Тарабукин, СӨ доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна Е.Г. Шадрина ииппит ийэлэрин аатын үйэтиппиттэрэ. 2010 сыллаахтан СӨ оскуолаларын үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Муома оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо А.М. Дегтярев аатынан анал көмөнү кыыһа, үлэ бэтэрээнэ, Улахан Чыыстайдааҕы эбээн устуоруйатын уонна култууратын дириэктэрэ В.А. Баишева үөрэнээччилэргэ туттарар буолбута. 2015 сылтан РФ үтүөлээх учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Муома оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо Ю.Г. Иванов успуорка үрдүк ситиһиилээх оҕолору меценат быһыытынан өйүүрүн тохтоппот. 2017 сылтан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Н.К. Слепцова үүнэр көлүөнэни өйөөн анал бириэмийэтин биэрэн саҕалаабыта. Социалистическай тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, “Коммунизм” колхоз чилиэнэ, чулуу табаһыт С.Г.Слепцов ыстаадатын аатыттан оҕолоро З.С.Садовникова, Г.С. Степанов ыстаадаҕа көмөлөһөр уонна эбээн тылын үөрэтэр ситиһиилээх үөрэнээччилэргэ утуму салҕаан тустаах көмөнү оҥороллор. Билигин Соҕуруу Кореяҕа олорор А.А. Оконешникова СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ А.Е. Слепцов аатынан истипиэндьийэни анаан, аҕатын аатын ааттатар.
Орто Дойду орто оскуолатыгар 2007 сылтан герой-ийэ, сэбиэскэй эргиэн туйгуна Евдокия Егоровна Никулина кэриэһигэр истипиэндьийэни оҕолоро, сиэннэрэ олохтообуттара. Билигин да үөрэххэ, күрэхтэргэ үрдүк ситиһиилээх үөрэнээччилэргэ ананан, бу үтүө үгэс тиһигин быспакка салҕанар. СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара У.А. Черова уонна ытыктанар учуутал, ОДОО-гар дириэктэринэн үлэлээбит Н.И. Терехов дьиэ кэргэнэ оҕолору өйөөн, анал көмөнү оҥорбуттара үтүө холобурга сылдьар.
2000 сылтан ускуустуба уонна култуура эйгэтигэр үөрэнэр устудьуоннарга Оҕо искусствотын оскуолатын учууталлара меценат пуондатын тэрийэн, анал көмөнү оҥорон саҕалаабыттара. Оскуоланы бүтэрбит талааннаах ыччаттарыгар болҕомто ууран, бэлиэ түгэннэринэн өрүү эҕэрдэлээн үөрдэллэр. Дириэктэр А.М. Федорова дойдутугар Чурапчы Мугудайыгар Култуура дьиэтигэр тиһигин быспакка өйөбүл оҥорон,“Сыл бастыҥ мецената” диэн бочуоттаах ааты ылбыта.
Оройуон сайдыытыгар үгүс үтүөлээх меценат дьон ааттара устуоруйаҕа хаалалларын туһугар сурукка киллэрэрбит, кинилэри өйдүү-саныы сылдьарбыт ытык иэспит буолар. Меценатство хамсааһына ситимин быспакка инникитин да сайда туруо диэн эрэниэххэ.

Татьяна Данилова

Читайте дальше