Лианна Спарроу: Күүс-көмө буолаары…

Дойдуга иккис сылын анал байыаннай дьайыы биллэриллэн, хантараагынан, мобилизациянан барбыттар  фашизмы утары көҥүл, эйэ туругурарын туһугар туруулаһа сылдьаллар. Баар балаһыанньаҕа Сахабыт сиригэр бары болҕомто бу хайысхаҕа туһаайыллар, араас өрүттээх үлэ барар. Улуустар делегациялара миэстэтигэр тиийэн байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарын көрсөллөр, гуманитарнай көмөнү тиэрдэллэр. Ааспыт ыам ыйыгар биһиги оройуоммут Аҕа баһылыга Дмитрий Аммосов оннук айаны тэрийэн байыастар махталларын ылбыта. Соторутааҕыта байыаннай дьайыы сиригэр өссө биир дойдулаахпыт баран кэллэ. Ол волонтер Лианна Спарроу. Кинини  кытта тустаах сырыытын туһунан кэпсэттибит.

– Лианна, маннык уустук балаһыанньаҕа куттаммакка, хайдах итинник ыраах сиргэ Муоматтан тиийэн хааллыҥ?

– Манна туох даҕаны уустуга, куттала суох. Волонтер диэн ис сүрэҕиттэн дьоҥҥо кыайа-хото көмөлөһөр, гуманитарнай үлэни тиэрдэр киһи буоллаҕа. Ол санаанан салайтаран интернеккэ хайдах тиийэн көмөлөһүөххэ сөбүн туһунан иһитиннэриилэри хасыһан көрдөөбүтүм. Биир сайтка Мариупольга алдьаммыт квартиралары уонна кыра чааһынай дьиэлэри өрөмүөннүүргэ баҕалаахтары православнай Церковь иһинэн сүрүннээн үлэлиир Синодальнай отдел биллэриитин булан аахпытым уонна бэйэбин билиһиннэрэн сайаапка суруйан ыыппытым. Церковнай – медицинскэй — социальнай киин тэриллэн, Сибэтиэй Алексий аатынан церковнай балыыһа үлэлиир эбит. Бу кииҥҥэ куорат олохтоохторо бастакы медицинскэй көмөнү, стационарнай социальнай көмөнү (эмтиир, душевой, сылытыы), аадырыстаах социальнай көмөнү ылаллар. Киинтэн ыҥырыыны, көҥүлү тутаммын, быйыл саас уоппускабар Москваҕа айаннаан тиийбитим. Санаттахха, Москваттан салгыы айаны эрэ төлүүллэр этэ. Биллэрин курдук, Мариуполь куораты байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан босхолооһун саҕаламмыта, манна  эйэлээх олох кэлбитэ этэҥҥэ сыл буолла. Мариуполы Санкт-Петербург курдук улахан куорат, бөдөҥ регион быраат оҥостон, куорат урусхалын чөлүгэр түһэриигэ үлэни көхтөөхтүк ыытар. Оттон биһиэхэ церковь нөҥүө чааһынай дьиэлэри чөлүгэр түһэриигэ көмөҕө ыҥырыы этэ. Волонтердар биригээдэлэрин тутууга сыһыаннаах Саха государственнай университетыгар тутуу салаатын бүтэрбит Ю.А. Процко салайбыта. Юрий Алексеевич Москваҕа олорор, бэйэтэ тутуу тэрилтэлээх. Мин тутааччыларга астарын астааһыныгар, ол иһигэр утуйар таҥастарын сууйууга, о.д.а. быстах үлэлэргэ сылдьыбытым. Бары даҕаны олох күн солото суох үлэ үөһүгэр сылдьарбыт.

– Соторутааҕыта уоттаах сэрии буолан ааспыт куоратыгар тиийэргэ хорсун санаа наада. Киһи өйүгэр баппат балаһыанньата буолуохтаах.

– Сэрии алдьархайын, урут киинэҕэ эрэр көрөр этибит буоллаҕа. Онно тиийэн сэрии буолбут дьулаан хартыынатын илэ көрбүтүм. Куорат сүрдээҕин ыраастаммыт, ол эрээри олус урусхалламмыт этэ. Хантан, хайдах, тугунан  ытыалаабыттара барыта ырылыччы көстөр.  Байыаннай дьайыы саҕаланыытын Европа хайдах быһыылаахтык ылыммытын илэ харахпынан эмиэ көрбүтүм диэхпин сөп. Ити саҕана Польшанан, Германиянан быстах үлэлэргэ сылдьыбытым. Үлэм уоппускатын кэмигэр араас сиринэн сылдьааччыбын, омук сиринэн быстах үлэлэргэ эмиэ. Итинник кэмнэргэ 3-4 кыргыттар буолан хостелга олорооччубут. Польшаҕа этэ, байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар россияннарга олохтоохтор сыһыаннара тосту уларыйбыта. Мин хата английскайдыы боростуойдук көҥүл саҥарар буоламмын, Казахстантан сылдьабын диэччибин. Белоруссияттан сылдьар табаарыстарым элбэх уустуктары көрсүбүттэрэ. Хоско олорор кыргыттарбыттан иккитэ украинкалар этэ. Барахсаттар тутатына дьоннорун кытта сибээскэ тахсан, кыраныыссанан оҕолорун, чугас дьонун аһардаары ыҥыттарбыттара. Ити кэмҥэ кыраныыссаҕа олус элбэх дьон тоҕуоруһан, сабан кэбиспиттэрэ. Онон чугас дьоннорун аһардыбаккалар, кыргыттар айманалларын өйдүүбүн. Онтон мин уоппускам бүтэн кэллэҕим дии. Онон Мариупольга волонтердуу барарбар, барытын толкуйдаан, балаһыанньа хайдах буолуон сөбүн сэрэйэр буолан, барарга быһаарыыны ылыммытым.

– Волонтер диэн ураты өйдөөх-санаалаах улахан миссияны толорор киһи дии саныыбын.

– Волонтер диэн тылы олох кыра эрдэхпиттэн үчүгэйдик билэбин (күлэр). Оскуола кэмигэр Дьокуускайга бүтэһигин ыытыллыбыт “Дети Азии” Аан дойдутааҕы Оонньуу түһүлгэтигэр саамай кыра саастаах волонтер этим, бастакы тургутуубун онно ааспытым. Онтон 2018 сыллаахха Аан дойду футболун чемпионатыгар Санкт-Петербурга волонтердаабытым. Салгыы да улахан түһүлгэлэргэ сылдьыам, үлэни иһиттэн билэбин, хайдах туох быһыылаахтык сылдьарбын. Билигин аны байыаннай дьайыыга волонтердары мээнэ ылбаттар диэн истэбин.

– Тоҕо?

– Билигин кыраныыссанан тайаан сытар регионнарга куттал суоһуурун көрө-билэ олоробут. Волонтердар мустар сирдэрин эмиэ ытыалыыллар. Санаттахха, Москваттан айанныахтаах кэммэр, Питердээҕи доҕотторум аҕыйах хонукка Карелияҕа барарга диэн ыҥыраннар кыратык тардыллыбытым. Айанныахтаах автобуһум маршрутугар буомбаны эстэрбиттэр этэ, элбэх киһи эмсэҕэлээбитэ, суорума суолламмыта. Онон хайдах да диэбит иһин, өлүү аттыгар хаама сылдьар. Мариупольга сылдьар кэммэр иккитэ чугаһынан эстэриилэр буолуталаабыттара.

– Онно баар олохтоохтор тустарынан тугу этиэҥ этэй, көрсөн кэпсэппитиҥ дуо?

– Элбэх киһини көрсүбүтүм, кэпсэппитим. Биири этиэхпин сөп. Онно баар олохтоохтор Арассыыйаны олох чугастык ылыналлар эбит, куруутун кини састаабыгар киирэргэ баҕа санааларын ыһыктыбакка сылдьыбыттар. 80-ча саастаах оҕонньор “куоратым Арассыыйа састаабыгар киирбитин көрөр дьоллоох киһибин” диэн үөрбүт харахтарын олох умнубаппын. Онно чахчы нуучча норуота түөлбэлээн олорор сирэ. Уопсайынан, олохтоохтор сирэйдэригэр-харахтарыгар чахчы кытаанах кэми ааспыттара көстөр. Хайдах эрэ муммут кус оҕолорун курдук тутталлар-хапталлар. Куоракка кыргыһыы кэмигэр 63 хонук ыраас уута суох сылдьыбыттарын кэпсээбиттэрэ. Билигин даҕаны ууларыгар, уоттарыгар кыһалҕалаахтар.

– Арассыыйа ханаалларын төһө көрөллөр эбитий?

– Кырдьыга, телевизор көрөр соло да суох этэ. Олохтоохтор да көрбөттөр, уот ситимэ суох сирэ элбэх. Билигин саҥа чөлүгэр түһэрэ сылдьаллар. Манна кэлэн көрдөххө, биһиги ханаалларбыт онно буола турар балаһыанньаны аҥарын даҕаны кэпсээбэттэр. Баҕар үчүгэй эрэ түбэлтэлэри көрдөрөргө сорудахтаахтара дуу дии саныыбын. Телевизор кэпсиирэ уонна онно баар балаһыанньа улахан араастаһылаах.  Оттон Украина ханаалларын ити Германияҕа сылдьан көрбүтүм, чахчы “русофобия” күүстээх пропагандата этэ. Наар дойдубутун, президеммитин саҥарааһын. Ол иһин олохтоохтор сыһыаннара кытаанах.

– Телевизорынан саҥа регионнар олохтоохторуттон үгүстүк саастаах кырдьаҕас дьону көрөбүт. Эдэрдэр суохтарын кэриэтэ дии.

– Оннук. Ол кырдьык. Эдэр дьон үксүлэрэ Европа диэки барбыттар, эбэтэр ыал дьон Арассыыйа диэки кэлбиттэр. Саастаах дьон үйэлэрин тухары олорбут сирдэрин уларыталлара уустуктардааҕа чуолкай. Дойдуларыттан тэйиэхтэрин баҕарбаттара өйдөнөр. Эйэлээх олоҕу уһансыыга эдэрдэр кэлиэхтэрэ диэн эрэнэбин.

– Волонтерунан мээнэ ылбаттар диэтиҥ. Ол эрээри баҕар эн курдук эдэр дьон көмөлөһөр санаалаах буолуохтарын сөп. Кинилэргэ туох баҕа санааҕын тиэрдиэҥ  этэй?

– Онно сылдьар кэммэр мин курдук эдэр кыргыттар суохтарын кэриэтэ этэ, эдэр уолаттар да. Үксүлэрэ орто, аҕа саастаах дьон. Итинник балаһыанньаҕа олоҕу үчүгэйдик билэр дьон сылдьаллара сөптөөх буолуо. Анаан онно миэстэтигэр тиийэн да көмөлөспөтөр,  мантан дойдубут көмүскэлигэр, кыайыы туһугар туох кыалларынан, сатанарынан  элбэҕи көмөлөһүөххэ сөп. Араас акцияларга кыттыһан, харчынан көмөлөһөн байыастарбытын өйүүргэ бары турунуохпутун наада. Онно хайдахтаах курдук көмө, өйөбүл  наадатын билэн кэллим.  Итинник сырыы кэнниттэн олоҕу көрүүҥ 180 кыраадыс эргийэр, уларыйар эбит. Урукку кэммин санаан сонньуйарым элбэх. Эдэр ыччакка олоҕу сыаналааҥ диэн этиэм этэ. Кыра мөккүһүүлэри, өйдөспөт буолууну киэр кыйдааҥ. Чугас дьоҥҥутун, дьиэ кэргэҥҥитин харыстааҥ, кинилэри хомоппот туһугар туһалааҕы оҥоруҥ, ситиһиилээхтик үөрэниҥ, бэйэҕитин сайыннарыҥ, көхтөөхтүк үлэлээҥ.

– Лианна, аһаҕас уонна сэргэх кэпсээниҥ иһин махтал. Олоҕуҥ куруук сырдыгынан сыдьаайдын, үтүөҥ үтүөнэн эргийдин!

М. СТАРКОВА.

Читайте дальше