Күүстээх куолас абылаҥа

Ааспыт нэдиэлэҕэ Арчы дьиэтигэр Саха Республикатын үтүөлээх артыыската, опера ырыаһыттарын аан дойдутааҕы куонкурустарын Гран-при хаһаайката, киэн туттар биир дойдулаахпыт Екатерина Корякинаны кытта истиҥ көрсүһүү ыытылынна. Көрсүһүү киэһэтэ алгыһынан саҕаланна. Арчы дьиэтин хаһаайката Ирина Николаевна — Аптаах Дукку кыыспытын Катяны алгыс тылынан ыраастаата, инники ситиһиилэргэ алҕаата. Бу тэрээһин быйылгы үлэ сезонун арыйарынан көрсүһүүгэ кэлбит дьон бары алгыс ылыннылар. Дьоро киэһэни культура управлениетын салайааччыта Юрий Черов иилээн-саҕалаан ыытта. Екатерина Корякина Саха сиригэр биир күүстээх ырыаһыт буола үүнэн эрэрин этэн туран кини ситиһиилэрин билиһиннэрдэ. Элбэхтэн сүрүннэрин этэр буоллахха Екатерина М.И. Глинка аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы вокалистар куонкурустарын кыайыылааҕа, «Молодые дарования России», «Сольное пение», «Музыкальный Владивосток» онтон да атын региональнай конкурстар лауреаттара. ССРС норуодунай артыыһа Анегина Ильина-Дмитриева аатынан театральнай грант хаһаайката. Соторутааҕыта Саха Республикатын норуодунай артыыһа Айталина Адамова-Афанасьева аатынан аан дойдутааҕы куонкурус кыайыылааҕынан ааттаммыта. Ити курдук аахтар ааҕа туруохха сөп ырыаһыт биир дойдулаахпыт ситиһиилэрин.
Кини дойду аатырбыт театрдарын сценатыгар төрөөбүт дойдутун аатын доргуччу ааттаттар. Оройуон салалтата Екатерина Петровна Муома культурнай аатын дойду үрдүнэн дуорааннаахтык ааттатарын сөпкө сыаналаан «Муома оройуонун бочуоттаах олохтооҕун» аатын иҥэрдэ. Туоһу суругу, түөскэ анньыллар бэлиэни оройуон баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Артур Тарабукин туттарда. Артур Александрович эҕэрдэ тылыгар Екатерина Корякина ситиһиилэрин ааттаан туран оройуон олохтоохторун аатыттан махтанна, өссө да үрдүк ситиһиилэри баҕарда. Катя өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан күүстээх куолаһынан көрөөччүлэри абылаабытын санатта эҕэрдэ тылыгар искусство оскуолатын директора Анна Митрофановна Федорова. Кини Катя төрөппүттэригэр махтанан туран Баһыкаан уонна Ааныка Корякиннар икки сиэннэрэ Саха Республикатын норуодунай артыыһа, балерина Надежда Корякина уонна Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа, опера ырыаһыта Екатерина Корякина Саха сирин культурнай аатын дьоһуннук ааттаталларынан киэн туттарын эттэ. Муоматааҕы искусство оскуолата бэйэтин үөрэнээччилэрин ситиһиилэринэн үлэтин уопутун киэҥник тарҕатарын кэпсээтэ.
Көрсүһүүгэ кэлбит дьон Екатерина күүстээх куолаһын сөҕө-махтайа иһиттилэр. Кыыспыт олоҕун аргыһа Иннокентий Оҕочооноп ураты куолаһынан көрөөччүлэри абылаата. Кини долгураҥ ырыатыгар бигэнэн көрөөччүлэр үҥкүүгэ эргийдилэр. Оҕо саастарын доҕорун Катяны Суон Тиит учаастагын эдэр ыччата эҕэрдэлээтэ. Дьүөгэтэ Диана Прибылых ис сүрэҕиттэн долгуйан туран ырыа бэлэхтээтэ. Салгыы Екатерина Корякинаны үөрэппит учууталлара, биир идэлээхтэрэ, оҕо сааһын доҕотторо, аймахтара үрдүк ситиһиитинэн эҕэрдэлээтилэр, сибэкки дьөрбөтүн бэлэхтээтилэр. Көрсүһүүгэ сылдьыбыт дьон Екатерина толорбут ырыаларын олус истиҥник ылынна, ырыаһыт кыыстарынан чахчы да киэн тутунна. Дьоро киэһэ ырыа түһүлгэтинэн түмүктэннэ.

Христина Кривошапкина

Читайте дальше