Алтынньы ый бэрт өр сылаас туран баран, -50* кыраадыс тымныылаах кыыдааннаах кыһын син биир кэлиэҕин халлааммыт күнтэн күн биллэрэн эрэр
Биһиэхэ оройуоммутугар сүөһү тутар тыа дьонун ахсаана сылтан сыл аччаан-көҕүрээн иһэр. Биричиинэтэ — от үлэтэ кыайтарбат. Быйыл күһүн нэһилиэктэргэ эмиэ элбэх сүөһү сүүһэ тыаһаата.
Ол эрэн сорох дьон үөрүйэх оҥостубут дьарыктарын бырахпаттар, ону ааһан сүөһүлэрин ахсаанын элбэтэргэ кыһаллаллар.
Кыстыкка төһө бэлэммитий?
Ол туһунан биһиги хаһыаппыт общественнай кэрэспэндиэнэ Людмила Стручкова ыыппыт иһитиннэриитигэр:
— Төбүлэх нэһилиэгэр быйылгы кыстыкка алтынньы ый 27 күнүнээҕи туругунан ынах сүөһү 33 төбө киирдэ, ол иһигэр ыанар ынаҕа 14 төбө. Сыһыыга сылдьар сылгы уопсай ахсаана 239, ол иһиттэн биэтэ 130. Тымныы кыһын хотоҥҥо 25 куурусса хорҕойдо.
Сайын сүөһүлээхтэр күн-дьыл туран биэрэн оту син оттоотулар. Окко былаан 217 т этэ, туолла 131,5, ол аата 60,6%.
Үүт валовай ыаһына сыл саҕаланыаҕыттан 30 т ыанна.
Төһө да тымныы климаттаах хоту дойдуга олордорбут, ыал үксэ оҕуруот аһын олордуунан дьарыктанар. Ол курдук нэһилиэк үрдүнэн оҕурсуу, помидор, свекла, хаппыыста барыллаан ааҕыынан 10 т хомулунна. Былааннаммыт 4,3 т хортуоппуйтан 2,6 т хомулунна.
Бэйэ оҥорон таһаарар этэ, үүтэ, оҕуруот аһа — бу барыта үлүскэн үлэ түмүгэ буолар.
Кырыы сытар кыра нэһилиэк олохтоохторо тыа ыалын сүрүн дьарыгын — сүөһү, сылгы иитиититтэн илиилэрин араарбакка, сөптөөхтүк дьаһанан олороллоро хайҕаллаах.