Сэтинньи ый — Байанай ыйа. Байанай — тыа, ойуур, көтөр-сүүрэр таҥарата, бултаан аһаан-таҥнан олорор дьон үҥэр-сүктэр иччилэрэ.

Сэтинньи 23 күнүгэр Муома алын сүһүөх оскуолатыгар Байанай ыйыгар аналлаах үгэс буолбут «Күөсчүт алгыһа» диэн ааттаах дьиэ кэргэн күрэҕэ ыытылынна.
Күрэх сыл аайы ыытыллар. Оскуола биир сүрүн улахан тэрээһинэ буолар.
Бу күрэҕи 26 сыл анараа өттүгэр төрүт култуура пропагандиһа, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар Учууталлара М.Г.Сидорова төрүттээбитэ.

Быйылгы күрэххэ сэттэ дьиэ кэргэн илин-кэлин түһүстүлэр: Розалина, Людмила Коммунаровна, Георгий Аркадьевич Алексеевтар; Маша, Светлана Юрьевна, Олег Алекович Кириллиннэр; Артур, Сахаайа Васильевна, Гаврил Гаврильевич Слепцовтар; Игнат, Надежда Юрьевна, Иван Николаевич Гурьевтар; Настя, Матрёна Степановна, Лаврентий Дмитриевич Гуляевтар; Юлиана, Снежана Афанасьевна, Айаал Владимирович Егоровтар уонна Сэржэна, Саргылаана Даниловна, Денис Цэндэевич Тогмитовтар.

Күрэх түөрт түһүмэҕинэн барда.
Бэйэни билиһиннэриигэ оҕолор хомоҕой тылларынан бэйэлэрин дьиэ кэргэттэрин билиһиннэрдилэр.

Күрэх биир сүрүн түһүмэҕэ — «Өлгөм астаах сандалы». Манна кылаас чиэһин көмүскүүр дьиэ кэргэҥҥэ төрөппүттэр бары саба түһэн көмөлөһөр үтүө үгэһи тутуһаллар. Онон кылаас аҕалара бултаабыт бултарын, балыктарын ийэлэр астаан, сиэдэрэйдик киэргэтэн, толору астаах сандалыга уураллар. Сахалыы мааны иһиттэргэ кутуллубут ас эгэлгэтэ манна баар: хаан, харта, ойоҕос, кус, куобах, үтэһэлээх эт, тоҥ балык, тоҥ быар, күөрчэх, чохоон, саламаат, барыанньа арааһа…

Кыттааччылар саамай долгуйар түһүмэхтэрэ — «Индигирскэй» салааты бэлэмнээһин буолар. Манна аҕалар дьарҕаа балыгы түргэнник ыраастаан, ийэлэр кырбастаан, оҕолор туус кутан, булкуйан «Индигирка» салааты бэлэмниэхтээхтэр. Дьэ, манна долгуйууну аһарынан, түргэнник, сылбырҕатык туттуу ирдэнэр. Ону таһынан сытыы быһах эмиэ улахан оруолу оонньуур. Ол эрэн муомалар бары да сөбүлээн астыыр салааппытын уон ахсаан иһигэр оҥоро үөрүйэхпит.

Булчут кыраҕы харахтаах, бэргэн ытааччы буолуохтаах. Бүтэһик түһүмэххэ — «Сыал ытыытыгар» кыттааччылар тииҥи, куһу, куобаҕы «ыттылар». Бу түһүмэххэ ыалдьааччылар «булчуттарга» көх-нэм буолан ойуур — «көрүдүөр» өрө оргуйан олордо.

Күрэххэ дьиэ кэргэттэр бары олус кыһаллан бэлэмнэммиттэрэ харахха тута быраҕыллар. Ол эрээри күрэх аата күрэх. Бэрди бэрт баһыйар, күрэх суолтата онно сытар.
Түмүккэ дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан очколарынан ордук чорбойон Гуляевтар дьиэ кэргэн кыайыылаах үрдүк аатын сүктүлэр. Иккис Егоровтар, үһүс Тогмитовтар буоллулар.
Кыттааччылар Байанай биэрэн бары өттүк харалаах, илии тутуурдаах үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Күрэҕи эдэр учууталлар Карина Степанова, Сардаана Аргунова иилээн-саҕалаан ыыттылар. Ыытааччылар түһүмэхтэр быыстарыгар Байанай ыйын суолтатын, булт сиэрин-туомун, үгэстэрин киэҥ ис хоһоонноохтук оҕо долоҕойугар хатанар гына хомоҕой тылынан кэпсээтилэр.
«Төрөппүт Албан аата» түмэл салайааччыта Антонина Слепцова сэтинньи ыйга төрөөбүт оҕолорго ый бэлиэтин (ох) бэлэх уунна уонна сахалыы сиэринэн оҕолор айахтарын минньиттэ. Антонина Яковлевна оҕолору хас биирдиилэрин эбээ быһыытынан олус иһирэхтик «Дьэ, бу оҕобоор!» диэн сылаастык, имэрийэн эрэрдии саҥара-саҥара туттарбыта олус истиҥник иһилиннэ.
Ити буоллаҕа оҕо дьоҥҥо сахалыы дорҕоон, сахалыы саҥа киирэрэ, сахалыы тыын иҥэриллэрэ. Маннык тэрээһиннэргэ хас саҥабыт, туттунуубут кэнчээри ыччакка өйдөрүгэр-санааларыгар, эттэригэр-хааннарыгар хатанан хаалар түгэннэрэ элбэхтэр.

«Күөсчүт алгыһа» сылтан сыл ыытыллан үөрэнээччилэр үтүө дьон буола үүнэллэригэр улахан төһүү буоллун.