Таһырдьа томороон тымныы үгэннээн турдаҕына, бу Спортивнай микрооройуон 3-с нүөмэрдээх дьиэтин иккис подъеһын иккис мэндиэмэнигэр маннык кэрэ көстүү
Бу күөх үүнээйилэри бу дьиэ олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Евдокия Сен-Дун-Шен олордубут. Сибэккилэри Евдокия Дмитриевна бэйэтэ көрөр-харайар.
Евдокия Дмитриевна өр сылларга оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр үлэлээбитэ. Уран тарбахтаах иистэнньэҥ быһыытынан биллэр. Үгүс дьон кинини Тамара Апросимова аатынан Муоматааҕы норуодунай тыйаатырга оонньообут үйэлээх чаҕылхай оруолларынан билэллэр, өйдүүллэр.
Иһирэх ийэ, элбэх сиэн, хос сиэн эйэҕэс эбээтэ.
Кэрэни кэрэхсиир киһи олорор дьиэтэ эмиэ кэрэ, тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар кыһаллар. Төһө да 80 сааһын аастар, Евдокия Дмитриевна билигин да сэргэх. «Тулам барыта сырдыгынан сыдьаайыан баҕарабын, ол иһин кэрэҕэ тардыһабын», — диир.
Маннык кэрэ көстүү, биллэн турар, киһи сүргэтин көтөҕөр, санаатын көнньүөрдэр.