Индигир оскуолатын турслета

Үгэс быһыытынан көмүс күһүн  кэрэ-бэлиэ күннэрэ үгүс дьоҥҥо-сэргэҕэ, оҕолорго-ыччаттарга саҥа саҕахтары арыйар.

⛺🧗‍♂️ Биһиги оскуолабыт эмиэ уруккуттан олоҕурбут баай үгэстэрдээх. Биир оннук үгэһинэн Турслет тэрээһиммит буолар.

Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Индигир  оскуолатын турслета  Арҕаа үрэх эбэ кытыытыгар,  Тураахый  аннынан көнө хонууга ыытылынна. Турслет аһыллыытыгар  иитэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Саргылаана  Иннокентьева эҕэрдэ тылларынан, «Ай-тал» оҕо түмсүүтүн салайааччыта Афанасий Слепцов  турслет торумун билсиһиннэриитинэн саҕаламмыта.

🧗‍♂️🎒Турслет оҕолору, учууталлары түмэ тардыбыта тута харахха быраҕыллар.

Манна кылаастар хамаандалара түһүмэхтэринэн туризм араас  күрэхтэрин, мэһэйдэрин аастылар. Кылаас барыта тэрээһиннээх, анал сирдэриттэн саҕалаан , таҥастарыгар диэри.

Буоларын курдук, күрэхтэһии түһүмэхтэрэ: отуу уотун уматыы, айылҕаҕа ас астааһын,  айылҕа, Айыы үөрэҕин билиигэ тургутуктары, мэһэйдэри туорааһын, уустук балаһыанньаларга бастакы көмөнү оҥоруу, айылҕа дьикти көстүүлэрин тобулан булуу, сир аһын хомуйуу.

⛺🧗‍♂️Халлааммыт туран биэрэн оҕолор да, учууталлар  да  айылҕаҕа сынньанан, оонньоон-көрүлээн, дуоһуйан бардылар.

Олус тыҥааһыннаах, интэриэһинэй киирсии кэнниттэн кыайыылаахтарынан таҕыстылар:

1 миэстэ — «Скауты» (капитан  Атласов Айдын,11 кыл).

2 миэстэ — «Кэлээдьин» (капитан Алехин Миша, 10 кылаас).

3 миэстэ —  «Кеду» (учууталлар хамаандалара, капитан Прокопий Скрыбыкин).

⛺🧗‍♂️ Бу күн оҕолор элбэҕи билэн, күрэхтэһэн бары да астынан-дуоһуйан быйылгы үөрэх  дьылын саҥа кыайыыларынан, үөрүү-көтүү түгэннэринэн, хас биирдии оҕоҕо уонна дьиэ кэргэҥҥэ оҕо саас үтүө түгэннэрин бэлэхтээбитинэн олус холкутук, чэпчэкитик саҕалаатыбыт.

Светлана СЭНД