Ил Дархан Айсен Николаев анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар государственнай наҕараадалары туттарда

Кинилэр ортолоругар биһиги, муомалар, биир дойдулаахпыт Петр Хабаровка «Хорсунун иһин» мэтээл туттарылынна.

Хорсун буойун, үтүө сүрэхтээх эмчит Петр Петрович анал байыаннай дьайыыларга сыл аҥаарын кэриҥэ стрелок-санитар быһыытынан сылдьыбыта. Киэҥ билиилээх-көрүүлээх, улахан уопуттаах эмчит идэлээх Петр Петровичка бу Орто дойдуга уол оҕо буолан төрөөн эр киһи уйана-хатана биллэр ыарахан түгэннэрэ элбэхтэр этэ. Билигин ол быыһаабыт дьоно Россия араас муннуктарыттан төлөпүөнүнэн эрийэн, суруйан улахан махталларын биллэрэллэр.

Кыраҕа ымыттыбат  киппэ, модун дьон уйадыйан туран ис сүрэхтэриттэн махтал тылларын этэллэрэ киһини эрэ долгутар. Ордук эдэркээн нуучча уола «Он один не бросил нас…» диэн кэпсиирин хайдах да хараастыбакка, хараҕыҥ ууламмакка истибэккин. Ити үлүгэргэ туох суох буолуой. Ону өлөр өлүү адьарай тыыныттан тыыннаах хаалбыт дьон уонна бу суруйуум геройа Петр Хабаров — ол уоттаах толоонтон тахсыбыт эрэ дьон билэллэр…

Элбэхтэн биир түгэни аҕыннахха, маннык баара. Бүөтүр өссө биир уочараттаах кыргыһыы кэннэ атаҕар ыараханнык бааһырбыт нуучча  уолун сэрии уоттаах толоонуттан соһон таһаарар. Тула снаряд, миинэ эстэр, салгыҥҥа сибиниэс ыйылыыр үлүгэригэр, буулдьа ортотунан бааһырбыт байыаска тиийэн бастакы суһал көмөнү оҥорор — хаана уста сытарын жгуттуур, ыарыытын мүлүрүтэн «промедолу» анньар уонна сүгэн таһаарар. Ол иһэн дьонноруттан хаалан  хаалаллар. Бүөтүр ити түбэлтэни маннык ахтар: «Бүтүннүү минанан иитиллибит кукурузалаах хонуу бу уһуна, бу киэҥэ! Испэр Үрүҥ Айыыларбыттан, айылҕаттан көрдөспүтүм көмөлөстө быһылаах этэ» диир.

Аны ол кэннэ ыас хараҥаҕа тааҥкаларга түбэспиттэр. Тааҥкалар опознавательнай бэлиэлэрэ суох буолан, арыычча тэйэ түһэн чуҥнуурга санаммыт. Көрбүтэ — туох да бэлиэлэрэ суох. Киһитигэр лимонка хаалларан баран «Хохуоллар буоллаҕына олох тиһэҕэр диэри ытыалаһабын! Иккиттэн биирэ!» диэн санаалаах хамандыырдар блиндажтарыгар көтөн түһэр. Автоматын офицердарга туһаайбытынан «Какой позывной?!» диэн хаһыытаан бытарытар. Хата, үөрүөн быатыгар, «Звездопад. Опусти оружие!» диэн саҥа иһиллэр.

Чааһын дьоно «хаарыан киһибитин сүтэрдибит» дии саныы олордохторуна, Бүөккэ хата бэйэтинэн көстөн соһуччу үөрүү буолбут…

Маны Петя бэйэтэ кэпсээбэтэҕэ. Социальнай ситимнэргэ табаарыһа махтанан суруйбута баар. Бэйэтэ дьиҥнээх эр киһи быһыытынан көстө-биллэ, чабылана сылдьыбат.

«Наһаа ыарахан сиргэ баран кэллим. Киһи киһиэхэ кэпсээбэт… Өлбөт үөстээх буолан төнүннүм. Үс хонук устата соҕотоҕун ытыалаһар кэммэр, бааһырбыт байыаһы сүгэн миналаах хонууну туоруурбар Үрдүк Айыыларым арчылаатылар. Уонна онно сылдьан олох бигэ эрэллээх этим — миигин дьиэбэр чугас дьонум — таптыыр кэргэним, оҕом кэтэһэллэр. Кинилэргэ «Тыыннаах эргиллиэм!» диэн эрэннэрбиппин хайдах да толоруохтаах этим, ол санаабын ханнык да ыарахан түгэҥҥэ ыһыктабатаҕым», — диир хорсун буойун.

Бииргэ сылдьар дьоно улаханнык убаастаан, ытыктаан Петяны «Храбрый Хабар» диэн сүрэхтээбиттэр. Биир кэмҥэ биир дойдулааҕа Фёдор Терёшкинныын түбэһэн үгүстүк бойобуой сорудахтарга бараллара. Бу сылдьан төрөөбүт Муомаларын, Победаларын ахталлара.

Эмчит да, буойун да быһыытынан байыаннай дьайыыларга сырыытын Петр Петрович Ийэ дойдутун иннигэр ытык иэһин быһыытынан ааҕынар. Командировкаҕа барарыгар «онно мин ордук туһалаах буолуом диэн барсыбытым» диир. Манна биир чахчыны — Хабаров 80-с сыллар бүтүүлэригэр аармыйаҕа омук дойдутугар Германияҕа сулууспалаабытын ахтар тоҕоостоох. Ону кини «Мин олоҕум суола миигин эрдэттэн сэриигэ бэлэмнээн буһарбыт-хатарбыт быһыылаах. Түһүүтэ-тахсыыта, очурдара элбэх» диир.

Аҕыйах кэмтэн ыла олохпут отуора улаханнык уларыйда. «Кэм-кэрдии кинилэри талла» диэн этиини чаастатык истэбит. Бу Петр Хабаров курдук модун эр санаалаах, үгүс саҥата-иҥэтэ суох сылдьан көмүскүүр-харыстыыр айылгылаах эрэттэр баалларын биллэрдилэр. Оннук да буолуохтаах. Дьон-сэргэ бэйэлэрин кэмин геройдарын билиэхтээх, ытыктыахтаах. «Барбыттары» өйдүөхтээх. Эргиллибиттэри билиэхтээх.

Петр Петрович оҕо, эдэр сааһа Индигир нэһилиэгэр ааспыта. Төрөппүттэрэ Бүөтүр Бөтүрүөбүс, Кэтириинэ Сэргээйэбинэ оччотооҕу кэмҥэ олоҕурбутунан «кыра оҕобут» диэн наһаа атаахтаппакка-тараҥнаппакка уолу уол курдук ииппиттэрэ. Бүөккэ хорсун буойун буолара оҕо сааһыгар саҕыллыбыта. Кыраны-кыамматы көмүскүүрэ. Киһи быһыытынан лидер буолар хаачыстыбалара оччоттон биллэн куруутун «штаб командира» буолара. Төһө да оройунан көрө сырыттар, үөрэҕэр куруутун үчүгэй этэ, үөрэҕи-билиини чэпчэкитик ылынара. Хабаараптар нэһилиэккэ, оройуоҥҥа удьуор ырыаны-тойугу тумус туттубут ыалынан биллэллэр. Ол курдук убайдара Михаил, Матвей, Михаил, Сергей, Гаврил, Андрей, эдьиийэ Агафья бары ырыаҕа куттарын туттарбыт дьон. Петя эмиэ гитараҕа үчүгэйдик оонньуур, ыллыыр. Муома орто оскуолатын кэннэ тиис бырааһыгар үөрэнэн 1995 сыллаахтан доруобуйа харыстабылыгар үлэлиир.

Билигин Петр Петрович күннээҕи олоҕо — кини кырачаан пациеннара. Национальнай Медицина Киинигэр уон үһүс сылын хирург-отоларингологынан үлэлиир. Эмиэ быыһыыр аналлаах үлэ үөһүгэр сылдьар. Үлэтигэр кэлиэгэлэрэ Петр Петровиһы улаханнык убаастыыллар, эдэрдэргэ наставник.

Биһиги, биир дойдулаахтара, Петр Петрович хорсун, хоодуот быһыыта кэмигэр сыаналанан, «Хорсунун иһин» диэн дириҥ суолталаах государственнай наҕарааданы ылбытынан киэн туттабыт. Манна эҕэрдэлиибит диэн тыл туттуллара табыгаһа суох буолара дуу. Бары да өйдүүбүт маннык бэлиэ ханнык сыранан кэлэрин…

Улаханнык убаастыыр киһибитигэр Петр Петровичка эн эмтиир үгүс кырачаан дьонуҥ чэгиэн, доруобай буола улааталларыгар, тус олоҕуҥ туруктаах буоллун, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну баҕарабыт.

Бүгүн киэһэ Петр Петрович төлөпүөнэ тохтоло суох тырылыыр. Ити — дойду араас муннуктарыттан кини өлөр өлүүттэн быыһаабыт буойуннара «Хорсун Хабарга» өссө төгүл махталларын биллэрэллэр.

Валентина Старостина

Читайте дальше