Дьиэ кэргэн сылыгар уонна Ийэ күнүгэр анаан Муома орто оскуолатыгар 7 «А» , 8 «А» кылаас үөрэнээччилэригэр «Ийэҕэ махтал» музейнай уруогу түмэл салайааччыта А. И. Никулина олус интэриэһинэйдик ыытта.
Олохтоох поэт Тихон Толомон ырыатын устуоруйата, ааптардара, толорооччулара кэпсэннэ.
Ийэҕэ сыһыан, өйдөһүү тула оҕолор иһирэхтик сэһэргэстилэр.
Уруок ыалдьыта Герой-ийэ Розалия Романовна Тарабукина дьиэ кэргэнин, оҕолорун хайдах ииппитин кэпсээтэ. Үөрэнээччилэргэ олоххо ситиһиигэ тиэрдэр сүбэлэри эттэ.
Кинилэр араас идэни баһылаан үлэлии сылдьар Розалия Романовна оҕолорун биллилэр, Парижка марафоҥҥа кыттыбыт кыыһын туһунан истэн сэҥээрдилэр.
Р. Р. Тарабукина: «Хаһыаты олус сөбүлээн суруттарар этибит уонна бары бииргэ дьиэнэн олорон ааҕарбыт. Оҕолор элбэх буоланнар бары эбээһинэстээх этилэр. Биирдэ да оскуолаҕа оҕолорбут бэрээдэги кэстилэр диэн ыҥырыллыбатахпыт. Үөрэхтэригэр бары үчүгэйдэр этэ. Ийэ, аҕа буолар диэн дьол. Эдэр дьон чөл олоҕу батыһан дьоллоох ыал ийэтэ, аҕата буолуохтаахтар», — диэн кэс тылынан түмүктээтэ.
Бу көрсүһүүттэн оҕолор элбэҕи иһиттилэр, сонуну билэн астыннылар уонна Антонина Ильиничнаҕа кылаас аатыттан махталларын тиэрдэллэр.