Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын Дьиэтэ Арктика күнүгэр тэрийбит хотугу дойду маастардарын оҥоһуктарын быыстапката элбэх киһини түмтэ. Бу быыстапкаҕа Муоматтан аатырбыт чемпион- табаһыт Степан Григорьевич Слепцов сыдьааннарын дьиэ кэргэннэрин «Эгдэн Мола» түмсүүтэ кыттыыны ылла. Бу дьиэ кэргэн өбүгэлэрин үгэстэрин үөрэтэн киэҥник тарҕаталлар, куруук араас күрэхтэргэ кыттан оройуон чиэһин көмүскүүллэр. Бу да сырыыга «Муома оройуона» диэн суруктаах анал муннукка кинилэр иис оҥоһуктара эбээн норуотун дьэрэкээн таҥастарын кистэлэҥнэрин арыйаллар. Манна эдьиийдии-балыстыы Зоя Степановна уонна Акулина Степановна кэлбит дьоҥҥо үлэлэрин билиһиннэрэллэр, оһуордар араастарын кэпсииллэр. Көрөргө-истэргэ үчүгэйэ сүрдээх. Маннык патриот дьоннордоохпутунан киһи киэн туттар. Ыалдьыттар быыстапканы сэҥээрэ көрөн, Слепцовтар аҕа уустарын талааннаах тарбахтаахтарын хайҕаатылар. Быыстапка кулун тутар 24 күнүгэр түмүгэ тахсыахтаах, онно биһиги биир дойдулаахтарбыт ситиһиилээх миэстэҕэ тиксиэхтэрэ диэн эрэнэбит.
Христина Кривошапкина