Алтынньы 30 күнүгэр Муома орто оскуолатын иһинэн үгэскэ кубулуйбут «Хотугу Хоһуун» күрэх 8- 11 кылаас уолаттарыгар ыытылынна.
Ол курдук, биэстии киһилээх хамаанданан күрэх, «Хотугу Хоһуун» муҥутуур кыайыылаах аатын ылар иһин күрэс бэрт тыҥааһыннаахтык ааста.
Бэйэни билиһиннэрии, балыктааһын, отууга итии чэйи оргутуу, ойбон алларыыта, ырааҕы быраҕыы, булчут мүччүргэннээх сырыылара көрүҥнэргэ илин- кэлин түстүлэр.
Хамаанданан күрэх түмүгүнэн, «Урааҥхайдар» (10 «а») — 1 миэстэ, «Курыканнар» (11″а» ) — 2 миэстэ, «Дьулуур»( 9 «а») — 3 миэстэ буолан кыайыы өрөгөйүн биллилэр. Кыайыылаах уолаттарга көрүҥнэринэн анал ааттар иҥэрилиннилэр. «Бастыҥ ойбон алларааччы»- Олег Лыткин 10 «а» , «Бэргэн ытааччы» — Данил Корнилов 9 «в», «Бастыҥ балыксыт» — Мирик Терешкин 9 «а», саамай кыра балыгы Сережа Федоров 11 «а», саамай улахан балыгы Андрей Никулин 9 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ тутан, кыайыылаах буоллулар.
«Хотугу Хоһуун» эр бэрдин муҥутуур кыайыылаах аатын Уваровскай Тимур 10″а» кылаас үөрэнээччитэ ылыан ылла. Ол курдук, туут хайыһарынан сүүрэн, сыалы бэргэнник ытан, уоту тигинэччи оттон тэҥнээҕин булбата уонна учуутал Анна Матвеевна Слепцова анал бирииһин тутта.
Күрэх түмүгүнэн, кыттааччылар туоһу суруктары, кыайыылаахтар добун суруктары туттулар.
Ити курдук, уол оҕону оскуола сааһыттан айылҕаны харыстыырга, төрөөбүт дойдуну таптыырга үөрэтии, уол оҕону эт- хаан өттүнэн кыаҕын арыйыы, булчут буолар үөрүйэхтэри иҥэрии, чөл олоҕу тарҕатыы үтүө түмүктээх буолара саарбаҕа суох .
Айталина Николаева