«Эвинек» күрэххэ

Ааспыт нэдиэлэҕэ оройуон киинигэр аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар ассоциацияларын Муоматааҕы
салаатын тэрийиитинэн оҕолорго аналлаах «Эвинек» оройуоннааҕы күрэх ыытылынна. Төһө да күнэ суох
хахсаат тыаллаах күн турдар, бырааһынньыкка дьон-сэргэ балачча мустубут. Кыттааччылар тустаах
тордохторун туруоран, иһин-таһын киэргэтэн, ас бөҕө астаан, тэрээһин дьиҥнээх таба ыстаадатын
бырааһынньыгын санатта. Эбээн норуотун үгэһинэн бырааһынньыкка кэлбит ыалдьыттары, кыттааччылары
Оҕо айар дьиэтин үлэһиттэрэ арчылаатылар. Эҕэрдэ тылы оройуон баһылыгын солбуйааччы Акулина
Кульбертинова, култуура управлениетын салайааччыта Юрий Черов эттилэр. Салгыы дьон болҕомтотун
музыкальнай нүөмэрдэр тартылар. Улахан Чыыстайтан сылдьар «Һоҥҥачаан» ансамбль уолаттара бэртээхэй
үҥкүү бэлэхтээн көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. «Эвинек» күрэҕэр уопсайа 6 хамаанда
кытынна.Манна Чыбааҕылаахтан, Индигиртэн хамаандалар кыттыыны ылан күрэҕи сытыырхаттылар.


Балаһыанньа быһыытынан бастакы түһүмэҕинэн тордохтор киэргэтиилэрин сыаналааһын, эбээн
бүлүүдэлэрин көрүү буолла. Хамаандалар дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрин эбээннии тылынан эҕэрдэлээн
көрүстүлэр, тордохторун көрдөрдүлэр. Оҕолор эбээн бүлүүдэлэрин күрэҕэр араас аһы астаан дьүүллүүр
сүбэ иннигэр туруордулар. Эбээн норуотун национальнай көстүүмнэрин кэппит оҕолор бэйэлэрин
тордохторун киэргэллэрин кэпсээтилэр, бүлүүдэлэрин билиһиннэрдилэр. Киһи сэргиэх оҕолор национальнай
таҥастарын киэн тутта, астына кэтэ сылдьаллара буолар. Спортивнай күрэхтэһиилэр киэҥ программалара
элбэх оҕону түмтэ. Күрэхтэһии этаптарын А.В.Карпов аатынан оҕо спортивнай оскуолатын тренердэрэ
тэрийэн ыыттылар. Бастаан кырачааннарга ыытыллыбыт мас табанан сүүрдүү чуҥкуйа сыспыт көрөөччүлэри
сэргэхситтэ. Хамаандалар ыалдьааччыларын хаһыыта оҕолору кыайыыга кынаттаата. Күрэх түмүгүнэн Артем
Сухомясов (МОО) бастаата, Эдгар Вожжов (ОАДь) иккистээтэ, Ратмир Саввин («Чуораанчык»)үһүстээтэ.
Маамыктаны быраҕыыга кыргыттарга Лия Терешкина (МОО) бастакы, Алина Диканцева (ИОО) иккис,
Беатриса Иванова (ОАДь) үһүс буоллулар. Уолаттарга маамык быраҕыытыгар Антон Черов (ИОО) бастаата,
Никита Семенов (ОАДь) иккистээтэ, Андрей Громов (МОО) үһүстээтэ. Кырачаан кыттааччылар маамык
оннугар мээчик бырахтылар, манна бастакы миэстэни Яна Нестерева (МАСО), 2 миэстэни Лилия Егорова
(«Чуораанчык»), 3 миэстэни Алиса Слепцова (ОДОО) ыллылар. Наартаны ыстаныыга уолаттарга 1 миэстэни
Оскар Кудрявцев (ИОО), 2 миэстэни Гриша Громов («Чуораанчык»), 3 миэстэни Андрей Громов ( МОО)
ыллылар. Кыргыттарга 1 миэстэҕэ Виола Ильина (МАСО), 2 миэстэҕэ Софья Алехина (ИОО), 3 миэстэҕэ
Айта Быковская (ОАДь) таҕыстылар. Сытыы киирсиилэр хапсаҕайга буоллулар. Ол курдук,
1 группаҕа 1 миэстэни Артем Жирков (МОО), 2 миэстэни Айаал Черемкин (ИОО), 3 миэстэни Вадим
Уваровский («Чуораанчык») ыллылар.
2 группаҕа 1 миэстэҕэ Эрчимэн Атласов (МОО), 2 миэстэҕэ Айаал Петров (МОО), 3 миэстэҕэ Тимур
Уваровскай («Чуораанчык») таҕыстылар.
3 группаҕа Антон Черов (ИОО) бастаата, Айуран Павлов (ОДОО)иккистээтэ, Эрсан Слепцов (МОО)
үһүстээтэ.
4 группаҕа 1 миэстэни Никулин Артём (ИОО), 2 миэстэни Тимур Слепцов («Чуораанчык»), 3 миэстэни
Кирилл Слепцов (МОО) ыллылар.

Кимиилээх киирсиилэр түмүктэринэн уопсай хамаанданан зачетка бастакы
бочуоттаах миэстэни Индигир орто оскуолатын хамаандата ылла. Иккис миэстэҕэ Муома алын сүһүөх
оскуолатын хамаандата таҕыста. Үсүһү «Чуораанчык» уһуйаан хамаандата ылла. Бырааһынньык эбээн
норуотун үҥкүүтүн- һээдьэ күрэҕинэн түмүктэннэ. Манна улахан бөлөххө Айдын Атласов, орто бөлөххө
Кэрэчээнэ Громова, кыра бөлөххө Агата Слепцова бастаатылар. «Эвинек» оройуоннааҕы күрэх аан бастаан
ыытылынна. Инникитин өссө элбэх оҕону түмүө диэн эрэниэххэ. Күрэҕи көрө сылдьан кырачаан
кыттааччылар көхтөрүн сөҕөҕүн: тымныы да буоллар тарҕаһан хаалбакка барытыгар тэбис тэҥҥэ кыттан
тэрийээччилэри үөртүлэр. Бырааһынньыгы хотугу дойду көмүс манньыаттара — табалар бааллара буоллар
ордук киэргэтиэ эбиттэр да чугаһынан ыстаада суох буолан ити кыаллыбатах. Онон инникитин маннык
тэрээһиннэргэ тыа хаһаайыстыбатын салаатын быһаччы өйөбүлүнэн табалары киллэрэр табыллара буоллар.
Эппиккэ дылы, оҕолорбут фанераттан оҥоһуллубут табаны буолбакка тыыннаах табаны көрөн-истэн дьэ
кырдьык эбээн норуотун олоҕун-дьаһаҕын билиэхтэрэ этэ буоллаҕа. Иитиллэн олорор салаабыт сайдарыгар
маннык тэрээһиннэр олус туһалаахтар.

Христина Кривошапкина