Эппиэтинэстээх быыбар

Быйыл балаҕан ыйын 8 күнүгэр оройуоҥҥа быыбар күнэ. От ыйын 24 күнүттэн оройуоннааҕы быыбардыыр хамыыһыйа күһүҥҥү быыбарга бэлэмнэнии үлэтин саҕалаабыта. Бу туһунан хамыыһыйа бэрэссэдээтэлин Петр Гермогеновы кытта кэпсэтэбит.
— Балаҕан ыйын 8 күнүгэр оройуоммутугар Халыма-Индигир 34 №- дээх биир мандаттаах быыбардыыр уокурукка норуот депутатын талыыга эбии быыбар буолуоҕа. Санатан эттэххэ, ааспыт сыл балаҕан ыйыгар Халыма-Индигир бөлөх оройуоннарыттан СӨ судаарыстыбаннай мунньаҕар (Ил Түмэн) Сахамин Афанасьев талыллыбыта. Киниэхэ былырыын алтынньыга өрөспүүбүлүкэ депутаттарын парламена Федерация Сэбиэтигэр сенатор боломуочуйатын сүктэрбитэ. Онон быйыл бу уокурукка эбии быыбар ыытылларын туһунан анал дьаһал тахсыбыта. Бу уокурукка хабыллар Абый, Үөһээ Халыма, Муома, Өймөкөөн уонна Орто Халыма улуустарыгар эбии быыбардааһын ыытыллар. Уокуруктааҕы быыбар хамыыһыйатын боломуочуйата Абый территориальнай быыбар хамыыһыйатыгар сүктэриллибитэ.
Уокуруктааҕы быыбардыыр хамыыһыйа биллэрэринэн, хандьыдааттары туруоруу уонна регистрациялааһын быыбар сокуонугар сөп түбэһиннэрэн ыытыллыбыта. Ол курдук, 34 N-дээх Халыма-Индигир биир мандааттаах быыбардыыр уокуругар норуот дьокутаатын быыбарыгар хандьыдааттарынан ЛДПР Саха сиринээҕи салаатыттан Семен Витальевич Макаров, «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйаттан Евгений Михайлович Слепцов, «Саҥа дьон» баартыйаттан Вячеслав Иванович Шадрин, «РОДИНА» баартыйаттан Александр Сергеевич Швец регистрацияламмыттара.
От ыйыттан ааттаммыт улуустарга бэлэмнэнии үлэтэ бара турар. Муоматааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа оройуон дьаһалтатын иккис этээһигэр сарсыарда 9:00 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри, эбиэккэ тохтобуллаах, өрөбүл күннэргэ сарсыарда 10:00 чаастан күнүс 14:00 чааска диэри бигэргэммит кыраапыгынан үлэлиир. Уокурук улуустарыгар пропискалаах быыбардааччылар быыбар күн ханна баар сирдэринэн куоластыырга сайабылыанньа биэриэхтэрин сөп. Оройуоҥҥа атын нэһилиэккэ пропискалаах дьон эмиэ ханнык нэһилиэккэ быыбар күн баар буолалларынан сайабылыанньа биэрэллэр. Холобурдаатахха, Буор Сыһыыга пропискалаах быыбардааччы оройуон киинигэр олорор буоллаҕына, кэлэн сайабылыанньа суруйан, Хонуу нэһилиэгин испииһэгэр киирэн, быыбарга куоластыыр бырааптаах. Быһа барыллаан, атырдьах ыйын 20-21 күннэригэр ыраах сытар нэһилиэктэргэ көтөр аалынан быыбар докумуоннарын тиэрдиэхпит. Бу ый ортотугар куораттан докумуоннары тутуохпут. Атырдьах ыйын үһүс декадатыгар ыраах учаастактарынан эрдэ куоластааһын тэриллиэҕэ. Быйылгы быыбарга вертолет Буор Сыһыы уонна Сааһыыр ыстаадаларыгар көтөрө былааҥҥа турбута.
Биһиэхэ ыытыллар быыбары таһынан, өрөспүүблүкэҕэ биир кэлим быыбар күнүгэр 78 муниципальнай быыбардар буолуохтара, нэһилиэктэр, куорат уокуругун (Жатай) баһылыктарын уонна бэрэстэбиитэллээх уорганнарын депутаттарын муниципальнай быыбардара. Ол иһигэр Саха сиригэр 4 улуус баһылыктарын быыбара ыытыллыаҕа: Аллайыаха, Аллараа Халыма, Өймөкөөн уонна Өлүөхүмэ.
Убаастабыллаах Муома оройуонун быыбардааччылара! Буолаары турар быыбарга үрдүк эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан быыбар биир кэлим күнүгэр, балаҕан ыйын 8 күнүгэр, быыбардыыр учаастактарга санааҕытын биллэрэн, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар оройуон интэриэһин көмүскүүр Халыма-Индигиир биир мандааттаах быыбардыыр уокурукка норуот дьокутаатын талыыга көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.
Бука бары быыбарга!

«Муома оройуона» МТ
пресс-сулууспата