Бүгүҥҥү хаһыаппыт ыалдьыта — Екатерина Корякина, Саха Сирин үтүөлээх артыыһа, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырын солистката, А.Афанасьева-Адамова аатынан опернай ырыаһыттар II Аан дойдутааҕы куонкурустарын Гран-при кыайыылааҕа, Муома оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо.
Катя дойдутугар дьиэ кэргэнинээн кэлэн дьонугар сайылаата уонна үөрэх дьылын саҕаланыыта Муома орто оскуолатын түмэлигэр салайааччы А.И.Никулина ыҥырыытынан оҕолору кытта профориентация уруогар көрүстэ. Кини Муома орто оскуолатын 2007 сыллаах выпускнига, оскуолаҕа Школьнай Дума бэрэсидьиэнэ этэ. Оҕолорго анаан вокал искусствотыгар маастар кылаас ыытта, оскуолатааҕы кэмнэрин ахтан ааста. Кэргэнин Иннокентий Огочоновтыын, Саха сирин култууратын туйгунун, Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырын артыыһын кытта кэрэ куоластарынан ыллаан истээччилэр интэриэстэрин тартылар.
Екатерина бэйэтин, дьиэ кэргэнин уонна олоҕу көрүүтүн туһунан сэһэргэстибит.
Катя, опера ырыаһыта буоларгар олоҕуҥ суола хайдах саҕаламмытай?
Муома алын сүһүөх оскуолатыгар иккис кылааска үөрэнэ сылдьан, музыкальнай оскуолаҕа дьарыктанан саҕалаабытым. Бастаан миигин Римма Николаевна Журавлева кэргэнинээн музыкальнай слухтаах диэн бэлиэтээн көрөн фортепианоҕа ылбыта. Музыкальнай оскуолаҕа нулевой кылааска киирбитим. Оччолорго дьиэбитигэр фортепиано суоҕа, ол иһин А4 кумааҕыга нотаны үөрэт диэн уруһуйдаан биэрбиттэрэ. Дьиэбэр маҥнай ол уруһуйунан дьарыктаммытым, онтон дьонум фортепиано ылбыттара. Бастакы кылаастан миигин Нина Андреевна Касаткина дьарыктаабыта. Нотаны, уопсай диссипилиинэлэри үөрэтэрим, хорга сылдьарым, сылы түмүктүүр кэнсиэргэ кыттарым. Музыкальнай үөрэхтээх киһи атын таһымнаах, кругозора киэҥ буолар диэн өйдөөбүтүм. Кэлин Надежда уонна Сергей Скоробогачтар хорга дьарыктаабыттара.Онно Ганна Гаврильевна Черова миигин истэн, куоласпын туспа чорботон академическай вокалынан дьарыктаныахха диэн ыҥырбыта. Оччолорго Хонууга операны толорор киһи суоҕа. Биһиги опера туһунан билбэт да этибит. Кыра эрдэхпинэ Роза Ивановна Корякина, саҥаспыт, кэлэн ыллаабытын эрэ истибитим. Кини Опера уонна балет тыйаатырыгар хорга үлэлээбитэ. Эдьиийим Надежда Корякина — норуодунай артыыс, балерина.Ол иһин мин тыйаатыр, опера, балет диэни кыра эрдэхпиттэн син билэр этим. Оскуолатааҕы музыкальнай үөрэҕим устудьуоннуур да, үлэлиир да кэммэр олус көмөлөөх буолбута.
2000 сыл саҕаланыыта Ганна Гаврильевнаҕа дьарыктанан, “Муома сулусчааннара” диэн оҕолор оройуоннааҕы куонкурустарыгар опернай ырыаны толорон Гран-при буолбутум, онтон бэйэм да соһуйбутум. Ол кэннэ наар кэнсиэргэ, тэрээһиннэргэ ыллыыр буолбутум. Онтон 11-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына, “Новые имена” диэн “Барҕарыы”национальнай фонда куонкуруһугар Г.Г.Черова уонна А.М.Федорова бэлэмнээтилэр. Онно тиийэн кытынныбыт, миигин отделение сэбиэдиссэйигэр Н.И.Колодезниковаҕа иһитиннэрдилэр, үөрэх уопсай диссипилиинэлэригэр атын учууталларга билиибин, дьоҕурбун көрдөрдүм. Тута бастакы куурус бырагырааматын билэр эбиккин диэн, оскуолаҥ кэннэ музыкальнай училище иккис кууруһугар ылыахпыт диэн ыҥырдылар. Инньэ гынан, олоҕум инники суола чуолкайданан хаалбыта.
Оскуола кэннэ күһүҥҥүттэн Дьокуускайдааҕы музыкальнай училищеҕа иккис куурустан үөрэнэн барбытым. Ырыаҕа биирдиилээн дьарыктыыр этилэр. Музыкальнай училищеҕа 4 сыл, онтон Култуура уонна Искусство Арктическай судаарыстыбаннай институтун“Вокальное искусство”салаатыгар 5 сыл үөрэммитим. Үөрэнэ сылдьан бастакы куурустан тыйаатырга хорга үлэлээн саҕалаабытым, онтон 2013 сылтан солистыыр буолбутум. Устудьуоннуу сылдьан араас куонкурустарга ситиһиилээхтик кыттар этим. Тыйаатырга кыра оруоллартан, оҕо испэктээкиллэриттэн саҕалаан, билигин саҥа репертуарга барытыгар баарбын. Мин куолаһым — меццо-сопрано, оннук намыһах куолас аҕыйах буолар. Билигин тыйаатырга опера сүрүн ырыаһытабын.
2022 сыл бүтүүтэ Саха Сирин үтүөлээх артыыһа буолан, Ил Дархан Айсен Николаев илиититтэн наҕараада тутан олус долгуйбутум. Ол сыл “Ньургун Боотур” олоҥхо операта туран, Большой уонна Мариинскай тыйаатырга премьераҕа Туйаарыма Куо оруолун толорбутум. Бу саас Казахстаҥҥа, Киргизияҕа баран гастроллаан кэлбиппит. Сайын Аан дойдутааҕы куонкуруска нууччалыы уонна итальянскайдыы ариялары толорон Гран-при буолбутум.
Атын омук тылынан ыллыыргар саха кылааһыгар үөрэммитиҥ көмөлөһөр дуо?
Тыйаатыр артыыстара аан дойду омук композитордарын айымньыларын оригиналынан ыллыыбыт. Опералары араас омук тылынан толоробут, нууччалыы тылбааһа титрынан үөһэ көстө турар буолар. Институкка үөрэнэ сылдьан бастакы куурустан итальянскай, француз о.д.а. тыллары үөрэтэр этибит. Ариябын толорорбор ис хоһоонун тиэрдэргэ эрэ буолбакка, ырыа оригиналын тылын дорҕоонун сөпкө этэргэ кыһаллабын. Сахалыы өйдөөх, сахалыы саҥарар киһи атын буолар. Биһиги француз тылын үөрэтэрбитигэр Францияттан коуч кэлэн дьарыктаабыта, атын омук дьонун француз тылыгар үөрэтэр киһи. Кини кэтээн көрбүтүнэн, сахалар омук тылын ордук ылыналлар. Биһиги оҕо эрдэхтэн сахалыы дорҕооннору саҥарар буоламмыт, тылбыт бэниэтикэтэ маарыннаһар, онон түргэнник ылынабыт, аксыана суох саҥарабыт. Саха кылааһыгар үөрэммитим миэхэ ол өттүнэн олус көмөлөөх. Саха киһитин философията олус дириҥ. Ол толорор олоҥхобор да көстөр. “Ньургун Боотур” операны үөрэтэ сылдьан, биһиги тылбыт олус баай, ис кыаҕа күүстээх диэн өссө дириҥник өйдөөбүтүм. Оскуолаҕа сылдьан саха тылын, литературатын эксээмэнин туттарбыппын билигин да өйдүүбүн.
Быйыл сайын дойдугар кэлэн төһө бэркэ сынньанныҥ?
Сайын дойдубар кэлбиппэр, “Муома оройуонун Бочуоттаах олохтооҕо” оҥорбуттарыгар олус соһуйдум даҕаны, долгуйдум даҕаны. Бэйэ дьонуттан наҕараада тутар олус атын, ордук долгутуулаах уонна үрдүк эппиэтинэһи, чиэһи киһиэхэ биэрэр.
Төрөппүттэрим, музыкальнай оскуолам, Муома орто оскуолата сайдарбар олук уурбуттара. Учууталларым миэхэ дириҥ билиини биэрэргэ кыһаллар да этилэр, ол үөрэхтэрэ олохпор олус көмөлөһөр. Төһө да ыраах олордорбут, хотугу сир оҕолоро туохтан да хаалсыбаппыт.
Муома дьоно олус талааннаахтар уонна айар дьоҕурдаахтар. Искусствоҕа сыһыаннаах дьон элбэх, оройуоммутуттан төрүттээх балет, вокал, үҥкүү, киинэ, тыйаатыр артыыстара ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар.Чуолаан эттэххэ, Муомаҕа опера уонна балет тыйаатыра чугас сыһыаннаах, ол курдук Саха сирин норуодунай артыыстара Дмитрий Дмитриев, Надежда Корякина мантан төрүттээхтэр. Сааһыыр уола Игорь Громов билигин солист, онтон ураты өссө эдэр балериналар, балероннар үгүстэр. Тыйаатырбыт дириэктэринэн Сергей Августович Сюльскай айымньылаахтык үлэлээбитэ. Кини биир дойдулаахтарын куруук өйүүр, бу сайын Аан дойдутааҕы куонкуруска кыайбыппар миигин эҕэрдэлээбитигэр олус чугастык ылыммытым, долгуйбутум аҕай. Опера уонна балет искусство үрдүк чыпчаала буолар, бу көрүҥҥэ биһиги оройуоммут ыкса сыһыаннааҕынан мин киэн туттабын.
Муома салгына да, айылҕата да атын. Дойдубун олус таптыыр буолан, дьиэ кэргэммин кытта сыл аайы манна кэлэбит. Дьоммун кытта оттоон, сир астаан, оҕуруот аһын хомуйан сайыммытын атаарабыт. Кэргэним манна кэлэрин олус сөбүлүүр, аҕабын кытта тыаҕа сылдьаллар. Биһиги Муома айылҕатыттан күүс-сэниэ ылан барабыт.
Кэргэниҥ Иннокентий Огочоновтыын биир идэлээххит, биир дьиэ кэргэҥҥит. Кини туһунан сырдата түһүөҥ дуо?
Кэргэммин кытта музыкальнай училищеҕа, институкка бииргэ үөрэммиппит. 2015 сыллаахха АГИКИ-ны бүтэрбиппит. Биһиги 2016 сыллаахха холбоспуппут. Биир уол оҕолоохпут, Виктор диэн ааттаах,Дьокуускай 31-с нүөмэрдээх оскуолатыгар иккис кылааска үөрэнэр. Кэргэмминээн иккиэн бииргэ үөрэнэн, биир тыйаатырга үлэлиибит. Иннокентий тыйаатыр хорун тутаах ырыаһыта. Айар эйгэҕэ үлэлиир буолан, уопсай интэриэспит биир. Кэргэним Үөһээ Бүлүү Боотулу диэн нэһилиэгиттэн төрүттээх. Оҕо эрдэҕиттэн баян доҕуһуолунан ыллаан саҕалаабыт, кэлин араас ырыа күрэҕэр ситиһиилээхтик кыттыбыт. 5-с кылааска үөрэнэ сылдьан тута ырыа эйгэтигэр барарын быһаарыммыт. Кэргэним миигин өйүүр, өйдүүр буолан, үлэбэр ситиһиилэнэбин. Биһиги сынньалаҥ күммүт бэнидиэнньик, атын күннэргэ киэһэ хойукка дылы үлэлиэхпитин сөп. Кэргэммин кытта биир эйгэҕэ сылдьар буолан биир тыынынан тыынабыт. Дьиэ кэргэҥҥэ таптал, убаастабыл, өйдөһүү, өйөбүл баар буоллаҕына, киһи сайдар, кыаҕа улаатар. Дьиэ диэн сынньанар, күүс-уох ылынар сирбит буолар.
Оҕо иитиитэ дьиэ кэргэнтэн саҕаланар диэн баар. Эн олоҕуҥ суолун оҥосторгор төрөппүттэриҥ сабыдыаллара баара буолуо…
Ийэлээх аҕам миигин ханнык да үлэттэн туора турбат гына ииппиттэрэ. Олоххо көхтөөх, барыны интэриэһиргиир буола улааппытым ити дьонум үтүөлэрэ дии саныыбын. Төрөппүттэрим олус үлэһиттэр, кинилэр холобурдарынан биһиги улааттахпыт. Аҕам да, ийэм да өттүнэн айар дьоҕурдаах дьон элбэх, аҕам аймахтарыгар уруһуйдьут, уус, ырыаһыт, үҥкүүһүт да баар, ийэм өттүнэн эмиэ бааллар, эһэм хомоҕой тыллаах оһуохайдьыт этэ.
Үлэҕэр майгыҥ ханнык хаачыстыбалара көмөлөһөллөр?
Биһиги үлэбит наһаа эппиэтинэстээх. Сыанаҕа таҕыстаҕым аайы оруолбун итэҕэтиилээхтик көрдөрөн, ариябын үрдүк таһымнаахтык толорон көрөөччүлэр болҕомтолорун тардарга кыһаллабын. Бэйэм оруолбун эппинэн-хааммынан иҥэрэн, испинэн ыытан баран толоробун. Онно уопсай туругуҥ, доруобуйаҥ эмиэ улахан сабыдыалы оҥорор. Истэриэһи тулуйумтуо, долгуйууну аһарда үөрэниэххэ наада. Артыыс үлэһит, эппиэтинэстээх, сыанаҕа тахсыан иннинэ эрдэттэн үчүгэйдик бэлэмнэнэр, үлэтин тиһэҕэр тиэрдэр буоллаҕына, оруолун дьоҥҥо-сэргэҕэ толору арыйар. Элбэх киһи көрөр, истэр, ол улахан эппиэтинэс. Миэхэ бу хаачыстыбалар испэр бааллар, ону сайыннарарга кыһаллабын, иитиим оннук буоллаҕа…
Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын туруорууларын дьон төһө сэҥээрэр?
Бу балаҕан ыйын ортотуттан үлэбитигэр тахсабыт. Сыл устата былааммыт элбэх. Үлэбит олус интэриэһинэй. Араас дойдуну, Арассыыйа куораттарын көрөбүт, үгүс айар дьоҕурдаах дьону кытта алтыһабыт. Ол эрээри гастролга сылдьан биһиги сынньаммаппыт, тыйаатырга бэлэмнэнии-сыанаҕа толоруу үгүс бириэмэни ылар. Ханна да тиийдэхпитинэ, Саха сирин артыыстарын олус үчүгэйдик көрсөллөр, тыйаатыр саалата толору буолар, култуурабытын олус интэриэһиргииллэр. Тыйаатыр таһыма үрдүк диэн сыаналыыллар.
Саха дьоно Опера уонна балет тыйаатырыгар олус сылдьар буолла. Аныгы туруоруулары, классическай испэктээктэри көтүппэттэр. “Ньургун Боотур” олоҥхо сезону быһа ыйга иккитэ турбута, ол тухары саала көрөөччүнэн толору буолар. Бу аатырбыт олоҥхону Былатыан Ойуунускай суруйбута, либреттотын Суорун Омоллоон, муусукатын Марк Жирков айбыттара. Биллиилээх дьоммут үлэлэрин биһиги тыйаатырбыт сылын аайы көрдөрөр, кинилэр ааттарын үйэтитэр. Бу сүдү айымньыбыт толоруута аан дойду дьонун-сэргэтин болҕомтотун олус тардар.
Муусука эйиэхэ тугу биэрэр?
Муусука миэхэ уоскулаҥы биэрэр. Ырыа диэн энергия. Энергияны сатаан туһаныахха наада.Олоҕум муусуканы, операны кытта ыкса сибээстээх буолла.
Миигин оҕо эрдэхпиттэн муусукаҕа, ырыаҕа сыһыарбыт, дьарыктаабыт, үөрэххэ дириҥ билиини биэрбит бары учууталларбар, Муома оройуонун салалтатыгар уонна бар дьонугар үрдүк сыанабылгыт иһин истиҥник махтанабын. Эһиги эрэлгит, истиҥ сыһыаҥҥыт миэхэ кынат үүннэрэр, айар үлэбэр салгыы сайдарбар күүстээх кыаҕы биэрэр. Дойдум дьонугар чөл туругу, дьолу-соргуну, Муомабар үүнүүнү-сайдыыны баҕарабын!
Екатерина, көрсөн санааларгын үллэстибиккэр махтанабын. Айымньылаах үлэҕэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабын.