Сэтинньи 4 күнүгэр Төбүлэххэ Ыччат нэдиэлэтэ саҕаланан ыытыллынна. Субуота киэһэ олохтоохтор
бырааһынньыктааҕы эҕэрдэ кэнсиэр көрдүлэр. Кэнсиэр үҥкүүлэрин култуура дьиэтин салайааччыта Анастасия
Никулина туруорда. Ительменскэй, ирландскай, кавказ, нуучча, кытай, эбээн, саха үҥкүүлэрин дьон ытыс тыаһынан
доҕуһуоллаата. Ырыа бөҕө ылланна. Кэнсиэр кэмигэр тэрийээччилэр ыалдьыттары тоҥ балыгынан уонна блины астаан күндүлээтилэр. Араас бириистээх оонньуулары ыыттылар. Өссө киирии билиэттэринэн маникюр оҥотторорго 4 сертификат оонньоммут. Көрөөччү Елена Кириллина бу курдук махталын, баҕа санаатын үллэстэр:
– Наһаа үчүгэй кэнсиэр. Олус бэркэ сынньанан, күлэн-үөрэн, тоҥ балык, сылаас блины сиэн, сертификат сүүйэн,
дуоһуйа сынньанан дьиэбитигэр тарҕастыбыт. Махтал буоллун, наһаа астык. Барыгытыгар ситиһиини! Өссө да көхтөөх үлэни, бары бииргэ, биир сомоҕо буолан нэһилиэкпит дьонун үөрдэ-көтүтэ сылдьаргытыгар баҕарабын.
Ыччат нэдиэлэтин чэрчитинэн араас былааннаммыт тэрээһиннэр буоллулар:
– Сэтинньи 6 күнүгэр нэһилиэнньэ кэрэ аҥардарыгар анаан “Кэрэ буол!” акция ыытылынна.
– Сэтинньи 8 күнүгэр күүстээх эдэр ыччат үс хамаанданан “Төрөөбүт тыл түмэр түһүлгэтэ” диэн ааттаах квиз-
оонньууга муһунна. “Тоҕус төгүл тоҕо”, “Бэйбэрикээн оҕолоро”, “Таал-Таал сиэннэрэ” хамаандалар тэбис-тэҥҥэ
кииристилэр, өйдөрүн-санааларын эрчийдилэр. Түмүккэ “Тоҕус төгүл тоҕо” хамаанда кыайыылаах таҕыста.
– Сэтинньи 9 күнүгэр “Сымсалар, быһыйдар, эрчимнээхтэр” көрдөөх күрэх бэрт өрө көтөҕүүлээхтик ыытылынна. Үс
хамаанда күөн көрүстүлэр: орто саастаахтар, эдэр ыччат, оскуола оҕолоро. Түмүккэ I миэстэни ылан, орто саастаахтар хамаандалара кыайыылаах буолла! II миэстэ – эдэр ыччаттар, III миэстэҕэ оскуола оҕолоро таҕыстылар.
– Нэдиэлэни түмүктээн, сэтинньи 11 күнүгэр “Түмсүөххэ” корпоративнай киэһэ уонна “90-нустан саҕалаан…” уоттаах- күөстээх үҥкүү-битии тэриллэн ыытыллыахтааҕа нэһилиэккэ траур биллэриллэн көһөрүлүннэ.
Дьэ бу курдук, Чуумпу Кытыл ыччата, дьоно-сэргэтэ дьоһун тэрээһиҥҥэ кыттан, эт-хаан, күүс-уох, өй-санаа
өттүнэн сайыннылар. Итинтэн киһи салгыы сайдыан, элбэҕи айыан-тутуон баҕата күүһүрэр, санаата
сааһыланар, аартыга арыллар буоллаҕа.
Лена Гоголева.