Дмитрий Аммосов, Муома оройуонун Аҕа баһылыга
— Чаҕылхай сандал саас күн оройуоммутугар кэтэһиилээх үөрүүлээх түгэн үүннэ. Бүгүн Арктика эргимтэтин хотугу
улууһугар биир бастакынан үрдүк технологиянан таҥыллыбыт балыыһа комплекса үлэҕэ киирбитинэн оройуон бары олохтоохторун оройуон дьаһалтатын аатыттан истиҥник эҕэрдэлиибин!
Биһиги, Муома дьоно-сэргэтэ, оройуон дьаһалтата, дойдубут Президенэ В.В. Путиҥҥа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил
Дархана А.С. Николаевка, тутууну ыыппыт “Кинг-95” тэрилтэҕэ, бары тутааччыларга барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Оройуоҥҥа тэйиччи сытар аҕыйах ахсаннаах норуот түөлбэлээн олорор сирдэригэр – Улахан Чыыстай нэһилиэгэр
саҥалыы оҥоһуулаах, толору хааччыллыылаах фельдшерскэй-акушерскай пуун үөрүүлээхтик аһыллан үлэлии турар. Бу барыта дойду, өрөспүүбүлүкэ салалталара хотугу сиргэ олорор, үлэлиир дьон доруобуйатын туһугар тугунан да кэмнэммэт кыһамньыларын толору өйдүүбүт. Маннык хайысхалаах үлэлэр салҕанан барыахтара. Быйыл эдэр специалистарга анаммыт саҥа дьиэлэр сыбаайалара түһүөхтэрэ. Муомаҕа олорорго бары усулуобуйа тэриллэр,
оройуон сайдар.
Дмитрий Сергин, СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччы
—Бырааһынньыгынан, күндү Муома улууһун олохтоохторо! Дойду Президенэ Владимир Владимирович Путин 2019
сыллаахтан көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагынан тутуллубут объега бүгүн оройуон
олохтоохторугар күндү бэлэх буолан үлэҕэ киирбитинэн! Бу үөрүүлээх түгэн Муома эрэ улууһугар буолбакка, бүтүн
Саха сиригэр үөрүүлээх күн диэн бэлиэтиэххэ наада. Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа салаатыгар
бөдөҥ объектар — перинатальнай Киин, саҥа онкология диспансера, сүрэх-тымыр Киинэ курдук Уһук Илиҥҥи эрэ
буолбакка, дойду үрдүнэн саамай аныгы медицина Кииннэрэ тутулуннулар. Ааспыт 2023 сылга 18 саҥа
фельдшерскай-акушерскай пууннар, амбулаториялар, ол иһигэр Муома Сааһыырыгар саҥа пуун үлэлэрин
саҕалаатылар. Соторутааҕыта СӨ доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтэ “За вклад в развитие системы
здравоохранения” номинацияҕа “За развитие Дальнего Востока и Арктики” бириэмийэҕэ тигистэ.
Муомаҕа “стандарт оказания медицинской помощи” ирдэбилигэр чахчы эппиэттиир үрдүк технологиялаах
балыыһа комплекса хотугу сир усулуобуйатыгар Арктика улуустарыгар биир бастакынан тутуллубутун бэлиэтиир
тоҕоостоох. Олохтоохтор ыраах айаннаабакка, оройуоҥҥа бэйэтигэр хаачыстыбалаах медицина өҥөтүнэн
туһаналларыгар улахан кыах бэрилиннэ. Улахан компьютер томограф тэрилигэр түһэр кыахтаннылар, диагноз эрдэ
чопчуланыан сөп, бэлэмнээх специалист баар. Ону таһынан суһал көмөнү оҥорорго, биирдиилээн ыарыыны эмтииргэ специалистар куораттан быһа сибээһинэн тахсан, медицинскэй консультация ылыахтарын сөп. Эмчиттэргэ, анал үлэһиттэргэ үлэлиир усулуобуйа бары өттүнэн тэриллибитин бэлиэтиибит. Урукку кэмнэргэ үлэһиттэр араас сиринэн сылдьан, тус-туспа турар объектарынан сылдьан үлэлээбиттэрэ, үксүлэрэ саахалланар туруктаахтар этэ. Бүгүн бары салааларынан биир сиргэ кииннэнэн сырдык, киэҥ кабинеттарга үлэлииргэ табыгастаах бары усулуобуйа тэрилиннэ диэн үлэһиттэр үөрүүлэрэ оруннаах. Үлэһиттэргэ саҥа техника барыта кэллэ. Хас биирдии быраас ыарыһах устуоруйатын биир кэлим базаҕа киллэрэр. Манна ыарыһах куоратынан да сырыттаҕына, тугунан, хаһан ыалдьыбыта, хайдах эмтэммитэ барыта ырылыччы көстөр.
Балыыһа комплексыгар сменаҕа 104 ыарыһаҕы көрөр улахан поликлиника үлэлиэҕэ. Ону таһынан оҕо
поликлиниката баар буолла, тиискэ кытта туспа эмчиттэрдээх, сытар оҕолорго туспа оонньуур саалалаах. Саҥа
аныгылыы тэриллэрдээх дьахтар консультациятын отделениета баар. Суһал көмө станцията туспа баар, массыыната
таһырдьанан буолбакка, тастан сылаас гарааска киирэр. Кэлбит ыарыһаҕы үргүлдьү лифт нөҥүө анал каталканан
үөһэ балаатаҕа киллэриэххэ сөп. Хас биирдии балааталарга туспа туалеттаах, суунар сирдээх, орон аайы
кислородунан тыынар тэриллээх. Таһырдьа анал кислород станцията, носуос станцията үлэлииллэр. Кыра, улахан
лииптэр үлэлэрин анал специалист көрөр-истэр. Ити барыта доруобуйаларынан хааччахтаах ыарыһахтарга көмө
буолар. Харахтарынан мөлтөх дьон сирдэтинэн сылдьалларыгар араас быһыылаах бэлиэлэр, киэҥ ааннар, көмө
тэриллэр бааллар. Миэстэтигэр анаалыстары оҥороллоругар тустаах бары тэриллэринэн хааччыллыылаах саҥа
лаборатория баар буолла. Саҥа “стерилизация” зоната баар. Үһүс этээскэ толору хаачыстыбалаах тэриллэринэн
таҥыллыбыт аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир хирургия блога, операциялыыр тэриллэрдээх, лаампалардаах.
Ити тэриллэргэ тохтуур буоллахха, миэстэтигэр балыыһаҕа тиэйэн аҕаларга кэккэ уустуктар бааллара.
Уопсайынан, Арктика усулуобуйатыгар маннык бастакы улахан медицина объега диир буоллахпытына, барытыгар
бастакытын оҥоһуллар түгэннэр элбэхтэр этэ. Улахан ыйааһыннаах, олус сыаналааах томограф тэрилин сиринэн
буолбакка, салгынынан көтүтэн аҕаларга быһаарыы тахсыбыта. Бу туспа уустук тэрээһин бырайыагар анал үп-харчы
көрүллэн, араас таһымҥа элбэх кэпсэтии, быһаарыы ылыллан, АН-12 куруус сөмөлүөтэ бастакытын кэлбитэ. Аны
тэрилбит тиэйиитин-таһыытын, балыыһаҕа киллэриитин барытын кылаабынай быраас Яков Романович мындыр
өйүнэн сүрүннээн дьаһайбыта. Олох маладьыас. Уопсайынан, объект тутуутун матырыйааллара, тэриллэрин
атыылаһыытын, кэлиитин үлэтэ эрдэ ыытыллан, кэмигэр силигин ситтэ диэн сыаналыыбыт. Онон бары өттүнэн
холобур буолар тутуу дьэндэйдэ.
Маннык толору хааччыллыылаах кииннэммит медицинскай объект олоххо киирбитэ оройуон сайдыытын биир
хайысхата буолар. Манна анал үөрэхтээх үрдүк кылаастаах специалистар кэлэллэригэр биир төһүү күүс буолара
саарбаҕа суох. Аны мобильнай биригээдэлэр туттар наадалаах тэриллэрэ үксүлэрэ манна баар, үлэлииргэ бары
өттүнэн табыгастаах буолла. Кинилэр билигин ыраах улуустарга эмтиир тэриллэрин илдьэ сылдьаллар.
Муоматааҕы киин балыыһа үлэлиир усулуобуйатын таһыма быдан үрдүгүнэн, уопсай тутуутун хаачыстыбатынан
атын улуустарга холобур буолуоҕа. Маннык уустук суоллаах-иистээх хотугу сир усулуобуйатыгар улахан тутууну
ыытыахха сөп эбит диэн түмүк оҥоробут.
Оганнес Варжапетян, заместитель генерального директора ООО “Кинг-95”
— Бүгүн бары тутааччылар саамай өрөгөйдөөх, улахан кыайыыга тэҥнээх күммүт үүннэ. Бары улуус
олохтоохторун истиҥник эҕэрдэлиибит, сылаас, сырдык эйгэлээх доруобуйа Киинэ арыллыбытынан! Кырдьыга,
бастакы кэмҥэ тутуу бырайыагын билсэн баран, олус куһаҕан суоллаах тэйиэс сытар улууска хайдах үлэни ыытабыт
диэн саарбахтааһыннар бааллара. Салгынынан ититэр тиһиги, вентиляциялары көтүтэн аҕалтарбыппыт. Ол иһигэр
куруустаах массыыналарбыт, үлэлиэхтээх техникаларбыт муустаах ууга да түспүттэрэ баара, быыһыыр
экспедициялары тэрийэн, о.д.а. элбэх уустук түгэннэри көрсүбүппүт. Ол эрээри сыыйа-баайа бары түһүмэҕинэн
ылсан, Саха сирин салалтатын, Ил Дарханын, оройуон баһылыгын, бэл олохтоохтор өйөбүллэринэн бу улахан тутуу
барда. Онон уустук усулуобуйаҕа маннык баараҕай тутууну киллэрбиппититтэн улаханнык киэн туттабыт. Бүгүн
сылаас тылынан тутуу сыбаайатын түһэрбит, хомойуон иһин, олохтон эрдэ барбыт элбэҕи эрэннэрэр оройуон
баһылыгын Иван Петрович Павловы махтана саныыбыт, кини аатыгар сүгүрүйэбит. Олохтоохтор Кавказ дьонуттан
итэҕэһэ суох ыалдьытымсахтарын, сирэ-уота, айылҕата маанытын сөҕөбүт-махтайабыт, махтал тыллары аныыбыт.
Доруобай буолуҥ!
Михаил Черов, “СӨ Судаарыстыбыннай сакаасчыт сулууспата” казеннай тэрилтэ генеральнай директорын
солбуйааччы
— Биир дойдулаахтарбын бүгүҥҥү үөрүүлээх күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Аҕыйах сыллааҕыта национальнай
бырайыактар үлэлэрэ саҕаламмыттарыгар элбэх тутуулар былааннаммыттара, ол иһигэр Хонууга балыыһа Киинэ
тутуллара биллибитэ. Ол саҕанааҕы баһылык Иван Павловы кытта элбэхтэ сүүрэн-көтөн бу тутуу олоххо киирдэ.
Иван Петрович тутуу үйэлээх буоларын курдук таас матырыйаалынан тутулларын ситиспитэ. Бырайыак экспертизаны ааһарыгар элбэхтэ уларытыллан, сөбүлэһиллэн олус күүстээх үлэ барбыта. Манна кылаабынай быраас
ылыннарыылаах тыллара олус оруоллаахтара. Онтон бырайыакпыт бигэргэтиини ааһан, оҥоһуллан, бэдэрээтчитинэн ААУо “Кинг-95” анаммыта. Генеральнай директор Муомаҕа көтөн кэлэн хара кумах баарын саҥа илэ көрбүтэ. Төннөрбүтүгэр лабораторияҕа уу, кумах састааптарын үөрэтээри илдьэ көппүппүт, регистрацияҕа соһуйан “куоракка көтөҕүт дуо? чахчы?” диэн ыйытыылар бааллара. Көтөөччүлэр мантан эт, балык илдьэллэр, биһиги кумах. Онон олохтоох матырыйаалтан таҥыллан тахсыбыт улахан тутуу буолла. Олохтоох суол үлэһиттэригэр, оройуон салалтатыгар, тустаах тэрилтэлэргэ махталбытын тиэрдэбит. Тутуу хаачыстыбалаахтык ыытылларыгар кылаабынай быраас Яков Бережнев улахан өҥөлөөҕүн бэлиэтиибит. Кини тутуу бары түһүмэҕэр ымпыгар-чымпыгар тиийэ тоокколоһон, көннөрөрү көннөттөрөн, уота-күөһэ, сылааһа киириитигэр сүүрдэ-көттө. Онон саҥа тэрилтэни үчүгэйдик көрөн-харайан, харыстаан тутан, объект өссө да өр сылларга олохтоохторго көмөлөһө туруохтун!
Альберт Жирков, СӨ доруобуйа харыстабылын ресурснай Киин директора
—Тутааччы быһыытынан сүрэхтэниим 35 сыл анараа өттүгэр студеннар этэрээттэригэр киирсэн манна, Муомаҕа,
тутуу тэрилэтигэр улахан ыскылаат тутуутугар ааспыта. Ол саҕаттан Муоманы үчүгэйдик билэбин, сылаастык
саныыбын. Бүгүн хотугу эргимтэҕэ олус үчүгэй, аныгы технологиянан таҥыллыбыт тэриллэрдээх бэртээхэй балыыһа тутуллан киирдэ. Олохтоохтору кытта үөрүүгүтүн тэҥҥэ үллэстэбин. Кырдьыга, балыыһа тутуутун бырайыага кылаабынай быраас, бэл, ыстаарсай сиэстэрэ баҕа санааларынан учуоттанан оҥоһуллар. Манна даҕаны оннук буолбута, баҕа санаа элбэх этэ буоллаҕа. Олус улахан бырайыак тахсыбытын, элбэхтэ дьүүллэһэн, онон-манан
кыччатан, ханан эрэ киллэрэн, бырайыак таҥыллан тахсыбыта. Онтон тутууну ыытар бэдэрээтчит хайдах курдук
уустук логистикалаах оройуоҥҥа үлэни ыыппытын олохтоохтор бары илэ көрдөххүт. Онон бүгүн оройуоҥҥа биир
бөдөҥ историческай суолталаах бэлиэ күн буолла. Бары олохтоохтору, үлэһиттэри итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Маннык үтүө дьиэ дьоҥҥо-сэргэҕэ өр сылларга туһалыы турдун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.
Яков Бережнев, Киин балыыһа кылаабынай бырааһа
— Бүгүн үтүө кэскиллээх үлэ олоххо киирбитинэн барыгытын эҕэрдэлиибин! Бу оройуон сайдыытыгар биир сүрүн
тирэх объект буоларыгар саарбах суох. Кииннэммит балыыһа тутуута — араас таһымнаах салалта, элбэх тэрилтэ
түмсэн биир сомоҕо буолан үлэлээбиттэрин түмүгэ. РФ Доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтэ Уһук хотугу
сиргэ маннык доруобуйа дыбарыаһын тутарга сөбүлэҥин биэрбитигэр улаханнык махтанабыт. Тутуу
матырыйаалларын, малы-салы, тэриллэри аҕалыыга СӨ транспорт Министиэристибэтэ улахан көмөнү оҥордо.
Улахан махталбын идэлэрин толору баһылаабыт, олус үлэһит тутааччыларга тиэрдэбин, чуолаан прораб Жантимир
Молдобековы ааттыыбын. Уустук да, күлүүлээх да түгэннэр элбэхтэр. Тутааччылар чахчы дьоллоох дьоннор. Кинилэр олохторугар соннук сыһаннаахтар, барыта олохтоох, сиэрдээх. Тутуу кэмигэр элбэх надзорнай уорганнары кытта ыкса үлэлэстибит. Бу күннэргэ балыыһа бары ирдэбили тутуһан үлэлииригэр анал лицензияны ыллыбыт. Онон бу ыра санааҕа тэҥнээх бырайыак олоххо этэҥҥэ киирбитинэн үлэһиттэрбин эҕэрдэлиибин! Чахчы даҕаны, хас көлүөнэ үлэһиттэр ыра санаалара туолбута буолуой. Үлэҕитигэр бэриниилээх буолуҥ, маннык мааны усулуобуйаҕа киһи эрэ үөрэ-көтө үлэлиэн сөп.
Наталья Павлова, 2019-2021 сс. Киин балыыһа кылаабынай бырааһа
— Олус долгутуулаах үөрүүлээх күнүнэн улуус бары олохтоохторун эҕэрдэлиибин! Аҕыйах кэминэн баҕа санаабыт
туолан, соһуйан хааллым. Бүгүн биһигини кытта кэргэним, Иван Петрович үөрүүбүтүн тэҥҥэ үллэстиэхтээҕэ. Кини
баһылык буолуоҕуттан, саҥа балыыһа тутуутун инники күөҥҥэ туппута. Муомаҕа үрдүкү салалтаҕа эргэ балыыһаны
көрдөрөн, араас таһымнаах элбэх кэпсэтиилэри ыытан, көрсүһүүлэри тэрийэн, тутуу наадатын дакаастаан, бүгүн кини ыра санаата туолла. Тэҥҥэ толкуйбут, өйбүтүгэр, кумааҕыга уруһуйдаабыппыт барыта бүгүн олоххо илэ киирбититтэн олус үөрэбит. Кэргэним аатын үйэтитиигэ министиэристибэ хайысхаларынан үлэ ыытылла турар, бу күннэргэ биллиэҕэ. Маннык киэҥ тутуу Арктика эргимтэтигэр ханна да суох, биһиэхэ бастакытын киирдэ. Бу барыта дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит салалтата Арктикаҕа ураты болҕомтотун бэлиэтэ. Дьон доруобуйатын туһугар үлэлиир национальнай программа кэмигэр үлэлээн, бары сыһыаннаах тэрилтэлэргэ, чуолаан, чугастык саныыр доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтигэр, тутааччыларга олус күүскэ махтанабын. Сакаасчыт сулууспатыттан Михаил Гаврильевич, Александр Анатольевич санааларын ууран туран күүскэ көмөлөстүлэр. Кылгас кэм иһигэр ыытыллыбыт тутууну илэ харахпынан көрөн хайдахтаах курдук үлэ ыытыллыбытын киһи сэрэйэр эрэ. Бары уустуктары этэҥҥэ туораан, ыра санаабыт туолбутунан, бырааһынньыгынан барыбытын эҕэрдэлиибин! Каадыр боппуруоһа быһаарыллыаҕа диэн эрэнэбин.