Биһиги ыраах сытар хотугу Муомабытыгар саха омугу Арассыыйа, аан дойду үрдүнэн аатырдыбыт чаҕылхай сулус, саха-рэп хамсааһынын төрүттээччи, ырыаһыт Джида — Гоша Васильев кэлэ сылдьар. Ааҕааччыларбыт үксүлэрэ кинини «Мин сахабын» диэн ырыатынан истэр-билэр буолуохтаахтар. Ырыаларын тылларын, матыыбын бэйэтэ суруйар.
«Осикат» култуура Киинин киэҥ мааны уораҕайыгар икки кэнсиэр тухары көрөөччү лыык курдук. Аата-суола киэҥник биллибит артыыс фанаттара: биэс саастаах оҕотуттан аҕыс уоннаах кырдьаҕаска диэри. Бэл, чугастааҕы нэһилиэктэн өрүһү уҥуор туораан кэлбит көрөөччүлэр бааллар.
— Гоша, эн бу Муомаҕа маҥнайгы кэлииҥ. Муома туһунан туох өйдөбүллээххиний?
— Кырдьыгынан эттэххэ, Муома туһунан «нулевой» өйдөбүллээх кэлбитим. «Муомаҕа гастроллуу кэлэҕин дуо» диэбиттэригэр «Муомаҕа? Сөп, тиийиэм» эрэ диэбитим.
Мин билэбин уонна эрэнэбин — Саха сирин хайа баҕарар муннугар мин истээччилэрдээхпин, итии сүрэхтээх көрөөччүлэрдээхпин.
Бу сүүрбэ сыллаах айар үлэм кэнсиэрэ буолар.
Муомаҕа «Осикат» Киин дириэктэрэ Алексей Варламов ыҥырыытын ылынан кэллим.
— Джида диэн муода аат «Мин сахабын» диэн ырыанан 2003 сыллаахха «Саха Виктория» араадьыйаҕа дорҕоонноохтук төлө көтөн киирбитэ.
Саха-рэп хамсааһынын маҥнайгы пионера, төрүттээччитэ буолаҕын.
— Мин бу рэп диэн музыка биир хайысхата буоларын өссө тоҕустаах-уоннаах сылдьан истибитим. Онтон бу жанры сэҥээрэн бэйэбин холонон маҥнай нууччалыы суруйар этим. «Союз двух микрофонов» диэн альбом таһаарбыппыт. Ол биэс сыл эриллэн-мускуллан уон биэс саастаахпар, тохсус кылааска үөрэнэ сылдьан бэйэм туспа этнос буоларбын өйдөөн «Сахалыы эмиэ иһиллиэн сөп эбит ээ» диэммин «Мин сахабын» диэн маҥнайгы ырыабын суруйбутум. Ырыам тутатына ыччат, дьон-сэргэ биһирэбилин ылан киэҥник тарҕаммыта.
— Аны ол кэннэ «Атаарабын», «Сүрэхпит тэбэрин тухары», уо.д.а. ырыаларыҥ оччотооҕу устудьуоннар сүрэхтэрин сүүйбүтэ. Күн-дьыл ааһан билигин ол устудьуоннар бэйэлэрэ 40-н ааспыт дьон, ол ырыаларгын аны кинилэр оҕолоро истэллэр, тылларын билэллэр, тэҥҥэ ыллаһаллар. Дьиҥнээх хит ырыалар!
— Бэйэбин отут биэс саастаах рэпербин диибин. Этэргэ диэри, билигин сорохторго санатабын, сорохторго билиһиннэрэбин.
— Кэнники «Тылбыт сүтэн эрэр, оҕолорбут сахалыы саҥарбаттар» диэн үгүстүк истэбит.
Дьэ, итиннэ эн ырыаларыҥ ыччат дьоҥҥо олус үтүө сабыдыаллаахтар. Оҕолорбут, кэнэҕэски кэнчээри ыччаппыт сахалыы тыыны иҥэринэллэригэр төрүөт буолар. Төһөтүн да иһин саха буоллахтара, өбүгэлэрин тыына уһуктар. Төрүт тыллара мэйиилэригэр хатанан хаалар, өйдөрүгэр-санааларыгар, эттэригэр-хааннарыгар сахалыы дорҕоон, сахалыы саҥа иҥэн киирэр.
— Оннук.Өйдүүбүн. Ол эрэн анаан сыал-сорук туруорунан буолбакка, эт да эт буолбакка эрэ.
Ырыанан санаабын тиэрдээри сыанаҕа тахсабын.
— Билигин тугунан дьарыктанаҕын?
— Чааһынай консалтинговай тэрилтэлээхпин.
2020 сыллаахха пандемия кэмигэр Трудовой, Налоговай Кодекстары умсугуйан туран аахпытым (күлэр). Ону таһынан суол, муоста тутуутунан дьарыктанабын.
— Айар үлэҥ сүүрбэ сыла…
— Номнуо сүүрбэ сыл ааһа охсубут. Кэрдиис кэми бэлиэтиир үбүлүөйдээх сылым.
Бу күһүн балаҕан ыйыгар «Мин сахабын» ырыам тахсыбыта сүүрбэ сылыгар «Дохсун» стадиоҥҥа алта тыһыынча көрөөччүлээх улахан сольнай кэнсиэрбин оҥорбутум. Ол иннинэ 2017 сыллаахха «Туймаада» стадиоҥҥа үс аҥаар тыһыынча көрөөччү кэлбитэ.
Бу үбүлүөйдээх сылбар аны өрөспүүбүлүкэбит оройуоннарынан улахан туурга сылдьабын. Төрөөбүт дойдубут сүрдээх киэҥ эбит ээ. Каартаҕа көрөн ыраах кэлбиппин сөхтүм. Аны бириэмэбит икки чаас араастаһар эбит дии.
Илин эҥэри барытын кэрийдибит. Мантан салҕыы Нам, Хаҥалас оройуоннарыгар кэнсиэрдиэм.
— Оччоҕо хоту оройуоннартан биһиэхэ эрэ кэллиҥ?
— Муомаҕа эрэ уонна ахсынньы 7-17 күннэригэр Орто Халыма оройуонугар барар былааннаахпыт. Ол кэннэ Сунтаар диэки айанныахпыт.
Джида соторутааҕыта эрэ Бурятия киин куоратыгар — Улан-Удэҕа ыытыллыбыт азиатскай музыка бэстибээлигэр кыттан кэллэ. Бу улахан бэстибээлгэ араас дойдулартан, холобура, Казахстантан мөлүйүөнүнэн истээччилээх бөлөх кыттыыны ылбыттар. Биһиги Джидабыт «Бэйэбин көрдөрдүм, үчүгэйдик үлэлээтим», — диир.18:38
… Тылын билбэт омук сүтэр, эстэр дьылҕалаах. Оттон Джида сүүрбэ сыл тухары тыһыынчаннан эдэр дьоҥҥо хомоҕой тылынан санаатын тиэрдэр. Оҕолорбут музыка нөҥүө төрөөбүт тылларын сүмэтин иҥэринэллэр, ырыаларын нөҥүө кэрэҕэ, үтүөҕэ тардыһалларыгар олук уурар.
Бу маннык ыччат биһириир, сэргиир артыыстара оҕолорбутун — омукпут кэскилин сырдыкка, үйэлээххэ сирдииллэр.
Валентина Старостина.