«Дуннэдув» быыстапкаҕа Муома иистэнньэҥнэрин ситиһиилэрэ

Дьокуускайга төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар Ассоциацияларын 8-с съеһэ салҕанан барар.

Бэҕэһээ «Дуннэдув» хотугу норуоттар прикладной искусстволарын уонна художественнай оҥоһуктарын быыстапкатыгар Улахан Чыыстай олохтоохторо Акулина Николаева («Традиционная детская одежда» номинация) уонна Ольга Данилова («Традиционные рукавицы оленеводов» номинация) дипломант үрдүк аатын ыллылар.

Өбүгэлэрин үгэстэрин дьарык гынан оҥостон илдьэ сылдьар, сүтэн эрэр оһуору-мандары, хотугулуу ииһи тилиннэрэн сыралаһан үлэлиир, уран тарбахтаах иистэнньэҥ Акулина Степановна туһунан биһиги бу саас хаһыаппытыгар суруйан турабыт. Кини үгүс киһини хотугу иис кистэлэҥнэригэр үөрэтэр. Быыстапкаҕа кыттыбыт Ольга Владимировна эмиэ кини үөрэнээччитэ буолар. Ольга бу улахан быыстапкаҕа маҥнайгытын «сүрэхтэннэ». Ольга ийэтэ Ульяна Громова бэйэтин оҥоһуктарын быыстапкаҕа ыытан сертификат ылла. Ульяна Христофоровна иис абылаҥар эмиэ үгүс киһини үөрэппит-такайбыт наставник буолар.

Төрүт омуктарын ииһин салҕыыр, кэнэҕэски көлүөнэҕэ тиэрдэр аналлаах уран тарбахтаах хотугу иистэнньэҥнэргэ бэйэбит эҕэрдэбитин тиэрдэбит