Сааһыран олорон санаатахха, олохпор тоҕо эрэ дьоһун дьону Светлана Платонованы, Анна Федорованы, Егор Слепцову, Тихон Черемкины-Толомону, Николай Яковлевы, Галина Попованы, о. д. а. кытта доҕордоһон, аргыс гына алтыһан үйэбин моҥоон эрэр эбиппин. Муоманы аатырдыбыт Тамара Константиновна Апросимова, үҥкүүгэ Зоя Федоровна Слепцова үйэлэргэ умнуллубат үтүөлээхтэр. Былырыын Т. К. Апросимова үбүлүөйдээх сылын бэлиэтээтибит. Кини туһунан аҕыйах тылынан ахтан аһарыам. Арай Чыыстайга Кыайыы 30 сылын көрсөр улуус кэнсиэрин күрэҕэр миигин конферансье буоларга көрдөстүлэр, икки кыра оҕолоохпун, көрсүөхпүт диэтилэр. Тамара Константиновна кэнсиэрбитигэр көмөлөһө ыйа-кэрдэ кэллэ. Дьэ, конферансьелыыр киһи биллэрэрбэр реверанстаатым. Арай бары күлэн «быара суох» олороллор, хаттаан оҥортордулар. Тамара күлэ-күлэ: «Хоһооҥҥун кыайа-хото үчүгэйдик ааҕаҕын», онон театрализованнай оҥорон, хааман эрэ киирэн ааҕарбар этии киллэрдэ. Дьэ , «һуу» гынан хааман киирэн, хоһооммун эрэ аахтым. Эмиэ күлэн мүчүҥнүү олороллор. «Ок-сиэ, дьэ балтым матрос палубаны швабралыырын курдук хаамаҕын, кыра бэйэҥ биирдии миэтэрэнэн хардыылыыгын», − диэн буолла. Хаттаан кыратык атыллаан киирдим… Дьонум мүчүҥнэһэ олороллор. Константиновна: «Аны кыбыкыччыйан түһэҥҥин», − дии-дии күллэ. Мин: «Чэ, кэбис, адьас сатыа суохпун», − диэтим. Онуоха аатырбыт режиссер: «Оннооҕор эһэни үөрэтэллэр, хаамары баҕас сатыахпыт», − диэн эрчийэн, Хонууга Улуу Кыайыы 30 сылын көрсөр фестивальга аан бастакынан «5» баалы ылбыт конферансье буолан турабын.
Т. К. Апросимова тула куруук көр-күлүү, сэргэхсийии буолар этэ. Муоматааҕы драматическай тыйаатыр Дьокуускайга улуустар көрүүлэригэр сылдьан народнай ааты ылбыттарын көрүдьүөстүк кэпсээн-ипсээн күллэрэн турардаах. Оччолорго Таатта тыйаатыра аатырар этэ, онон кинилэр бастаан толорбуттар. Муомалары таатталар соччо аахайбат курдуктар үһү. Биһиэннэрэ хотугу темаҕа таба таҥаһын уларсан кэтэн «Туундара туллуга» спектаклы туруорбуттар. Арай саҥа толороору сырыттахтарына, сүрүн оруолу толорор Захаров Бүөтүрдэрэ балык уҥуоҕар харан, дьэ иэдээн буолар. Араастаан көмөлөһө сатыыллар, суһал көмөнү ыҥырбыттар. Тамара Константиновна адьас «провал« буолаары гынан мөҕүттэр: «Кэм да, эн аһаан кэлэн бараҥҥын, тоҕо балык сиэтиҥ?», − диэн. Артыыһа хайыай, кыайан да саҥарбат буолан иэдэйэн олордоҕо.
Оонньуулара саҕаланар… Аны бастакы оонньууга Америка атыыһытыттан ылар сааларын бу аймалҕаҥҥа умнан илдьэ киирбэтэхтэр. Сааларын көрдөөбүтэ буолан дьиҥнээхтик долгуйан артыыстар айманаллар, саалара сыанаҕа киирбитигэр дьэ «һуу» гыналлар. Бу мучумааҥҥа «суһал көмө» бырааһа кэлэн киһилэрин быыһыыр, сүрүн герой Петр Захаров долгуйан оруолун арыллан бэркэ толорор.
Дьүүллүүр сүбэ астынан, көрөөччүлэр бары муомалары атахтарыгар туран биһирээн айхаллыыллар. Үөрүү-көтүү…
Ити курдук Т. К. Апросимова салайар тыйаатыра таатталар иннилэринэ «народнай тыйаатыр« аатын ылбытын, чуолаан муомалар бары толорор массовкаларын дьиҥ чахчы долгуйан толороллорун хайҕаабыттарын кэпсээн барыбытын күллэрбитэ да, сэргэхсиппитэ да. Айылҕаттан, Суола Эбэтиттэн силис тардар талааннаах Тамара Константиновна Апросимова сырдык уобараһа ханна да сырыттаҕына киһини кынаттыыр майгылаах этэ.
Мария Громова, СӨ үөрэҕириитин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Муома улууһун уус-уран көрүүтүн лауреата