2022 сыллаахха «Дьиэ кэргэн – норуот кэскилэ» бырайыак Чыбааҕылаах нэһилиэгэр олорон ааспыт тыа сирин үлэһит дьонун билиһиннэрэр, төрдү-ууһу чинчийэр сыаллаах толкуйдаммыта.Киһи олох олорор күүһүн аан бастаан иэримэ дьиэтиттэн, төрөппүттэриттэн ылар. Дьиэ кэргэн төһөнөн бигэ туруктаах, чэбдик олохтоох, айыы сиэрдээх да, соччонон кини сылаас холумтаныгар иитиллибит оҕо сырдык кэскиллээх, үтүө туруктаах буолар. «Дьиэ кэргэн – норуот кэскилэ» бырайыак үһүс сылын ситимин быспакка ыытыллан, дьоҥҥо-сэргэҕэ дириҥ суолтатын өйдөттө.
Быйыл бырайыак анал бэлиэтэ Чыбааҕылаах нэһилиэгин элбэх оҕолоох ытык-мааны дьиэ кэргэнигэр Евгений Иннокентьевич, Тамара Ивановна Корякиннарга туттарыллыбыта. Кинилэр алаһа дьиэ тэринэн бииргэ олорбуттара быйыл 50 сылын туолла. Чөл олоҕу тутуһар ыал нэһилиэккэ элбэх, онтон биирдэстэринэн Корякиннар дьиэ кэргэннэрэ буолаллар. Кинилэр нэһилиэктэрин, улуустарын сайдыытын туһугар дьаныардаахтык үлэлээн кэллилэр. Холобурга сылдьар убаастанар ыал икки кыыс, үс уол оҕолоохтор, билигин сиэннэрин иитиһэллэр. Оҕолоро туспа дьоһун ыал буолан төрөөбүт нэһилиэктэригэр, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ үлэлии– хамсыы сылдьаллар, айаллар-туталлар. Бииргэ олорбуттара 50 сылларын туоһутунан оройуоннааҕы ЗАГС салаатыттан «Семейная доблесть» анал бэлиэ туттулар. Ону сэргэ өрөспүүбүлүкэтээҕи «Саха сирин кыһыл көмүс дьиэ кэргэннэрэ» кинигэҕэ киириэхтэрэ.
Быйылгы ыһыахха «Дьиэ кэргэн – норуот кэскилэ» бырайыак чэрчитинэн спортивнай күрэх Тамара уонна Евгений Корякиннар үбүлүөйдээх сылларыгар ананна.Сүрүн сыалынан эдэр дьиэ кэргэн күннэтэ олоххо туттуллар сатабылларын тургутуу, чөл олоҕу тарҕатыы, ийэ-аҕа иккиэн бииргэ дьиэ кэргэн тирэҕэ буолалларын өйдөтүү.
Күрэххэ Чыбааҕылаах нэһилиэгин 40 саастарын туола илик эдэр ыалларын аҕа баһылыга уонна далбар хотуна кытыннылар.
Спортивнай күрэх маннык түһүмэхтэринэн ыытылынна:
— «Тэҥнээ-эрбээ»,
— «Ураҕас көтөҕүү»,
— «Халбас харата»,
— «Тоһоҕону саайыы»,
— «Кээмэйи быһаарыы»,
— «Буочукалар».
Күрэххэ Василий,Алена Старковтар, Федор, Эльвира Богдашиннар, Виктор, Иванна Старковтар, Валера, Анна Осиповтар алта түһүмэххэ бары биир тыынынан, түмсүүлээхтэрин көрдөрөн көхтөөхтүк кытыннылар. Хас биирдии түһүмэх интэриэһинэйдик ааста.
Түмүккэ, 1 миэстэни Виктор, Иванна Старковтар ыллылар уонна Корякиннар кыра уоллара Евгений бэйэтэ оҥорбут сэбэрэни тупсарар сиэркилэлээх остуолун тутан үөрүүлэрэ улаатта. 2 миэстэни Валерий уонна Анна Осиповтар ылан, килиэп буһарар оһоҕу бириис туттулар.
3 миэстэни Василий уонна Алена ылан 40 лиитирэ бензининэн наҕараадаланнылар, Федор уонна Эльвира Богдашиннарга «Кыайыыга дьулуурдарын иһин» анал аат ананна уонна сэртипикээт туттулар. Күрэх дьон интэриэһин тардан, бэрт сонуннук, сэргэхтик ааста. Кэрэни кэрэхсээн, үтүөнү үксэтэн дьоһун ыал буолуҥ диэн эдэр ыалларга алгыс тыла этилиннэ.
Салгыы «Дьиэ кэргэн – норуот кэскилэ» бырайыак анал бэлиэтэ нэһилиэк киэн туттар элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнигэр Василий, Розалия Старковтарга үөрүүлээх быһыыга – майгыга туттарылынна. Дьиэ кэргэн иллээх эйгэтин иҥэринэн, кэскилин түстээн бырайыак салҕанар.
Айталина Николаева