«Далбар Хотун — 2024»

Сахам Далбар Хотуна
Кэрэҕин даҕаны,
Киэргэнэн, симэнэн турарыҥ
Күндүтүн, маанытын.

Муус устар 6 күнүгэр “Осикат” ЭКК бэһис төгүлүн «Далбар Хотун – 2024» күрэс үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.
Күрэскэ 7 араас идэлээх, дьикти дьарыктаах ыал ийэлэрэ, кэрэ аҥаардар кытыннылар.
Ол курдук, Саргылаана Семеновна Сивцева – Хонуу сэлиэнньэтэ, «Арчы» дьиэтин кэлэктиибиттэн кытынна. Үлэ
бэтэрээнэ, провизор идэлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабылын туйгуна, иллээх дьиэ кэргэн далбар хотуна. Инники эрэлэ – кыыһа Айыына Куо. Холобур туттар дьоно – төрөппүттэрэ.
Ганна Гаврильевна Черова – Хонуу сэлиэнньэтэ, Оҕо ускуустубатын оскуолата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын
туйгуна, «Индигир долгуннара», “Сарыада” ансаамбыллар салайааччыта. Сып-сылаас, ып-ыраас Амма өрүстээх кыыс Амма сириттэн төрүттээх.Халыҥ Черовтар аймахтарын кийииттэрэ, икки оҕо тапталлаах күн күбэй ийэтэ.
Снежана Афанасьевна Егорова – Хонуу сэлиэнньэтэ, РФ страховой фонда Саха сиринээҕи салаатын Муоматааҕы
клиентскэй сулууспатын сүрүн исписэлииһэ. Улахан дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ, тапталлаах кэргэн. Саамай күндүтэ – 5 кыталык кэрэчээн кыргыттара.
Светлана Афанасьевна Сен-Дун-Шен – Индигир нэһилиэгэ, Н.А.Брызгалов аатынан Индигир орто оскуолатын
дириэктэрэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Уоллаах кыыс оҕолоох, Аймах – билэ дьонун оҕолорун иитиһэр амарах санаалаах ыал ийэтэ.
Матрена Васильевна Никулина – Индигир нэһилиэгэ, Индигирдээҕи норуот айымньытын дьиэтин үлэһитэ. Нэһилиэккэ ыытыллар общественнай, культурнай олоҕун үлэтигэр көхтөөхтүк кыттар. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар дьоннортон биирдэстэрэ. Ынах сүөһүнү, сылгыны иитэр. Тапталлаах кэргэн, 6 оҕо күн күбэй ийэтэ.
Лариса Афанасьевна Никонова – Соболоох нэһилиэгэ, Соболоох орто оскуолатын үлэһитэ. Кырдьаҕастар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ. «Долгураҥ» ырыа ансаамбылын кыттааччыта. Икки кыыс, биир уол күн күбэй ийэтэ, 5 сиэн эйэҕэс эбэлэрэ. Ынах сүөһүнү, сылгыны, сибиинньэни, кууруссаны иитэр.
Марина Михайловна Эверстова – Төбүлэх нэһилиэгэ, сынньалаҥ киин дьиэтин исписэлииһэ, дьахтар сэбиэтин
бэрэссэдээтэлэ, Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьахталлар сийиэстэрин дэлэгээтэ, «Хомус», “Күпсүүр” ансаамбыл салайааччыта. 5 оҕо тапталлаах ийэтэ.
“Далбар Хотун” күрэс 5 түһүмэҕинэн бэрт интэриэһинэйдик ааста.
— “Мин дьиэ кэргэним” – бэйэни билиһиннэрии
— “Ырыа – олох аргыһа”
-“Мин таптыыр дьарыгым”
-“Үҥкүүнэн үөрүүнү кэпсиибин”
— “Мааны Далбар Хотун”
Кыттааччылар бары түһүмэхтэргэ талааннарын, дьоҕурдарын, сатабылларын көрдөрөн көрөөччүлэр сэҥээриилэрин
ылыахтарын ыллылар. Бары даҕаны бииртэн биир ураты суоллаах-иистээх кэрэ аҥаардары астына көрдүлэр, дохсун ытыс тыаһын бэлэхтээтилэр.
Түмүккэ, кыттааччыларга анал ааттары анаатылар: Марина Михайловна Эверстова -«Уран Хотун — 2024», Лариса
Афанасьевна Никонова- «Сандаара Хотун-2024», Матрена Васильевна Никулина- «Уйгулаана Хотун -2024», Светлана
Афанасьевна Сен-Дун-Шен — «Айыллаана Хотун-2024», Ганна Гаврильевна Черова- «Долгууна Хотун — 2024», Саргылаана Семеновна Сивцева — «Талба Хотун — 2024». Кыайыылаах элбэх оҕолоох ийэ Снежана Афанасьевна Егорова- «Далбар Хотун — 2024» аатын ылан үөрүү өрөгөйүн биллэ.Кэрэ аҥаардарга анал лиэнтэлэри кэтэртилэр, тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн, харчынан бириэмийэлэри, бэлэхтэри туттартаатылар. Күрэс биир уратытынан үгэскэ кубулуйбут анал суруктаах чорооннору туттулар. Дьүүллүүр сүбэҕэ быйыл даҕаны эр дьон сыаналаабыттара ураты буолла. Ол курдук, Юрий Прокопьевич Черов – бэрэссэдээтэл, Улуустааҕы култуура управлениетын начальнига, Эдуард Петрович Калачев – Муома национальнай нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта, Алексей Алексеевич Варламов – “Осикат” ЭКК дириэктэрэ, Юрий Алексеевич Винокуров –«Муома» аэропорт тэрилтэтин салайааччыта, Георгий Аркадьевич Алексеев – «ОДьКХ» ГУП Муоматааҕы филиалын кылаабынай инженерэ бэрт эппиэтинэстээхтик үлэлээтилэр. Күрэһи иилэн – саҕалаан Ньургустаан Уваровскай, Индигирдээҕи норуот айымньытын дьиэтин исписэлииһэ, Диана Прибылых, «Осикат» ЭКК исписэлииһэ хомоҕой тылларынан ыыттылар. «Далбар Хотун — 2024» күрэскэ “Арчыына”, “Аяврина”, “Индигир долгуннара” ырыа,үҥкүү ансаамбыллара кыттан киэргэттилэр. Ону тэҥэ Егор Старков, Николай Корякин, Тамара Слепцова, Сандаара Скороходкина, Анастасия Слепцова кэрэ ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Бырайыак ааптара Ирина Николаевна Слепцова күрэс үрдүк таһымнаахтык ааспытын бэлиэтээтэ. Быйылгы күрэх бэһис төгүлүн ыытылларыгар күүс-көмө буолбут үтүө санаалаах дьонноругар махтал тылларын тиэртэ. Чуолаан, олохтоох нэһилиэк салалтата, баһылык Иван Евгеньевич Дягилев үтүө үгэһи салҕаан, көмөтүн тиэрдибитин иһин Ирина Николаевна махтанар. Бу иннинээҕи күрэхтэргэ Александр Васильевич Андреев көмөтүн бэлиэтээн үтүө тылларынан ахтан ааста. Өссө элбэх оҕолоох ийэ Веранина Гаврильевна Тарабукина, элбэх оҕо, сиэн тапталлаах ийэлэрэ, эбэлэрэ Тамара Михайловна Слепцова ааттарын ааттыыр тоҕоостоох. Кинилэр Ирина Николаевна үлэтигэр куруук күүс-көмө буолалларын бэлиэтиир.
Истиҥ махтал тылларын тиэрдэр. Түмүккэ тэрээһини үйэтитэр сыаллаах хаартыскаҕа түһүү буолла.

Быйылгы «Далбар Хотун»күрэс Дьиэ кэргэн, оҕо саас сылыгар ананан ыытылынна. Маннык күрэс ыытыллара хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ үтүөнү, кэрэни, сырдыгы түстүүр.

Айталина Николаева