Чыыстайтан — Москваҕа

Муома оройуонун Улахан Чыыстай олохтоохторо Василий уонна Елена Соловьевтар оҕолорун кытта алтынньы 16 күнүгэр дойдубут киинигэр Москва куоракка көттүлэр. Кинилэр бүтүн Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн ыытыллар «Семья года” күрэх «Семья – хранитель традиций” номинациятын кыайыылааҕа буоллулар. Быйыл саас бастаан Саха Сиригэр ыытыллыбыт “Дьиэ кэргэн-2024» күрэххэ ситиһиилээхтик кыттан “Кочевая семья” номинацияҕа кыайыылаах үрдүк аатын сүкпүттэрэ. Мин Соловьевтары Үлэ уонна социальнай көмүскэллээх буолуу Министерствотыгар көрсөн кэпсэттим.
Елена Степановна, эһигини кыайыыгытынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэр эрэ.
Кэргэним Василий Викторович Соловьев. Биһиги биэс оҕолоох ыалбыт. КРОМНС «Эрикит» общинабытыгар үлэлиибит. Улахан кыыспыт Уруйдаана быйыл Нерюнгри куоракка ХИФУ техническэй филиалын бүтэрэн “Горное дело” диэн идэлээх үлэһит буолла. Иккис оҕобут Владимир эмиэ үөрэнэн, автомеханик-суоппар буолан ыстаадаҕа бэйэбитин кытта тэҥҥэ үһүс сылын табаһытынан үлэлии сылдьар. Үһүс оҕобут Леонид ыстаадаҕа үлэлээн баран быйыл Хабаровскай куоракка медицинскэй колледжка стоматолог-ортопед идэтигэр үөрэнэ киирбитэ. Уонна икки кыраларбыт Глафира 5 кылааска, Иван 3 кылааска оскуолаҕа үөрэнэллэр.
Куонкуруска хайдах кытынныгыт? Ким көҕүлээбитэй, төһө бэлэмнэннигит?
Саас ыстаадаҕа барыахпыт иннинэ община дьиэ кэргэттэригэр маннык куонкурус баар, кыттыҥ диэн кэпсэтии барбыта. Слет кыайыылаахтарын быһыытынан уонна критерийдэригэр сөп түбэһэммит Улахан Чыыстайтан биһиги Соловьевтар уонна Громовтар кыттыбыппыт. Бу куонкуруска кыттарбытыгар оройуон баһылыгын солбуйааччытынан үлэлээбит А. Кульбертинова, ЭКЦ «Чикти» кыргыттара, үлэһиттэрэ сүрдээҕин күүс-көмө буолтара. Анфиса Семеновна, Саргылана Егоровна визиткабытыгар, видеоматырыйаалларбытын устан, хомуйан ыытан көмөлөспүттэрэ.
Улахан бэлэмнэнии суоҕа. Саамай үлэ түгэнэ – таба төрүөҕүн кэмэ этэ.
Дойдубут киинигэр Москваҕа бараары бэлэмнэнэ сылдьаҕыт. Төһө эрэ долгуйаҕыт. Туох программалаах тэрээһин буоларый?
Быйыл дойдубут киин куоратыгар Москваҕа 10-с төгүлүн ыытыллар үс күннээх улахан тэрээһиҥҥэ кыттабыт. Араас регионнартан бу күрэххэ барыта 11 тыһыынчаттан тахса ыал кыттыбыт уонна дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 88 дьиэ кэргэн “Семья года” куонкурус кыайыылаахтара буоллулар, олор истэригэр биһиги дьиэ кэргэн. Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка кэлэммит бэлэмнэнии-тэринии бөҕө. Куонкуруһу тэрийбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үлэ уонна социальнай сайдыы Министерствотын эппиэттээх үлэһиттэрэ биһиэхэ олус болҕомтолоохтук сыһыаннаһан, барытыгар көмөлөһө-өйүү, сүбэлии сылдьалларыттан сүргэбит көтөҕүлүннэ. Салайааччыбыт Прибылых Саския Анатольевна биһигини кытта барсар. Москваҕа биһиги дьиэ кэргэн Демографическай форумҥа кыттабыт. Уонна араас көрсүһүүлэр, концертар, экскурсиялар буолуохтара. Саамай күүтүүлээх, долгутуулаах – алтынньы 18 күнүгэр “Семья года” күрэх кыайыылаахтарын чиэстиир торжественнай церемония. Долгуйабыт, итинник улахан кыайыы эппиэтинэстээх.
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн эдэр ыалларга тугу сүбэлиэххит этэй? Дьоллоох дьиэ кэргэн тутула тугуй? Оҕону иитиигэ тус бэйэҕит көрүүгүт? Дьоҥҥутугар-сэргэҕитигэр баҕа санааҕыт?
Эдэр дьоҥҥо сүбэлиэхпит этэ. Ыарахантан толлубакка, бэйэ-бэйэни өйдөһөн, таптаһан, болҕомтолоохтук сыһыаннаһан олоруохха наада. Оҕо дьиэҕэ дьол, киһи инники кэскиллээх олоҕо буолар. Оҕолорбутун кыра эрдэхтэриттэн айылҕалыын алтыһан, дьону убаастыы, бэйэ-бэйэни өйөсүһэ, көмөлөсүһэ сылдьар ордук туһалаах буоларын өйдөтөн улаатыннарбыппыт. Түгэнинэн туһанан, биһиэхэ бу маннык улахан тэрээһиҥҥэ кыттарбытыгар күүс-көмө буолбут күндү дьоммутугар бука барыларыгар махтанабыт! Биир дойдулаахтарбытыгар күүстээх санаалаах, бигэ тирэхтээх, чэгиэн бөҕө буолуҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит, дьоллоох олоҕу баҕарабыт.
— Василий Викторович, Елена Степановна, эһиги ситиһиигитинэн бары киэн туттабыт. Маннык улахан күрэххэ ситиһиилээхтик кыттан, кыайыылаах буолаҥҥыт Муомабыт аатын дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка дорҕоонноохтук ааттатар дьоллоох түгэнинэн! Үлэни-үөрэҕи өрө тутан чэчирии сайдан, үүнэн-үрдээн, эбиллэн, түөнэ түһүлгэҕит кэҥээн-тэнийэн истин!

Лена Гоголева