Бүгүн Арассыыйаҕа наука күнэ бэлиэтэнэр. Биһиги оройуоммутуттан науканан дьарыктанар дьон ахсааннаах

Олортон биирдэстэрэ Чыбааҕылаах нэһилиэгиттэн төрүттээх Ольга Павлова буолар.
Ольга Ксенофонтовна билигин Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын Институтугар фольклор уонна култуура кафедратын уһуйааччыта. Ону таһынан «Сырдат» диэн ааттаах араас учуонайдар, биллэр-көстөр айар дьоҕурдаах дьон тустарынан киэҥ араҥаҕа таһаарар подкаст ыытар.

Ольга, наукаҕа хайдах кэлбитиҥ туһунан биир дойдулаахтаргар кэпсиэҥ дуу.

— Мин төрүт Муомабын. Чыбааҕылаах нэһилиэгэр Марфа Хрисанфовна уонна Ксенофонт Степанович Павловтар дьиэ кэргэннэригэр бэһис оҕонон төрөөбүтүм. В.Д.Лебедев аатынан Орто Дойду орто оскуолатын 2009 сыллаахха бүтэрбитим. Оскуола кэнниттэн Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка үөрэххэ киирбитим. 2014 сыллаахха салгыы магистратураҕа үөрэнэн 2018 сыллаахха «Северо-восточная традиция в олонхо якутов: образы, сюжеты, поэтика» диэн тиэмэҕэ кандидатскай диссертациябын көмүскээбитим.

Тиэмэҕин хайдах талбыккыный?

— Университекка бастакы кууруска «Устное народное творчество» диэн лиэксийэ түмүгүнэн Муома олоҥхотун уонна олоҥхоһуттарын туһунан курсовой үлэ суруйбутум. Научнай салайааччым Василий Васильевич Илларионов этэ. Кини «Хоту дойду олоҥхото олох ырытылла илик тиэмэ, онно ылыс», — диэн ыйан биэрбитэ. Онно мин «Кырдьык даҕаны, хайдах бу баччааҥҥа диэри хоту олоҥхо ырытылла илигий» диэн бу хайысханы дьаныһан туран үөрэтэн барбытым. Бастаан биир олоҥхоһуту чинчийбитим уонна салгыы сайыннаран кандидатскайбар хоту улуустар — Муома, Абый, Дьааҥы, Орто Халыма олоҥхолорун үөрэтэн суруйбутум.
Билигин аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар эпостарын көрө сылдьабын — нимкан, нимнгакан, долган олоҥхолорун тиэкистэрин үөрэтэбин. Хоту олоҥхолор быдан былыргылар. Сүрүн дьоруойдара уратылаһаллар, олоҥхолорун кээмэйдэрэ кыра буолар уонна толоруута атын.

Ыччат итини интэриэһиргиир дуу?

— Билиҥҥи ыччат ураты — бэйэтэ истэрэ, интэриэһиргиирэ, толкуйдуура ураты уонна Интернет сайдан ырааҕынан атын дойдуларынан сылдьар. Ону, холобура, Англия, Германия улахан норуоттара күүстээх мифологиялаах буоллахтарына, кинилэр эмиэ оннугу бэйэлэрин култуураларыгар көрдүүллэр. Араас номохтору, үһүйээннэри интэриэһиргииллэр. Ылан көрүөххэ, холобур, кытайдар үһүйээннэринэн Мулан туһунан киинэ уһуллан тахсыбыта. Ол иһин ыччаты тардар, интэриэһи үөскэтэр сыалтан ити хайысханы тутуһуохха сөп. Араас научно-популярнай лиэксийэлэри ыытан таһаардахпытына элбэх ыччат кэлэн үгүс ыйытыыны биэрэн интэриэһиргииллэр.

Эн уһуйааччы уонна чинчийээччи, эксперт быһыытынан научнай конференцияларга ыҥырыллаҕын. Итиннэ кыттар оҕолорго тугу этиэҥ этэй?

— Оннук. Үгүстүк дьүүллүүр сүбэ быһыытынан сылдьабын. Онно оҕолор ордук «научный аппарат» диэҥҥэ сыыһаллар, ыарырҕаталлар. Онно үлэ сыала, соруктара, тоҕоостооҕо, түмүгэ киирэр. Оҕолор наһаа үчүгэй чинчийиини оҥороллор уонна итиннэ кэлэн иҥнэн хаалаллар. Үлэ сыала чопчу суруллуохтаах, аатыгар сөп түбэһэр гына соруктарын туруоран, түмүгүн үчүгэйдик тиэрдиллиэхтээх. Чинчийиилэрэ олус үчүгэй буолан баран, научнай үлэ ирдэбилигэр сөп түбэспэт үлэлэр эмиэ баар буолаллар. Дакылааттарын аатыгар эмиэ ураты болҕомто наада.
Уонна биири өйдүөххэ наада: сыалгын сыыһа туруордуҥ да, үлэҥ ис хоһооно сүтэр. Дакылаат саамай сүрүнэ — сыала. Онтон тахсар — аата, соруктара, тоҕоостооҕо, түмүгэ. Ону өйдүөххэ наада.

Наука эйгэтигэр киириэн баҕалаах оҕолорго тугу сүбэлиэҥ этэй?

-Оҕо да, эдэр да, саастаах да киһи буол, наука аана дьоҥҥо барытыгар аһаҕас. Элбэҕи билиэххэ-көрүөххэ, туһааннаах литератураны үөрэтиэххэ наада. Куйаар ситиминэн араас лиэксийэлэри көрүҥ, билиигитин хаҥатыҥ. Бэйэҕит интэриэһиргиир тиэмэҕитин талыҥ.Сөбүлүүр тиэмэҕит — бастакы хардыыгыт буолар. Онон үлүһүйэн туран дьарыктаныҥ.
Билиҥҥи кэмҥэ барыта аһаҕас, информацияны хантан баҕарар булуохха сөп. «Мин наука эйгэтигэр кыахтаах эбиппин, тугу эмит оҥоруохпун баҕарабын», — диэн магистратураҕа, аспирантураҕа киирэн күүстээх чинчийиилэри оҥоруоххутун сөп.

Ол баҕа санаа баар буоллаҕына, кыаллар.

Биһиги Ольга Ксенофонтовнаны Наука күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээн туран, үлэтигэр өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт