Биир санаанан, илии сылааһынан

Дойду үрдүнэн анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарбытын өйүүр тэрээһиннэр, көмө акциялар күргүөмнээхтик бара тураллар. Оройуоммутугар бу хамсааһыҥҥа кыттыһан өйөбүл үлэтэ былааннаахтык, тиһигин быспакка ыытыллар.


Чыбааҕылаах нэһилиэгэ оройуон кииниттэн кырыы сытар кыра нэһилиэк да буоллар, олох тэтиминэн араас тэрээһиннэри ыытан олохтоохтор бэрт сэргэхтик олороллор. Нэһилиэк дьоно бүттүүн анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйүүр тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Ол туһунан сиһилии Орто Дойду сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Надежда Павлова сырдатар:
— Бастаан үлэбитин сүрүннээри «Волонтердар» бөлөҕүн тэриннибит. Манна 45 кэрэ аҥаардар баҕа өттүнэн киирбиттэрэ. Салгыы былааннанан, сүбэлэһэн көмө-өйөбүл үлэбитин саҕалаабыппыт. Аан бастаан маскировочнай сиэккэни баайдыбыт. Нэһилиэк ытык дьоно бэтэрээннэрбит П.К.Корякина, В.В. Корякин илим уонна олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ (баһылык И.Б. Громов) уон миэтэрэ матырыйаал биэрэн, икки күн устата 27 киһи тохтоло суох баайан, аҕыс миэтэрэ уһуннаах сиэккэни оҥорон таһаардыбыт. Оскуола оҕолоро, бэтэрээннэр, үлэһит дьон үлэлэрин быыһыгар мустан, илиилэрин сылааһын тиэрдэн сиэккэбит бэркэ табылынна.
Салгыы сылгы сиэлиттэн атах таҥаһын угунньата (стелька) оҥоһулунна. Нэһилиэк киэн туттар ийэлэрэ Л.С.Старкова, И.К.Слепцова уонна П.И.Корякина ыйан-кэрдэн, буойун уолаттарбытыгар туһалаах ураты оҥоһук таҕыста. Өссө мыыланы бытарытан, дойдубут айылҕатын отун, эһэ сыатын булкуйан туспа эмтээх мыыла оҥордубут. Маннык мыыла бааһы түргэнник оһорор күүстээх, былчыҥ, сүһүөх ыарыытын намыратар, эти-сиини чөлүгэр түһэрэргэ туһата элбэх.


Салгыы олохтоохтор алгыстаах, харыстыыр аналлаах, саллаат туругун бөҕөргөтөр нобуору биир сомоҕонон оҥордулар. Оскуола учууталлара П.И.Корякина, С.П.Павлова анал мөһөөччүктэри тигэн аҕаллылар, онно үс араас от ( багульник, кытыан, үөрэ ото) угулунна. Ону таһынан сылгы сиэлин сүүмэҕэ, биэс харахтаах харысхал, уолаттарбытыгар анаммыт георгиевскай лиэнтэлээх оскуола үөрэнээччилэрин ис сүрэхтэн тахсар тыллардаах суруктара, алгыс тыллара киирдилэр. Харысхал суолтата күүстээх, кыайыыга эрэли үөскэтэр, бииргэ буолууну тардар аналлаах. Ону таһынан ким тугу аҕаларынан: наскыны, бэрчээккэни, мыыланы, итии таҥаһы мунньан баһыылка оҥорон бэлэмнээтибит.
Аны аһымал кэнсиэрдэр, дьаарбаҥкалар ыытыллаллара былааннанар. Ол курдук, кыра тэрилтэлэр (кулууп, бибилэтиэкэ, бэкээринэ, почта, балыыһа, бэтэрээннэр) холбоһуктаах ырыа-үҥкүү тэрээһинин саҕалыыллар. Салгыы уһуйаан, ОДьКХ, ДЭС, дьаһалта тэрилтэлэрэ, онтон оскуола үлэһиттэрэ уонна уһуйаан, оскуола үөрэнээччилэрин кэнсиэрэ буолуоҕа. Кэнсиэрдэр быыстарыгар дьарбааҥкалар тэриллиэхтэрэ. Киирбит харчы анал байыаннай дьайыыга анаммыт пуондаҕа киириэҕэ.
Ити курдук Чыбааҕылаах нэһилиэгин дьоно кыайыыны уһансан, түмсүүлээхтэрин көрдөрөн, оҕотуттан эдэригэр, кырдьаҕаһыгар тиийэ илиилэрин сылааһын, дууһаларын иэйиитин ууран оҥорбут маллара уолаттарбытыгар көмө-тирэх, харысхал буолуоҕа, күүс-сэниэ эбэн төрөөбүт дойдуларыгар кыайыы көтөллөөх кэлэллэригэр бигэ эрэллээхпит.
Туохха барытыгар суолта биэрэн ис санааттан оҥордоххо, кыра да көмө киһиэхэ үтүөнэн дьайара ураты күүстээх.

Читайте дальше