– Аан бастаан музейбытын төрүттээбит киһинэн Хатырык олохтооҕо Мария Алексеевна Охлопкова буолар. Мария Алексеевна Охлопкова – Максим Кирович Аммосов бииргэ төрөөбүт эдьиийин Наталья Кировна Охлопкова төрөппүт кыыһа. Наталья Кировна Максим Кирович Аммосовтан 10 сыл аҕа этэ. Мария Алексеевна Охлопкова убайа М. К. Аммосов үтүө аата төннөрүгэр, үйэтитии үлэтигэр сүрдээх элбэҕи оҥорбута. Биллэрин курдук, улуу киһибит үтүө аата муус устар 28 күнүгэр 1956 сыллаахха төннөрүллүбүтэ. Репрессия кэнниттэн реабилитацияламмыта. Ол кэмҥэ Наталья Кировна түгэх кистии сылдьыбыт быраатын Максим Кирович хаартыскатын кыыһыгар биэрэр. Дьэ ол онтон саҕаланар, нууччалыы эттэххэ, история комплектования нашего музея. Ол хаартыскаттан саҕалаан Мария Алексеевна Охлопкова убайын кэргэнэ Цугель Раиса Израилевнаны, кини кыргыттарын кытта суруйсан матырыйаал хомуйар. Бастаан 1962 сыллаахха «Оскуола музейа» диэн ааттанан Барыласка киириигэ арыллар.
Биллэн турар, бу музей тэриллиитигэр кини соҕотох үлэлээбэтэҕэ. Идэтинэн библиотека үлэһитэ буолан Мария Алексеевна оскуола оҕолорун бэйэтигэр чугаһатан куруһуок тэрийэр. Манна нэһилиэк, оскуола историятын, дьонун-сэргэтин туһунан кэпсиир элбэх матырыйаал хомуллубута, ситимнэммитэ. Ол куруһуоктан билигин биһиэхэ өр сылларга эмиэ библиотекарынан үлэлээбит Светлана Ивановна Попова баар. Биһиги ытыктыыр учууталбыт, наставникпыт.
1971 сыллаахтан музейбыт чопчу Максим Кирович Аммосовка ананан үлэтин салгыыр. Бу билиҥҥи тэлибирии турар былаах курдук оҥоһуулаах дьиэбит 1997 сыллаахха М. К. Аммосов 100 сааһыгар анаан туппут дьиэлэрэ. Кыһыл лиэнтэни Мария Алексеевна Охлопкова уонна Максим Кирович кыыһа Лена Максимовна Аммосова быспыттара. Уонна 2002 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин президенэ В. А. Штыров ыйааҕынан судаарыстыбаннай статустаах музей буолбута. 2005 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ем. Ярославскай аатынан музейын филиала. Биир хаартыскаттан саҕалаан оҥоһуллубут үлэ маннык улахан дьиэҕэ кубулуйдаҕа дии. Өссө мантан чугас М. К. Аммосов төрөөбүт сиригэр Аччыгый Арыыга стела турарыгар эмиэ күүстээх үлэни Мария Алексеевна оҥорбута. Онон биһиги, биир дойдулаахтара, Мария Алексеевна Охлопкова сырдык аатынан киэн туттабыт.
Сөҕөн кэбиһиҥ, Максим Кирович Аммосов үтүө аата төннөрүгэр сүҥкэн оруоллаах Мария Алексеевна Охлопкова музей тэрийэригэр 31 эрэ саастаах эдэр киһи эбит! Ол кэмҥэ төһө да үтүө ааттара төннөрүллүбүтүн иһин М. К. Аммосов, П. А. Ойуунускай тустарынан салланнар улаханнык саҥарбаттар, элбэх тэрээһин ыытыллыбат. Кинилэр тустарынан сэмээр уонна аргыыйдык кэпсэтэллэр эбит. Историяҕа киирбит бэлиэ түгэн: П. А. Слепцов-Ойуунускай 70 сааһын манна Хатырыкка бэлиэтээбиттэрэ. Дойдутугар Тааттаҕа буолбатах. Көр, оннук кэмҥэ Мария Алексеевна харса суоҕунан, күүстээх санаатынан уонна убайын үтүө дьыалатыгар бигэ эрэллээх буолан музейы тэрийэр. Мин бэйэм кинини өйдүүбүн, кыра оҕо сылдьаммын көрөр этим. Сүрдээх сүүрүүлээх-көтүүлээх, ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх буолан 31 сааһыгар музей тэрийдэҕэ. Манна музейга үлэлии кэлэн бараммын «Мария Алексеевна Охлопкова 1962 сыллаахха музей тэрийбитэ» диэн кэпсиир этим уонна аҕыйах сыл үлэлээн бараммын сөҕө санаабытым. Мин кини музей төрүттээбит сааһыгар, 31 сааспар музейга үлэлии кэлбитим уонна «билигин кини курдук музей тэрийиэм этэ дуо?» диэммин.
Англия биллиилээх айанньыта Фрэнсис Дрейк: «Великое начинается с малого» (на латыни “Sic Рarvis Мagna») диэн эппитэ. Кырдьык даа, оннук эбит. Биир хаартыскаттан саҕалаан Сэбиэскэй былаас, саҥа олох туһугар туруулаһан охсуспут, П. А. Ойуунускайы, И. Н. Бараховы кытта Саха сиригэр судаарыстыбаннаһы төрүттээбит, Казахстан, Киргизия дойдуларыгар Сэбиэскэй былааһы тэрийсибит чулуу киһибит, Чаҕылхай Максиммыт ‒ Максим Кирович Аммосов аатынан Сахабыт сирин судаарыстыбаннаһын историятын музейа кини төрөөбүт сиригэр Нам оройуонун Хатырык нэһилиэгэр айымньылаахтык үлэлии турар, дойдубут историятын, улуу дьонун ааттарын үйэтитиигэ-үөрэтиигэ бэйэтин кылаатын киллэрэр.
Ааптар Лена ГОГОЛЕВА.