Баһылык отчуотун бөлөҕө айан суолун Өймөкөөн улууһунан эргийэ тутан, олунньу 8 күнүгэр оройуон кииниттэн 410 км ыраах сытар Улахан Чыыстай нэһилиэгэр үлэлээтэ.
Күн бастакы аҥарыгар тустаах салайааччылар нэһилиэккэ баар тэрилтэлэргэ сырыттылар, үлэни-хамнаһы билистилэр. Тэрилтэлэр бары тигинэччи, быр-бааччы үлэлии олороллор. Н. С. Тарабукин аатынан орто оскуолаҕа үөрүүлээх линейкаҕа үөрэнээччилэр илиилэрин түөстэригэр ууран туран, Арассыыйа, Саха сирин гимнэрин доргуччу ыллаатылар. Бастыҥ үөрэнээччилэр оройуон баһылыга Дмитрий Аммосовтан Грамоталары, сыаналаах бэлэхтэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр. Оскуолаҕа икки сыллааҕыта хапытаалынай өрөмүөн ыытыллан, урукку сыллардааҕар сылыйбыт.
Күн иккис аҥарыгар оройуон сыллааҕы үлэтин туһунан киэҥ иһитиннэрии сүнньүнэн киирбит ыйытыктарга тустаах салайааччылар сиэрдээх эппиэттэри биэрдилэр. Нэһилиэнньэ сүрүннээн коммунальнай хаһаайыстыба, интернат, уһуйаан тутууларыгар, оптоволокно сибээс тардыллыытыгар болҕомтотун туһаайда. Уһуйааннар дьиэ иһигэр тупсарыы оҥороллоругар көрдөстүлэр, таҥас да сууйуутугар эрэйи көрөллөр эбит. Ону тэҥэ оскуола, балыыһа тэрилтэлэригэр сүрүн испэсэлиистэр тиийбэттэрэ ахтылынна. Көс общиналар көмүсчүттэр сиргэ-уокка киирэн эрэллэрэ бэрээдэктэнэрэ уолдьаспытын эттилэр. Ону таһынан олохтоохтор Буруустааҕынан сылы эргиччи суолу туруорсаллар.
Дмитрий Викторович тыйыс айылҕалаах хоту сиргэ туруу үлэһиттэр баар буоланнар, дьон-сэргэ олоҕо туруктааҕын бэлиэтээн туран, бастыҥнарга өрөспүүбүлүкэ, оройуон дьаһалтатын наҕараадаларын туттарда. Биир бастакынан, олохтоохтор итэҕэллэрин ылан, үһүс болдьоҕун талыллан, баһылыктыы олорор Павел Маркович Мараказов “Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ” үрдүк ааты, “Арктика суоллара” КТ Муоматааҕы учаастагын прораба Петр Тарков СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэни, “Саркычаан” көс община бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Слепцов “Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ” бочуоттаах ааты, “Кукуин” ыстаадатын табаһыта Ростислав Слепцов, С.Г. Слепцов аатынан община чуумсуга Вероника Никулина, “Чысхаан” ТХПК сылгыһыта Роберт Макаров анал бэлиэни кытта Бочуотунай Грамоталары, С.Г. Слепцов аатынан община табаһыта Александр Лебедев, “Чысхаан” ТХПК сылгыһыта Альберт Тарков СӨ тыатын хаһаайыстыбатын Махтал суруктарынан үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадаланнылар. СӨ “Нэһилиэнньэ дьарыктаах Кииниттэн” сайыҥҥы оҕо сынньалаҥын тэрийиигэ үлэлэрин иһин Худи-Харючи аатынан, “ Магир”, “Саркычаан” көс община Махтал суруктарынан, Муома оройуонун сайдыытыгар киллэрбит кылааттарын иһин электростанция үлэһитэ Евгений Домальчук, “Арктика суоллара” КТ Муоматааҕы учаастагын үлэһитэ Александр Павлов, математика учуутала Анна Березкина, култуура үлэһитэ Саргылана Корякина оройуон дьаһалтатын Грамотатынан, анал чаһытынан бэлиэтэннилэр. Ааспыт 2023 сыл түмүгүнэн “Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар бастыҥ үлэһит” Иван Громов, “Сыл бастыҥ учуутала” Елизавета Тарабукина, “Сыл киһитэ” Прокопий Соркомов бочуоттаах ааттар иҥэриллибиттэрин мэктиэлиир анал бэлиэлэри, харчынан бириэмийэлэри туттулар.
Баһылык Дмитрий Викторович ыраах айаҥҥа суол үлэһиттэрэ үлэлэрин сөптөөхтүк тэрийэ сылдьалларын илэ астына көрбүтүн этэр: ”Айан иннинэ күүстээх тыал, буурҕа түһэн, суолга уустуктары көрсөргө бэлэм этибит. Ол эрээри үлэһиттэр түүннэри-күнүстэри суолга үлэлэрин түмүгэр улахан кыһалҕаны көрсүбэтибит. Үлэһиттэр тааҥнаабыт сиринэн улахан массыыналары ууттан хостуурга көмөҕө сылдьаллара. Бу буолар үлэҕэ чахчы бэриниилээх буолуу, үтүө майгы туоһута. Суол тэрилтэтигэр улахан махталбытын тиэрдэбит”. Ыраах сытар Улахан Чыыстай нэһилиэгин олохтоохторо оройуон 2023 сылга ыыппыт үлэтин биһирээтэ, өссө да таһаарыылаах үлэни инникитин баҕарда.
«Муома оройуона» МТ пресс-сулууспата.