Бастыҥнар ааттаннылар

Сааскы каникул кэмигэр Муома оройуонун учууталлара идэлэрин бастыҥ баһылааһыны көрдөрөр анал
күрэххэ күрэс былдьастылар. Күрэх икки көрүҥҥэ ыытылынна. Ол курдук "Сыл бастыҥ учуутала 2024"
уонна "Сыл бастыҥ кылаас салайааччыта 2024" конкурстарга туһааннаан 5 уонна 3 кыттааччы күрэстэстэ.
Күрэх аһыллыытыгар учууталлары оройуон дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы Акулина
Кульбертинова, үөрэҕирии управлениетын салайааччыта Айталина Крупышева эҕэрдэлээтилэр. Бу
конкурс Муома алын сүһүөх оскуолатыгар ыытыллыбыта бэйэтэ туспа сэҥээриини ылла. Нэһилиэктэртэн
кэлбит учууталлар, төрөппүттэр аныгы моһуоннаммыт оскуоланы сэргии көрдүлэр, улаханнык
хайҕаатылар. Кырдьыга да кырдьаҕас оскуолабыт сырдык өҥнөрүнэн өрөмүөннэнэн мэктиэтигэр кэҥээбит
курдук. Онон күрэхтэһээччилэр да ыалдьааччылар да дьикти абылаҥҥа куустардыбыт. Учууталлар
күрэхтэрэ икки сиринэн барда. Муома орто оскуолатыгар аһаҕас уруоктар ыытылыннылар. Манна Муома
орто оскуолатыттан Алена Тогмитова, Муома алын сүһүөх оскуолатыттан Варвара Корякина,
Н.С.Тарабукин аатынан Улахан Чыыстай орто оскуолатыттан Вячеслав Рожин, В.Д.Лебедев аатынан Орто
Дойду орто оскуолатыттан Юлия Слепцова, Соболоох орто оскуолатыттан Антонина Шкулева кыттыыны
ыллылар. Күрэстэһээччилэр бары да идэлэрин толору баһылаабыттарын көрдөрдүлэр. Бары түһүмэхтэргэ
чахчы да бары өттүнэн бастыҥын биллэрэн Улахан Чыыстайтан кэлбит химия уонна биология учуутала
Вячеслав Рожин бастаата. Вячеслав Вячеславович дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын ылыан ылла. Кини
салгыы тустаах күрэх өрөспүүбүлүкэтээҕи таһымыгар оройуон аатын көмүскүө. Иккис миэстэҕэ Варвара
Корякина, үһүскэ Антонина Шкулева таҕыстылар. Кылаас салайааччыларын күрэхтэригэр Н.А.Брызгалов
аатынан Индигир орто оскуолатыттан Светлана Атласова, Соболоох орто оскуолатыттан Алина
Сокорутова,
В.Д. Лебедев аатынан Орто Дойду орто оскуолатыттан Аэлита Николаева күрэс былдьастылар. Күрэх,
оройуон киинин оскуолаларын кылаас салайааччылара кыттыбыттара буоллар, ордук сытыырхайыа эбит.
Аҕыйах да буоллаллар кылаас салайааччыларын күрэҕэ бэрт интэриэһинэйдик барда. Бары да тэбис
тэҥҥэ кииристилэр эрээри уопуттаах учуутал, кылаас салайыытын чахчы баһылаабыт Светлана
Дмитриевна дьүүллүүр сүбэ үрдүк сыанабылын ылан бастыҥынан буолла. Иккис миэстэни Алина
Сокорутова ылла, үһүс миэстэҕэ Аэлита Николаева таҕыста. Бу күрэхтэргэ сылдьан билиҥҥи кэм
учууталлара санааларын сатаан тиэрдэллэрин, кругозордара киэҥин бэлиэтээтим. Интернет киэҥ
далайыгар сөптөөх интэриэстэрин булан сайдалларын сөхтүм. Төһө да сибээспит мөлтөх буоллар, эдэр
учууталларбыт киин сирдэртэн билиилэринэн хаалбат эбиттэр. Маны таһынан Индигир орто оскуолатыгар
үөрэнээччилэри бизнес эйгэтигэр дьарыктаан бэйэ оҥорон таһаарыытын көҕүлүүллэрин сэҥээрдим. Ол
курдук Светлана Дмитриевна салайар кылааһа 3 сылын смузи утах оҥорон атыыга таһааран үп оҥостор
эбиттэр. Быйыл оскуоланы бүтэрэр оҕолор тиһэх чуораан тэрээһинигэр оскуолаҕа бэлэхтэрин,
бырааһынньык атрибуттарын бэлиэр ылбыттар. Күрэх тустаах түһүмэҕэр Светлана Атласова сорудаҕынан
кыттааччылар уонна ыалдьыттар отонтон уонна фруктаттан сок, мороженай эбэн смузи ытыйан баар
дьону күндүлээтилэр. Ыраах Арктика сиригэр оҕолор смузи оҥорон бэйэ бизнеһын арыйбыттара
кэрэхсэнэр эрэ. Олох сайдыытын кытта тэҥҥэ хаамсар учууталларга инники үлэлэригэр ситиһиилэри эрэ
баҕарабыт. Маннык күрэхтэр саҥаны билэргэ, салгыы сайдарга бигэ тирэх буолаллар.

Христина Кривошапкина