Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытын өйүүр үлэ биир көрүҥүнэн аһымал санаа кэнсиэрэ буолар. Тустаах хамыыһыйа тэрийиитинэн оройуон киинин тэрилтэлэрэ бу акцияҕа кыттыыны ылыахтара. Акцияны Муома оройуонун, нэһилиэгин дьаһалталарын, дьарыктаах буолуу киинин, «Арктика суоллара» КП үлэһиттэрин холбоһуктаах кэнсиэрэ саҕалаата. Кэнсиэри сэргэ ас-үөл дьаарбаҥката киэҥник тэрилиннэ. Бу тэрээһин түмүгүнэн тустаах фондаҕа 100 тыһыынча солкуобай хомулунна. Оройуон киинин олохтоохторо быйылгы культурнай сезону арыйбыт кэнсиэри сэҥээрэ көрдүлэр. Ыччат тэтимнээх үҥкүүлэрин, сонун ырыалары биһирээтилэр. Холбоһуктаах коллектив үҥкүүлэри туруорбут эдэр хореографка Маргарита Слепцоваҕа, ырыалары бэлэмнээбит Надежда, Сергей Скоробогачтарга улахан махталын тириэрдэр.
К. Рязанская