Сайыммыт номнуо бүтэн эрэр. “Сайыммыт күннэрэ элэҥнии көтөллөр” диэн сонньуйан ылабыт, үөһэ тыынабыт. Оттон бу кэми М.К. Аммосов аатынан ХИФУ профессора, үөрэхтээһин билимин хандьыдаата Г.С. Попова-Санаайа “Төгүрүк сыл түһүлгэтэ” кинигэтигэр (Дьокуускай: СГУ изд-та, 2003с.) маннык арыйан көрдөрбүт:
— Атырдьах ыйа үүнэн, бэйэтин бэлиэтин түһэртээн от-мас онон-манан кытарымтыйа-саһарталаан барда. Сир ийэ төрөөн-ууһаан бүтэн, оҕотун-уруутун торолутан, аһын-үөлүн ситэрэн-хоторон икки атахтаахха сөп буоларгынан аһаа-сиэ диэн дэри-дэлэгэй тардан сытар. Сир аһа ситэри ситэн, кус-куобах оҕото сиэнэр буолан, балык уойан, үүт хойдон – киһи-сүөһү саамай астынар, дуоһуйар кэмэ кэллэ. Сыһыыга-тыаҕа, ойуурга-хонууга үөн-көйүүр уҕараан, сылдьарга бэрт бөҕө. (…)
Эмиэ от ыйын тэҥэ күүс үлэ кэмэ буолар. Сүнньүнэн от кэбиһэр, от түстүүр кэм. Кэбиһиигэ күүс-көмө тардыһан, турар-турбат бары тахсар куолу. Оннук былдьаһыктаах, быһаарыылаах үлэ. Оҕо улахан дьону кытта тэҥҥэ сэмдэйдэһэн, бугул түгэҕэ харбаан, оҕус сиэтэн, кыдама уга үктэһэн, отууга илии-атах буолан туһата баһаамныыр.
Кыдама диэн, кыдамаһыт диэн эмиэ туспа сэһэннээх тыллар. Ситэн эрэр уолаттары кыдамалаһыннара түһэн ылан эрчийэллэр. Сиппит эр дьон кыдама уга кэдэйиэр диэри бугулу-бугулунан түөрэ баһан таһаартыыллара көрүөххэ үчүгэйин эриэхсит! Афанасий Осипов кыдамаһыттары ойуулаабыт хартыынатын үчүгэйдик одуулаарыҥ эрэ – тула өттүлэрин тоһуйа туттан турар дурда-хахха буолар, күөн туттар, көмүскэтэр дьоммут, дьонноохпут дэтэр дьон тураллар дии!
Ыйбыт сүрүн туома Кыдама сууйуута дэнэр. Ый бүтүүтэ, бүтэһик оту туруорар сахха оҥоһуллар малааһын инньэ диэн ааттанар эбит. Окко сылдьар кыргыттар-уолаттар алҕаммыт кыраабыл-атырдьах угун тутум тута-тута «Уйгу!» диэн көхтөөхтүк этэн иһэллэр. Ол аата аныгыскы сылга уйгу-быйаҥ, өҥ сайын буолуохтун диэн соргу тардаллар. Туом толорон баран сиэр быһыытынан малааһын, оонньуу-көр тардаллар. Саха аһын мааныта аһанан, саха төрүт оонньуута оонньонон алгыс баһа сыаланар, үтүө түс түстэнэр. Оо, оннукка кыттыспыт оҕо саас ама умнуллуо дуо! Ону ааһан саас тухары уолбат ойбон буолан сахалыы тыыны, куту-сүрү угуттуу сытыа баар ээ! Сир-дойду иччилэрэ оннуктан үөрэллэр, ирэллэр, ичигэс тыыннарын биллэрэллэр. Оҕоҕо дойду тыына иҥэр.(…)
Атырдьах ыйын алгыстаах күннэрин мүччү түспэккэ сахалыы тыыны иҥэриниҥ –
Күнтэн быаҕыт көтүллүбэтин,
Ыйтан быаҕыт быстыбатын!
Тыыҥҥыт уһаатын,
Көхсүгүт кэҥээтин,
Хараххыт сырдаатын,
Сүргэҕит көтөҕүлүннүн!
Ыраас буолуҥ,
Дьиҥнээх буолуҥ,
Кырдьыгынан олоруҥ!
Күөгэл-нусхал!
Дом!
Лена Гоголева