Астыык «Астык»!

Бэс ыйын 18 күнүгэр Оҕо айар дьиэтигэр «Астык» сайыҥҥы площадка үлэтин түмүктүүр тэрээһин ыытылынна. Оҕолор салайааччыларын кытта олус кыһанан бэлэмнэммиттэр. Саҕаланыытыгар «Какого цвета лето?» диэн хоһоон аахтылар. Онтон педагогтар «И швец, и жнец, и на дуде игрец» диэн ааттаан квест оонньоттулар. Площадка оҕолоро хайдах курдук түмсүүлээхтэрин, доҕордоспуттарын көрдөрдүлэр, бары этаптары ситиһиилээхтик аастылар. Бастаан икки хамаанданан арахсан харахтарын баанан баран портрет уруһуйдаатылар. Ол кэнниттэн олбуорга тахсан былаах былдьаһа оонньоотулар. Саамай бэһиэлэй этап ким үчүгэй аппетиттааҕын быһаарыы буолла — фрукта арааһын амсайдылар, үөрүү үксээтэ. Салгыы оҕолорбут «Айти» площадка уолаттара (сал. И.И. Ефимова) бэлэмнээбит карталарынан кылаат көрдөөтүлэр. Дьэ ол кэнниттэн «Астык» салайааччыта М.Д. Терехова оҕолорго туһаайан бэйэтин баҕа санаатын, махтал тылларын эттэ. Уонна Мотрена Дмитриевна астыктарга оҕолор бэйэлэрэ хомуйбут алтан отторуттан бэлэмнээбит мүөттэрин, бииргэ түспүт хаартыскаларын бэлэхтээтэ. Онтон оҕолор, мустубут көрөөччүлэр бары «Пусть всегда будет солнце!» ырыаны бары ыллаан дуораттылар. Астыык-астык тэрээһин уопсай хаартыскаҕа түһүү кэнниттэн флешмобунан түмүктэннэ. Бары өссө да кэлэ сылдьыах буолан, үөрэ-көтө тарҕастылар.

Лена Гоголева