Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт болҕомто киинигэр сылдьаллар.

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбыт болҕомто киинигэр сылдьаллар. Муома оройуонун тустаах бэрэстэбиитэлэ П.Соркомов биир дойдулаахтарыгар күннэтэ көмөтүн тиэрдэ турара күүтүүлээх Кыайыы биэтэгин чугаһатар. Кини көмөтүнэн бу күннэргэ уоллаах аҕа П. көрсүбүт үөрүүлэрин аймахтара, чугас дьоно үллэстэллэр. Прокопийга махталларын тиэрдэллэр. Кырдьыга, маннык анал үлэһит баара элбэххэ туһалыыр, абырыыр. Бу күннэргэ Санкт-Петербург эргин баар байыаннай госпитальга улахан эчэйиини ылан сытар биир дойдулаахпытыгар оройуон баһылыга Дмитрий Аммосов, Хонуу сэлиэнньэтин баһылыга Иван Дягилев, Улахан Чыыстай национальнай нэһилиэгин баһылыга Павел Мараказов туругун билсиһэ сырыттылар.

Киниэхэ дойдутун аһын, сувенирдарын тиэрдэн санаатын көтөхтүлэр. Саамай күндү кэһии төрөөбүт дойдутун дьонун-сэргэтин туһунан сонун буолла. З. эдьиийэ баар кыһалҕалары кэпсээтэ, салгыы реабилитация барыытын туруоруста. Баһылыктар сарсыныгар постпредствоҕа сылдьан реабилитация барыыны быһаарыстылар, тустаах болҕомтону туруорустулар. Онон биир дойдулаахпыт З. доруобуйата көнөрүгэр көмө баар буолуо диэн эрэниэххэ.
«Муома оройуона» МТ пресс-сулууспата.