АЙЫЛҔАЛЫЫН АЛТЫҺЫЫ — ОЛОҔУН АНАЛА

Муоматааҕы Аан Айылгы пааркатыгар Иннокентий Фёдоров үйэ чиэппэрэ кэриҥэ ыстаарсай инспекторынан үлэлиир. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар кини үлэтин, дьарыгын туһунан кэпсиибит.

Иннокентий Иннокентьевич Муоматааҕы Аан айылгы пааркатыгар 1999 сыллаахтан үлэлиир. Хонууга кочегарынан үлэлии сырыттаҕына паарка дириэктэрэ Яков Сивцев кинини үлэҕэ ыҥырбыт. «Үлэбит сүнньүнэн биир сүрүн ирдэбилинэн уһун сындалҕаннаах айаҥҥа сатыы хаамыы буолар. Биһиги оччолорго аптека сэбиэдиссэйэ Антон Михайловичтыын күн аайы Ю хайаны дабайан хаамарбыт саҥа үлэбэр олус туһалаабыта. Онтон сайын устата сыыйа-баайы устудьуоннар, туристар бөлөхтөрө биир-биир кэлитэлээн, олору арыаллаан, маршруттары үөрэтэн маҥнайгы тургутууну бэркэ ааспытым. Оччолорго омук сириттэн туристар кэлиилэрэ үгүс этэ. От ыйа, атырдьах ыйдарыгар оннук, дьэ, үлэбэр сүрэхтэммитим. Барыта сонун, интэриэһинэй этэ. Ол үлэлии сырыттахпына Яков Семёнович «аны үөрэххэ киир» диэн 2000 сыллаахха Саха государственнай университетыгар үөрэххэ киирбитим. Кэтэхтэн үөрэнэн географ идэтин баһылаабытым үлэбэр улахан тирэх буолбута.

— Быһа түһэн эттэххэ, эдэр киһи инникитин ханнык идэни баһылыыра оҕо эрдэхтэн биллэр дииллэр дии. Дьэ эрэ, кыра Кеша Фёдоров туох үлэһит буолуон баҕарар этэй?
— Оо, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан олох кыайан быһаарымматаҕым. Ол эрэн санаам связист дуу, радиомеханик дуу идэлэригэр сытара.
Айан туһунан, араас кыыллар тустарынан биэриилэри көрөрбүн сөбүлүүрүм — «В мире животных», «Клуб путешественников» биэриилэри умсугуйан көрөрүм.
Оҕо эрдэхтэн диэҥҥэ… Кырдьык, кырабыттан үрдүк сирдэри, мырааннары адьас сыал-сорук туруорунан дабайарым. Олорор бөһүөлэкпититтэн 3 км кэриҥэ сытар Тэйэр Хайа диэн мырааны күн аайы уһаты-туора хаамар этибит. Оскуолаттан кэлээт, дьиэ ис-тас үлэтин — мас-муус киллэриитин бүтэрэ охсоот, дьэ, ол мырааҥҥа тахсарбыт. Үөһээ тахсан алларааны көрөрбүн сөбүлүүрүм.
Онтон 9-10 кылаастарга Өймөкөөҥҥө үөрэммитим. Эдьиийбитин батыһан убайбынаан онно көһөн тиийбиппит. Онно тиийэн аан маҥнайгытын үрдүк хайалары сөҕө көрдүм.
— Алаас оҕото…
— Алаас оҕото. Онно тиийэн «Хайаҕа тахсыбыт киһии!» диэн баҕа санаам туолбута.
Оскуола кэннэ киномеханик үөрэҕин бүтэрэн Усуйаана оройуонугар баран үлэлээбитим.

— Оттон Муомаҕа хаһан кэлбиккиний?
— Муомаҕа 1992 сыллаахха «Муома-Таас» тэрилтэҕэ көмүс ууһунан үлэлии кэлбитим. Сылтан ордук үлэлээн баран уурайбытым. Уопсайынан араас идэҕэ үлэлээбитим. Бороон көрөөччү, киномеханик, дизелист, бульдозерист, көмүс кууһа, кочегар…

— Дьэ, ол кэннэ пааркаҕа кэлэн, бэйэҥ миэстэҕин булан сүрдээх таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаҕын. Үлэҥ үлэ быһыытынан эрэ буолбакка, аны сүрдээх интэриэһинэй дьарыктааххын. Үлэҥ олоҕуҥ суолтата буолла.

Үгүс ааҕааччыларбыт Иннокентий Иннокентьевич сөбүлүүр дьарыгын билбэт буолуохтарын сөп. Ол курдук, Иннокентий Иннокентьевич хайалаах сир сэдэх көрүҥ лыахтарын тутан, ону чинчийиинэн дьарыктанар. Коллекциятыгар билигин 50-н тахса көрүҥ лыах баар. Бу сүрдээх элбэх сыраны, тулууру эрэйэр дьарык буолар. Бэрт интэриэһинэй үлүһүйүүгэ Иннокентий хараҕын Юрий Бережной Муомаҕа кэлэ сылдьан «хараҕын арыйбыт». Онтон ыла Иннокентий дьэрэкээн лыахтарга кутун туттарбыт. Лыахтары хайаҕа тахсан үргүлдьү тутаттаан киирэн барбат. Бэйэтэ анал болдьохтоох — бу ый маннык декадатыгар, маннык күҥҥэ, бачча бириэмэҕэ диэн барыта «инструкциялаах». Миэстэтэ — үрдүк хайалаах сиргэ. Холобура, Аммосов көрүҥэ лыах киһиэхэ мээнэ таба туттарбат. Хас да сыллаах эккирэтиһии, кэтэһии-манаһыы түмүгэ.
Ону таһынан Иннокентий Иннокентьевич Муомаҕа уйаланар уонна Муоманан ааһар көтөрдөрү чинчийэр. Онно эмиэ биллиилээх учуонай, доцент Альберт Аркадьевич Настюхин кэлэ сылдьан уһуйбут. Уопсайынан Муоматааҕы Аан айылҕа пааркатын сиригэр-уотугар төрүүр-ууһуур кыыллар, көтөрдөр, үүнээйилэр, үөн-көйүүр үгүс учуонайдар интэриэстэрин тардар эбит. Оннук ураты айылҕалаах дойдуга олоробут!

— Иннокентий Иннокентьевич, эн үлэҥ диэн… туристары арыаллааһын?
— Ол эрэ буолбатах. Үлэбит элбэх. Араас өрүттээх. Саамай түбүктээх кэм, биллэн турар, сайын туристар кэлиилэрэ.

Ону таһынан чинчийии үлэтэ. Аны кыһын тайахха аһылык бэлэмнээһинэ, онтубут эмиэ биир булгуччулаах ирдэбил.

— Тугунан сылдьаҕыт?
— Мин үксүн сатыы сылдьабын.

— Итиччэлээх уһаты-туора хаамыы кэннэ төһө сылайаҕын?
— Сылайан буоллаҕа. Ыйы быһа сатыы хааман кэлэн баран биир күн сылаабын таһааран утуйабын.

— Аскын сүгэ сылдьаҕын? Тугу аһыыгын? «Завтрак инспектора» туох киирэр эбитий?
— Рис куруппа, мокоруон…

— Мониторинг ыытаргыт буолуо дии. Ханнык кыыл элбээтэ, аҕыйаата?
— Кэнники тайах олох аҕыйаата. Эһэ элбээн тайах оҕолорун тутан иһэр.

— Арай өскөтүн «Иннокентий Иннокентьевич, дьэ, үйэ чиэппэрэ наар туристары арыаллаан кэллиҥ. Аны билигин «Баҕаҥ хоту талбыт сиргэр бар, кэрий» диэтэллэр ханнык сири-дойдуну талыаҥ этэй? Сафари… Саванна…
— Барбат инибин. Бэйэм пааркабын, Муомам айылҕатын ордоробун.

— Өссө эн хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэҕин. Уһун сыллаах үлэҥ түмүгэ, бу лыахтары мунньарыҥ таһынан, баһаам элбэх хаартыска, видеоматырыйааллар буолаллар.Олору барытын көрүҥнэринэн наардаан кэрэ бэйэлээх альбом оҥорон таһаардаргын сүрдээх кэскиллээх үлэ буолуо эбит ээ. Сатаатар брошюра. Олохтоох да дьон, учуонайдар да онон туһаныахтар эбит.
— Саҕалаабытым гынан баран, элбэх бириэмэни эрэйэр.

— Бэйэҥ ханнык дьыл кэмин ордороҕун?
— Сааһы. Саас айылҕа уһуктар, көтөр-сүүрэр элбиир. Көтөрдөрү кэтээн көрөбүн.
Өссө саас аайы кыталыктары кэтээн көрөбүн. Арай быйыл аҕыйахтар диэн бэлиэтии көрдүм. Ыстааннаах, Кумах Сыһыы, Быллаардаах — ити саамай сөбүлээн түһэр сирдэрэ буолар.

Дьэ, бу сүрэҕэ-дууһата сытар үлэтигэр бэриниилээх Иннокентий Иннокентьевич Фёдоров өр сыллаах үлэтин — коллекциятын кичэллээхтик харайа сылдьар. Омуна суох инспектор эрэ быһыытынан буолбакка, бу кини үгүс сыллаах кэтээн көрүүлэрэ, лыахтарын коллекцията бэйэтинэн научнай үлэҕэ тэҥнээх. Сэдэх көрүҥ коллекцияны хомуйууга үгүс сыра-сылба бараннаҕа. Ити лыахтарын хастыы да күн тулуурдаахтык кэтэһэн-манаһан тутар. Бэйэтэ хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэр. Баҕар, Муоматтан тардыылаах дьонтон биир эмит спонсор көстөн хаачыстыбалаах альбом оҥорон таһаараллара буоллар эдэр көлүөнэ экологтарга бэртээхэй үйэлээх бэлэх буолуо этэ.

Сэһэргэһээччим бу кэмҥэ билигин саамай үлэтин үгэнэ. Бүгүн Дьокуускай куораттан Биология институтуттан үөннэри-көйүүрдэри чинчийэр икки учуонайы көрсөн, кинилэри арыаллаан илдьэр.

Иннокентий Иннокентьевич «хамнас кыратыттан биһиэхэ эдэр дьон кэлбэттэр. Ирдэбилэ элбэх. Үлэтэ элбэх. Эт киһи сылайар үлэтэ. Ол эрэн туруоруммут сыалларын-соруктарын ситиспит, хас да сыл баҕа санаа ымыыта оҥостубут туристар истиҥ махтал тылларын истэр биһиэхэ туохтааҕар да үчүгэй. Киһи үөрүүтүгэр, кини баҕа санаатын ситиһэригэр күүс-көмө буолбуккун өйдүүрүҥ наһаа үчүгэй буолар! «, — диир.

— Биир дойдулаахтаргар тугу баҕарыаҥ этэй?
— Төрөөбүт дойдугутугар, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ. Экология дьиэҕит тэлгэһэтиттэн саҕаланарын умнумаҥ. Тыаҕа бардаххытына, бөххүтүн бэйэҕитин кытта төттөрү аҕалан быраҕаргытын үөрүйэх оҥостуҥ. Оҕолоргутугар эмиэ оннук үөрүйэхтэри иҥэриҥ.
Айылҕаҕа сылдьыҥ. Киһи кэрэхсиир кэрэтэ айылҕаҕа баар. Кэрэни көрөр киһи агрессията сүтэр. Айылҕа эмтиир, уоскутар, күүс-сэниэ иҥэрэр. Саҥа аартыктары арыйыҥ.

Иннокентий Иннокентьевич үлэтигэр инникитин туох былааннааҕын ыйыппыппар, киһим хап-сабар хардара оҕуста: «Өссө икки көрүҥ лыах туппут киһи диэн баҕалаахпын. Былырыын Таас Үрэххэ туттаран баран мүччү-хаччы куотан хаалбыта. Ол сыалбын ситиспит киһи.
Уонна бу сайын от ыйыгар Улахан Тарыҥынан маршрут бэлэмнээтибит. Ону таһынан «Балаҕан Таас» умуллубут булкааҥҥа олохтоохтору сатыы туурга ыҥырабыт.

Манна даҕатан эттэххэ, бу саас «Балаҕан Таас» булкааҥҥа сүүрбэччэ олохтоох турист бара сылдьан олус астынан кэлбиттэрэ, салайааччыга Саргылана Ивановнаҕа, инспектордарга, суоппардарга улахан махталларын биллэрбиттэрэ. Онно чуолаан бүгүҥҥү геройум — Иннокентий Иннокентьевичка үгүс махтал сылаас тыллара этиллибиттэрэ. Кини хас биирдии туристка подход булан үлэлэһэр, мотиватор быһыытынан санааларын көтөҕөр. Ити эмиэ үгүс сыллаах үлэ түмүгүн бэлиэтэ буолар.

 Онон бу үүммүт сайын Муоматааҕы Аан айылгы пааркатын үлүскэннээх үлэ кэтэһэр. Оройуоммут аатын ааттатар тэрилтэ үлэһиттэригэр салгыы таһаарыылаах үлэни, туристарга саҥаттан саҥа дабайыылары баҕарабыт. Төрөөбүт дойдугут устун айаннааҥ, паарка олохтоохторго анаан маннык кыаҕы биэрэрин хото туһаныҥ диэн этэбит.

Валентина Старостина