Ааттыын Победа буоллахпыт

Ийэ айылҕа барахсан ситиэҕинэн ситэн, тупсуоҕунан тупсан турар кэмигэр, бэс ыйын 21 күнүгэр оройуоммутугар Үрүҥ тунах ыһыаҕа ыһылынна.Ыраахтан чугастан ыҥырыллан, аймах-билэ дьон түһүлгэлээн түмсэн,  Ыһыах былыр былыргыттан сомоҕолуур, или, эйэни түстүүр күүстээх. Ыһыах аһыллыытын сиэрэ-туома, культурнай чааһа бэрт сэргэхтик ааста. Күн иккис аҥаарыгар ыһыах түһүлгэтигэр мустубут дьон болҕомтотун «Хотугу Уолан- 2024» быыппастар быһый быччыҥнаахтар күөн күрэстэрэ тарта. Күрэх уонтан тахса оскуола уолаттарын түмтэ. Индигир нэһилиэгиттэн бөҕөстөрбүт: Артем Никулин, 9 кылаас, Дима Слепцов 7 кылаас, Антон Черов 8 кылаас үрдүк көрдөрүүлээхтик кытыннылар.

Уол оҕону эт- хаан өттүнэн сайыннарыыга, билии — көрүү өттүнэн сайдыытыгар саха төрүт оонньуулара өбүгэ мунньубут духуобунай баайа буоларын хаһан да умнарбыт табыллыбат.

Уолаттарбыт саха төрүт оонньууларыгар:
тутум эргииригэр ,ойбонтон уулааһыҥҥа, өһөс торбос, ону сэргэ үрдүгү ыстаныыга күөн көрүстүлэр. Манна кими да туораппакка, ыалдьыт, табаарыс диэбэккэ, ким туох көрүҥҥэ дьоҕурдааҕынан кыттан, кыайыы өрөгөйүн ситиһэн, муҥур кыайыылааҕынан Артем Никулин, 9 кылаас үөрэнээччтэ ааттанан үөрүүтэ үксээтэ.

Эдэр ыччакка чэгиэн чэбдик олоҕу көҕүлүүр, сырдыкка кэрэҕэ дьулууру үөскэтэр , инникигэ кэскиллээх уолаттарбытын Артему, Диманы, Антону кыайыыларынан эҕэрдэлиибит! Ситиһиилээх, күүстээх санаалаах, мындыр толкуйдаах, киэҥ көҕүстээх буолуҥ, хотугу Уоланнарбыт! Ити курдук, Индигир нэһилиэгиттэн төрүттээх уоланнарбыт күрэхтэһии аайы кыттаннар өрүүтүн кыайыы кынаттаах кэлэллэрэ биһигини үөрдэр, ааттыын Победа буоллахпыт.

 Светлана Сэнд