“Эҥин бэйэлээх үөрэх кыһата баарын үрдүнэн,
үчүгэй аҕата суох
үчүгэй иитии суох.”
Н.М. Карамзин,нуучча суруйааччыта уонна историга
Дьиэ кэргэн хаһан да бараммат түбүктээх олоҕор эр киһи айылҕаттан боотурдуу күүһэ-уоҕа, күүрээннээх күдэҕэ, ыллыктаах өйө, көҕө, дьаһала мэлдьитин наада. Киһи эрэ барыта хаамтарар, хамсатар күүстээх дьиҥнээх аҕа буолбат. Оҕотун кыһаллан ииппит, адьас кыһыл эрдэҕиттэн кини уратылаах минньигэс сытын- сымарын эт муннунан сытырҕаабыт, кинини киһи-хара оҥорбут, оҕо кыһалҕата диэн тугун-ханныгын тус бэйэтин этинэн-хаанынан ситэри билбит эр киһи дьиҥнээх аҕа диэн үрдүк ааты сүгүөн сөп. Оҕо диэн, дьэ дьикти уонна кэрэ киһи. Ол кырачаан киһи дьиҥнээх аҕаҕа сүрэхтэн сөллүбэт дьылҕата, быстыспат сорҕото буолан хаалар.
Быйыл оройуоммутугар Аҕа сыла биллэриллэн, араас тэрээһиннэр бу бэлиэ сылга ананаллар. Сааскы ыйга оройуон аҕаларын түмсүүтүн мунньаҕар улууска оҕо иитиитигэр үлэлэһэр элбэх оҕолоох ыал аҕата Александр Слепцов ыллыктаах тыллара дьон болҕомтотун тарпыта. Александр Васильевич хаһыаппыт ааҕааччыларыгар олоҕун туһунан, оҕоҕо аҕа оруолун анааран бэйэтин санаатын үллэстэр.
Александр Васильевич, бэйэҥ тускунан ааҕааччыларга билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн.
— Мин Муома оройуонун Индигир нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Индигир 8 кылаастаах оскуолатыгар үөрэммитим, онтон Муома орто оскуолатын бүтэрбитим. Бииргэ төрөөбүттэр ахсыа этибит. Аҕабыт Василий Иванович Слепцов – булчут. Ийэбит Варвара Николаевна эдэр сылдьан ыстаадаҕа, онтон уһуйааҥҥа пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. Аҕабыт оттуу сылдьан олус эрдэ суох буолбута, мин оччолорго 22 саастаах этим. Ол кэмҥэ түөрт бииргэ төрөөбүттэр оскуоланы бүтэрбиппит.
Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан быраас буолар баҕа санаалаах этим. Ол баҕа санаабынан чымадааммын туппутунан Хабаровскай куоракка мединститукка туттарсан киирбитим, онтон дойдубун олус ахтан икки табаарыспын кытта төннөн кэлбиппит. Аҕам кыыһыран хотоҥҥо субан сүөһүнү көрөр үлэҕэ киллэрбитэ. Ол кэннэ армияҕа барбытым. Приморьеҕа Владивосток-Уссурийск аттыгар сулууспалаабытым. Армияҕа сылдьан партияҕа киирбитим,сержант буолбутум. Төннөн иһэн Владивостоктааҕы мединститукка туттарсан киирбитим. Онтон дойдубар кэлэн, онно төннүбэтэҕим. Онон быраас буолар баҕа санаам олоххо киирбэтэҕэ. Аҕам уолаттарга кытаанах этэ, Хонууга баран үлэлээ диэбитэ. Хонууга убайым Николай Иванович Слепцов математика учуутала этэ, кини салалтатынан физика лаборанынан икки сыл үлэлээбитим. Онон 1986 сыллаахтан оскуолаҕа үлэлиир эбиппин. Онтон үөрэнэр баҕа санаам кыһарыйан, СГУ историческай факультетыгар олох үчүгэйдик туттарсан киирбитим. Муома орто оскуолатыгар үөрэнэр кэммэр историяҕа учууталларым Антонина Германовна, Евдокия Михайловна дириҥ билиини биэрбиттэрэ тута биллибитэ, киирии баалым үрдүк этэ. Антонина Ильинична Никулина нуучча тылыгар олус үчүгэйдик үөрэтэн, биэс сыл да аастар, дьыктааны 4-5 сыанаҕа суруйан тутар комиссияны соһуппутум, Муомаҕа чаҕылхай көрдөрүүлээх учууталлар бааллар эбит диэбиттэрэ. Ол эрээри бу үөрэхпэр салгыы үөрэммэтэҕим, аҕам суох буолбутугар дьоммор көмө буолаары төннүбүтүм. Биир сыл Буор Сыһыыга оскуолаҕа “воспитатель продленного дня” диэн идэнэн оҕолору бары өттүнэн дьарыктаабытым. Бу кэмҥэ мин оскуолаҕа сыһыаннаах идэлээх буолабын диэн өйдөөбүтүм. Инньэ гынан чуолкай быһаарыныылаах Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа алын сүһүөх кылаас учууталын идэтигэр үөрэххэ киирбитим, миигин кытта быраатым Дмитрий ахсыс кылаас кэннэ түттарсан үөрэммитэ.1991 сыллаахха идэлээх учуутал буолан, Индигир орто оскуолатыгар түөрт сыл үлэлээбитим, биир кылааһы таһаарбытым. Онтон Төбүлэххэ биир сыл учууталлаабытым. Ол кэннэ Суон Тииккэ баар алын сүһүөх оскуолаҕа үлэбин саҕалаабытым, манна олоҕум аргыһын кэргэммин, уһуйаан үлэһитин Надежда Прокопьевнаны кытта билсэн ыал буолбутум. Суон Тиит оскуолатыгар оҕолору үөрэхтэн ураты, хайыһарга, дуобакка, саха остуолун оонньууларыгар, кэлин теннискэ дьарыктаабытым. Оҕолор дьарыгым түмүгүн көрдөрөн барбыттара, араас күрэхтэргэ бириистээх миэстэҕэ тиксэллэрэ. Оччолорго уолаттар үксүн тустуунан үлүһүйэллэрэ (тренер Нь.Е.Слепцов), ол иһин мин кыргыттартан саҕалаабытым. Суон Тиит оскуолата 2017 сыллаахха сабыллан, Муома алын сүһүөх оскуолатыгар оҕолор үөрэнэр буолбуттара, мин эмиэ кинилэри батыһан манна үлэлиир буолбутум. Кэлин оҕо спортивнай оскуолатыгар (ДЮСШ) теннис тренеринэн көспүтүм, билигин ыччаты спорка уһуйабын. Бэйэм түөрт оҕолоохпун: бастакы оҕом Коля, онтон кыыһым Юля, салгыы Кирилл кэлэр, кырабыт Ангелина. Бары оскуоланы бүтэрэн билигин устудьуон, үлэһит дьон.
Саҥа төрөөбүт оҕону үксүн ийэ көрөр. Оттон аҕа оҕону кытта алтыһыыта хаһан саҕаланар?
— Оҕолорум дьиҥ төрүөхтэриттэн ыла ыкса алтыһар этим. Бастакы оҕобун куруук көтөҕө сылдьарым. Убайа Вася “чороон” диэн ааттыыр этэ. Оччолорго икки симиэнэнэн Суон Тиит оскуолатыгар үлэлиирим. Үлэм кэннэ тута оҕобун кытта кэпсэтэр, ырыа ыллыыр, ийэтигэр көмөлөһөн көрсөр этим. Оҕону иитээри төрөтөр буоллахпыт, ол иһин төрөппүттэр икки өттүттэн көрөллөрө ордук. Оҕолорбун барыларын кыра эрдэхтэриттэн балыкка, булка батыһыннара, биэликкэ олордон ханна барарбынан илдьэ сылдьарым, араас дьарыкка, күрэхтэһиилэргэ көҕүлүүрүм.
Оҕолоргутун иитэргитигэр кэргэҥҥин кытта уопсай санааны тутуһар буоллаххыт. Ол туһунан кэпсии түс.
— Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ биир киһи оҕону мөхтөҕүнэ, иккис кыттыспат диэн сүбэлэспиппит. Оҕо баарына, истэригэр көмүскэспэккин. Оннукка кини буорту буолар. Мөҕүллэр буоллаҕына мөҕүллэр, хайҕанар буоллаҕына хайҕанар. Аны олус мөҕөр куһаҕан, быһааран, көрдөрөн биэрэр ордук. Мин оҕолорбун күүскэ мөхпөтөҕүм. Наар мөҕүллэр оҕо сыыһа туттар буолар, син биир сатаабаппын диэн бэйэтигэр эрэммэт.
— Оҕолорбут кыыс үлэтэ, уол үлэтэ диэн арахсыбаттар. Дьиэҕэ уочаратынан ас астыыллар, иһит, муоста сууйаллар. Оҕоҕо бэлэм эппиэттэри биэрэр сыыһа. Кини көрөн үөрэнэр. Үлэҕэ оҕону тэҥҥэ сырытыннарыахха наада. Кини улаханнык сылайбат, бэйэтигэр эппиэтинэс биэрэн сөптөөх үлэни аныыгын, маны бүтэрэҕин диэн этэҕин.
— Оҕолору чиэһинэй буолуҥ диэн этэбит. Хайдах баарына, араас биричиинэни толкуйдаабакка этэр ордук. Оҕону албынныыр куһаҕан. Эппит тылгар турар ордук. Оччоҕо оҕоттон ирдииргэ да үчүгэй. Уоннатоҕолорго усулуобуйа туруорбаппын, эйиэхэ маны оҥордум, эн эмиэ маны оҥор диэн. Онтон сылтаан оҕо тутулуктаах буолар. Мин оҕолорум миигиттэн тутулуктара суох, көҥүллэр. Сыыһар буоллахпына, эһиги эмиэ этиэхтээххит, көннөрүҥ диибин.
Хаһан “мин аҕабын” диэн өйдөөбүккүнүй? Оҕобун атаҕар туруоруохтаахпын диэн санаа хаһан киирбитэй?
— Уолум төрөөбүтүгэр тута өйдөөбүтүм. Уол буолар диэн сэрэйбитим, түүлбэр наар быһах көстөр этэ. Оҕону куруук көрө сылдьыахха наада. Оҕо төрөөтө да, мин бу оҕону улаатыннарабын, киһи гынабын диэн өйдөөн ылсар ордук. Уолу батыһыннара сылдьан, сааһынан көрөн эр киһи үлэтигэр сыһыаран иһэр үчүгэй. Ону кэлин көрөргө да ордук. Тыаҕа куобаҕы, куһу ыттахха, уол оҕо тэҥҥэ сылдьан элбэххэ үөрэнэр. Билигин уолаттарым миэхэ көмөлөрө улахан, булка да, окко да тутаах дьонум.
Аҕа уол оҕону иитэригэр кини кэлин эмиэ ыал аҕата буолуохтааҕын учуоттуур, оттон кыыс оҕону иитэригэр кини кэлин хайдах эр киһиэхэ кэргэн тахсарын түстүүр, кэнэҕэски аҕа идеалын олохтуур диэн өйдөбүл баар. Уолаттаргар, кыргыттаргар сыһыаныҥ хайдаҕый?
— Уолаттарбын уол-уол курдук тутабын. Кыргыттар син биир атаахтыыллар, ордук элбэх болҕомто көрдүүллэр. Ону уолаттар эмиэ билиэхтээхтэр, кыыс ураты диэн, сыһыан эмиэ болҕомтолоох буолар диэн.
Олох сыаннастарыттан оҕолоргор ордук ханныктары иҥэрэҕин?
— Үлэнэн иитии. Киһиэхэ үтүө сыһыан. Киһи киһи буолуохтаах. Аҕам саастаах дьоҥҥо убаастабыллаах сыһыан. Эдэр киһи кырдьаҕас киһиэхэ бастаан илиитин уунуохтаах. Оҕону бэрээдэккэ,эппиэтинэстээх буоларга үөрэтэбин. Спорка сыһыарыы. Дьарыктаах буоларга иитии. Оҕо төбөтө иччитэх буолуо суохтаах, дьарыктаах, тугу эрэ интэриэһиргиирэ сөп. Төрөппүт киһи оҕотун чугастык билэр. Онон көрөн сөптөөх дьарыкка биэрэрэ ордук.
— Оҕо аҕатын кытта тэҥҥэ дьарыктанара, тугу эрэ бииргэ оҥороро олус үчүгэй. Оҕо сөбүлүүр дьарыгын
аҕа сатыыр буоллаҕына, оҕоҕокүүстээх өйөбүл биэрэр. Аҕатынан киэн туттар, харыс үрдүү түһэр. Мин тугу сатыырбын оҕолорбор тиэрдэ сатыырым. Кинилэр төрдүөн тенниһинэн дьарыктаммыттара, дуобакка оройуон чемпионнара буола сылдьыбыттара. Дьиэҕэ очко ааҕа-ааҕа оонньуур этилэр. Уолаттар хайыһардаабыттара.
— Хамсаныы олус туһалаах. Оҕолорум сатыы, белигинэн сылдьаллар. Таһырдьа оҕо сүүрэ-көтө сылдьарын көрөр олус үчүгэй. Билигин оҕолор телефоҥҥа олороллор дииллэр. Ол эрээри сыстар оҕо телефоҥҥа сыстар эбит.
Улахан уолгун Коляны чемпион оҥорор санаалаах этиҥ дуо?
— Суох. Бэйэтин кыанар, дьарыктаах буоллун диэн санааттан спорка сыһыарбытым. Атыҥҥа аралдьыйбатын диэн. Оҕо подростковай сааһыгар олус уларыйар. Интэриэһэ уларыйыан сөп. Ити кэмҥэ куоттарымыахха,тута сылдьыахха наада. Уолбун Коляны 4-5 сааһыттан спортзалга илдьэ сылдьар этим, ол иһин уолум спортзалтан атыҥҥа аралдьыйбатаҕа. Уолум билигин ситиһиилээх спортсмен. Коля оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, Кытайга теннискэ дьарыктана сайын иккитэ баран кэлбитэ. Төрөппүт өйдөөн, оҕону сайыннара араас сиргэ, күрэххэ ыытара олус туһалаах. Оннук араас сир тэрээһиннэригэр сылдьан оҕо хараҕа арыллар, сайдар, киэҥ көрүүлээх, толкуйдаах буолар. Коля үөрэҕин бүтэрэн, оҕолору теннискэ дьарыктыам диэн санаалаах дойдутугар кэлбитэ. Кини спорт дьаныардаах суолун бэйэтин этинэн-хаанынан билбит киһи, ол иһин оҕолору хайдах дьарыктыыры билэр, ол үөрэҕин тиэрдэр санаалаах.
Оҕолоруҥ каникул кэмигэр таах сыппакка үлэлии сылдьаллар. Ити бэйэлэрин баҕалара?
— Бэйэлэрэ баҕаран туран үлэлииллэр. Дьиэҕэ таах сатаан сыппаттар. Оҕо үлэлии үөрэнэрэ ордук. Үлэлээн буорту буолбут киһи суох.
Аныгы үйэҕэ харчы улахан оруолу оонньуур. Харчыга сыһыаҥҥыт хайдаҕый?
— Харчыны наһаа үрдүккэ туруорбат этибит. “Не имей сто рублей, а имей сто друзей” диэн өс хоһооно этэрин курдук элбэх доҕордоох быдан ордук. Оҕо харчыны сөптөөхтүк туһана үөрэниэхтээх. Бэйэҥ наадаҕын харчыга атыыластахха сөп. Ол эрээри харчылаах буолуохтааххын, харчыны сатаан өлөрүөхтээххин, ону сатаан туттуохтааххын диэн сүбэлиибин. Дьол харчыга сыппат. Киһи киһиэхэ киһилии сыһыана үрдүктүк турар.
Ийэ киһи дьиэ кэргэҥҥэ оруола тугуй?
— Ийэ дьиэ иһинээҕи эйгэни,ауратын оҥорор. Аҕа туох наадатын бэлэмниир, хааччыйар.
Билиҥҥи оҕо уон сыл анараа өттүнээҕи оҕоттон атын дуо?
— Оҕо барыта биир. Билиҥҥи оҕо биһиги саҕанааҕы оҕоттон атына суох. Олох хаамыытынан, сайдыытынан эрэ уратылаахтар.
Оҕолоргунан киэн туттуу, кыһамньым түмүгэ бу баар диэн хаһан өйдөөбүккүнүй?
— Үөрэнэн киирэн, дьарыктанан барбыттарыгар… Дьон оҕолорум үчүгэй өттүн кэпсээтэхтэринэ, кыраны да эттэхтэринэ (уолуҥ кэлэн илии тутуста, кыыһыҥ бу маннык көмөлөстө диэн)сөпкө салайан эрэр эбиппин диэн өйдүүгүн. Туора киһи оҕолоргун хайҕаатаҕына, төрөппүт олус астынар.
Оҕону кытта төрөппүт бэйэтэ үөрэнэр диэн баар…
— Оҕолорум элбэххэ үөрэттилэр. Дьарыктыыр оҕолорбор сыһыаҥҥа, аныгы олоҕу көрүүгэ. Оҕо баар буоллаҕына, төрөппүт бэйэтин бэрээдэктэнэр, эппиэтинэстээх буолар.
Эдэр аҕаларга сүбэҥ.
— Сүбэм диэн оҕону саҥа төрүөҕүттэн иитэр ордук. Элбэхтэ кэпсэтиҥ, оҕоҕо кэпсэтии быдан элбэҕи биэрэр. Бэйэҥ холобургунан иитии саамай сөп, оҕону илдьэ сылдьан, көрдөрөн үөрэтиэххэ сөп. Наар үөрэтэр, бэлэм эппиэттэри биэрэр эмиэ сөбө суох. Аҕа туох баар өйүн-санаатын, сатабылын оҕотугар ууруохтаах. Сыалыҥ үрдүк буолуохтаах. Аныгы аҕа олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр буолар.
Эр киһи дьоло тугуй?
— Бэйэтин олоҕо, онно барыта киирэр: дьиэ кэргэниҥ, оҕолоруҥ, уопсастыбаҕа хайдах үлэлээбитиҥ, сыһыаныҥ. Олоххо миэстэҕин хайдах булбутуҥ. Дьоҥҥо туһалаах буолуу – олоҕуҥ анала. Киһи олоххо анала
– миэстэтин булуу. Хайдах олоххун олороруҥ бэйэҕиттэн тутулуктаах. Үөһэттэн олоххо ананан кэлбит
аналгын сөпкө толоруу. Мин дьиэ кэргэмминэн дьоллоохпун.
Александр Васильевич оҕолорун иитиитигэр эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспыта билигин тута харахха быраҕыллар. Оҕолор олус дойдумсахтар, дьиэлэригэр сылын аайы кэлэ тураллар. Төрөппүттэрин сүбэлэрин барытын ылынан, үтүө дьон буола улааттылар. Аҕатын туйаҕын хатаран улахан уол Коля — үрдүк ситиһиилээх теннисист, өрөспүүбүлүкэ чемпиона, Муома оҕолорун теннискэ дьарыктыыр тренер. Аҕатын идэтин утумнаан Кирилл Бүлүү педучилищетыгар алын сүһүөх кылаас учууталыгар үөрэнэ сылдьар. Юлия саха уонна английскай тыл учууталын үрдүк үөрэҕин быйыл бүтэрдэ, Ангелина Бүлүүгэ психолог-логопедка үөрэнэр.
Аҕа дьолугар киһи барыта тиксибэт. Оҕолорун сиэр-майгы үрдүк көрдөбүллэригэр туһаайан бэлэмнээбит аҕа дьоллонор. Оҕолорун тустарыгар ахсаабат болҕомтону, кыһалҕаны анаабыт аҕа дьоллонор. Кырдьар сааһыгар, кыаммат кэмигэр кини оҕолоруттан эмиэ соччолоох болҕомтоҕо, иһирэх сыһыаҥҥа тиксэр.
Татьяна Данилова